Ырыа Маарыйа төрөөбүт Тылгынытыгар сылдьар курдук сананна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

76 саастаах Мария Степановна Васильева Бүлүү улууһун Тылгынытын айар бөлөҕүн састаабыгар киирсэн, бу күннэргэ Дьокуускайга кэлэн, биир дойдулаахтарын кытта гостуруоллаан барда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Сааһым тухары холкуоска, сопхуоска ыанньыксыттаабытым. Ыччаттары кытта тэҥҥэ сылдьар буолан, кырдьаҕас курдук санаммаппын. Оҕолорбун кытта тэҥҥэ гостуруоллуубун. Мин сэбиэскэй кэминээҕи былыргы ырыалары ыллыыбын. Онон дьон-сэргэ: «Оҕо уонна эдэр сааспытын санатар ырыалары ыллаан, дууһабытын сылаанньытаҕын», — диэччилэр. Сыана бэтэрээнэ буолан, кулуубум сайдыытыгар сэмэй кылааппын киллэрэ сылдьабын. Былырыын кэлэн кэнсиэрдээн, кулууппутугар муусука тэрилин ылбыппыт, — диэн кэпсиир Ырыа Маарыйа.

Мария Степановна биэнсийэҕэ тахсаат, иистэнэн барбыт. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, Ырыа Маарыйа эбэлэр «Иэйиэхсит» түмсүүлэригэр сылдьан, дьүөгэлэрин кытта иистэнэр. Норуот маастара сахалыы куттаах буолан, оҥоһуга барыта сахалыы тыыннаах.

— Бу маннык сиэдэрэй үтүлүктэри, суумкалары атыылаан, эбии харчы киллэринэҕин дуо? — диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим:

Мин атыыга буолбакка, оҕолорбор иистэнэбин. Үс кыыстаахпын, биир уоллаахпын, тоҕус сиэннээхпин, үс хос сиэннээхпин. Онон оҕолорбун барыларын сахалыы таҥыннарабын, — диэн кэпсиир Ырыа Маарыйа.

Киһи кэрэхсиэҕэ, Мария Степановна хас биирдии оҕотугар уонна сиэнигэр таҥас кырадаһынынан көбүөр тигэр эбит. Ол оҥоһуга барыта анал сюжеттаах. Холобура, сиэнэ ыал буолбутугар, саха ыалын тиэргэнин, дьол чороонун ойуулаан оҥорбут. Онно кыахтаах саха ыалын тиэргэнэ ойууламмыт. Ийэлэрэ уонна эбээлэрэ алгыстаах көбүөрдэрин оҕолоро олус харыстаан, саамай көстүүлээх сиргэ ыйыыллар эбит. Ол аата,  аныгы муода буолбут фен-шуй курдук «баҕа санаа» көбүөрэ уйгулаах олоҕу тарда турар. Ырыа Маарыйалыын кэпсэтэ турдахпытына, кини биир дойдулаахтара, Тылгыныттан төрүттээх онколог-быраас Феодосия Иванова уонна потребуопсастыба салайааччыта Раиса Васильева кэлэн, Мария Степановна үлэлэрин сэргии көрдүлэр, дьон-сэргэ олоҕун ыйыталастылар.

Мин куоракка кэлэрбин наһаа сөбүлүүбүн. Тылгыныттан тэйбиттэрэ ырааппыт, куоракка олорор  дьүөгэлэрбин, кинилэр оҕолорун кытта көрсөн олуһун үөрэбин, — диэн санаатын үөрэ-көтө үллэстэр мин сэһэргэһээччим. Кэнсиэр кэнниттэн дьон тарҕаһаары туран, Мария Степановнаны ахтыбыттыы кууһан ааһаллар. Буолумуна, Ырыа Маарыйа курдук сир түннүгэ дьон баар буолан, төрөөбүт түөлбэ ахтылҕана күүстээх буоллаҕа.

Салгыы маны көр.

Бүлүү Тылгынытын дьоно төрөөбүт нэһилиэктэригэр дьоһун бэлэҕи ууннулар

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0