Ыччат парламенын Антон Васильев салайар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

2019 сыллаахха Ыччат парламена тэриллибитэ. Ити кэмҥэ сүүрбэччэлээх Антон үөрэҕин кытта ыччат көхтөөх олоҕун дьүөрэлии тутара. Ити сыл кини Ыччат парламеныгар чилиэн быһыытынан киирбитэ, 2021  сыл тохсунньутугар бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Бүгүн Антон Васильевы кытта кэпсэтиини билиһиннэрэбит.

– Бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

– Дьокуускай куорат Мархатыттан төрүттээхпин. 2016 сыллаахха Дьокуускай 1-кы №-дээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. 2021  сыллаахха ХИФУ устуоруйаҕа факультетын кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Билигин магистратураҕа политология хайысхатыгар үөрэнэбин. Сааһым 23, үөрэнэрим таһынан ыччат бэлиитикэтигэр уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын.

– Сааһыҥ олох эдэр эбит. Ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр хаһан кэлбиккиний.

– 2014 сыллаахха. Бастаан Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин управлениетыгар көхтөөх актыбыыс быһыытынан киирбитим. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ, куорат  таһымнаах араас улахан тэрээһиннэри тэрийбиппит. Ол курдук, «Арт-Квадрат”, өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сэлэлээн хаамыы, “Ыччат күнэ”, о.д.а. Ыччат парламеныгар бас­таан чилиэн быһыытынан үлэлэспитим, онтон икки ый буолан баран судаарыс­тыбаннай тутул уонна со­­куону оҥорор кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн, 2020 сыл балаҕан ыйыттан Ыччат парламенын бэрэссэдээтэ­лин солбуйааччынан, эһиилигэр бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Маны таһынан, “Саха” НКИХ  иһинэн 2020 сылтан ыччакка аналлаах биэриилэр продюсердарынан үлэлиибин. Ити иннинэ 2017-2018 сс. “Я – молодой” диэн биэрии ыытааччыта этим. Ону сэргэ, 2018-2020 сылларга ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойуус­тарын бэрэссэдээтэлин солбуйаач­чытынан үлэлээбитим.

Мин саныахпар, киһи олоххо, үөрэххэ барытыгар көхтөөх буолуохтаах. Маны таһынан, Ыччат парламеныгар үлэлээбит үс сыл сылым устата Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэтин нөҥүө сокуон уларыйарыгар этии киллэрэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлэһэ сылдьабыт. Бу кэм иһигэр Ыччат парламена биэс сокуоҥҥа этии киллэрбитэ учуоттанна. Патриотическай иитии туһунан сокуон  уопсастыбаннай көҕүлээһин таһымыгар тахсан олоххо киирдэ. Ону сэргэ босхо юридическай көмө туһунан сокуон Ил Түмэн бастакы ааҕыытыгар бэлэмнэнэн сылдьар. “Эдэр исписэлиистэр”, “Ыччат парламенын” сокуонун бырайыага  уонна “2020-24  сылларга  хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” уонна “ОДьКХ өҥөтүн хаачыстыбатын тупсарыы” диэн эдэр дьиэ кэргэни дьиэнэн-уотунан хааччыйыы  туһунан  сокуон бырайыактара бэлэмнэнэ сылдьаллар.

– Ыччат эйгэтигэр сыстан үлэлэспитиҥ ырааппыт эбит. Үөрэххин, үлэҕин, уопсастыбаннай олоҕу хайдах дьүөрэлии тутаҕын?

– Хас киэһэ ахсын олорон үлэбин, үөрэхпин барытын былаан­нанабын. Уһун кэмнээх былааннарбын сааһылаан, көннөрөн биэрэбин. Оттон кылгас болдьохтоох, түргэнник оҥоһуллуохтаах дьыалаларбын чопчу­лаан, чуолкайдаан биэрэбин. Тоҕо диэтэххэ, аныгы, түргэн тэтимнээх олоххо киһи былаана суох бириэмэтин аттарынара уустук. Күннээҕи соруктары сааһылаан киһи инники хардыытын торумнуур. Сатаан былааннанар буоллахха, киһи элбэҕи дьүөрэлии тутар кыахтаах дии саныыбын.

– Ыччаты патриотичес­кай иитии тула тус са­­нааҥ. Патриотизм диэн тугуй эн санааҕар?

– Ыччаты патриотическай, ол эбэтэр дойдуга бэриниилээх буолууга  иитэргэ биир уопсай көрүҥ баар буолуохтаах. Ол курдук, ыччат уопсастыбаннай түмсүүлэрэ биир сомоҕо буолан үлэлэһиэхтээхтэр. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн патриотизмы сайыннарар сыаллаах бырайыактары сааһылаан биир улахан кэнсиэпсийэ оҥоруохха наада. Патриотизм диэн аҥаардас байыаннай эрэ тиэмэлээх диэн өйдөбүлтэн туораан, маны киэҥник көрүөххэ наада. Патриотизм диэн биир улахан иитэр үлэ эйгэтин хайысхата буолар. Ити бэйэтэ хас да хайысхалардаах, ол курдук духуобунай-нравственнай, устуоруйа-кыраайы үөрэтии, гражданскай-патриотическай уонна социальнай-бэлитиичэскэй о.д.а.

– Эн санааҕар, ыччат бэлии­­тикэтэ диэн тугуй. Ыччакка билигин маннык бэ­лиитикэ төһө нааданый? Холобур, тыа сирин ыччатын ылан көрүөххэ.

– Ыччат бэлиитикэтэ диэн судаарыстыба ыччаты кытта үлэлэһэр методиката буолар. Ити хас да хайысхалаах. Холобур, ыччат сыалларыттан саҕалаан инфраструктуратыгар диэри ааттыахха сөп. Мин көрүүбэр, ыччат инники олоҕо хайдах буоларын ситэри өйдөөбөт, билбэт курдук. Ол эрээри кини ыччат бэлиитикэтин ситэри өйдөөбөт, билбэт диир эмиэ сыыһа. Хас биирдии ыччат, кини куоракка да олордун, улууска да баар буоллун, бэйэтин инникитин көрүөхтээх. Ити кини хайдах усулуобуйаҕа олороруттан уонна инникитин хайдах олоруон баҕарарыттан тахсыахтаах. Ону судаарыстыба, ыччат бэлиитикэтэ  ыччат инникитин көрүнэригэр, сайдарыгар төһүү күүс, өйөбүл буолуохтаах.

– Бэйэҥ инникигин хайдах көрөҕүн?

– Соторутааҕыта биир улаханнык ытыктыыр киһим миэхэ эмиэ маныаха маарынныыр  ыйытыы биэрэн турардаах. Онуоха уһуннук толкуйдаабытым уонна, билигин олохтоох үлэлээхпин, уопсастыбаннай ноҕуруускалаахпын, магистратураҕа үөрэнэбин, итиннэ күүскэ үлэлэстэхпинэ, инниким син ырылыйан көстөн иһиэ диэн эппиэттээбиппэр, ытыктыыр киһим “саамай сөпкө эттиҥ” диэн хайҕаабыта.

– Сөбүлүүр айымньыларыҥ, сүгүрүйэр суруйааччыларыҥ. Бүтэһик кэмҥэ тугу саҥаны аахтыҥ.

– Бу соторутааҕыта Платон Ойуунускай «100 cыллаах улуу былаанын» уонна Өксөкүлээх Өлөксөй «Интэлигиэнсийэҕэ суругун” уонна “Ойуун түүлэ” диэн бөлүһүөктүү айымньытын умсугуйан аахтым. Оттон сөбүлүүр суруйааччым элбэх. Үгүс суру­йааччылары хатылаан ааҕабын. Ардыгар оннук хос ааҕартан киһи ылыныыта, толкуйа уларыйар. Ф.Достоевскай, Л.Толстой айымньыларын сөбүлүүбүн. Атын дойду суруйааччыларыттан Чарльз Диккенс, Артур Конан Дойл, Дэйл Карнеги астынабын. Бэйэм устуоруйа уонна политология хайысхалаах идэлээх буоламмын, В.Ключевскай, Артур Шопенгауэр, Ф.Бэкон, Аристотель, Сунь Цзы, Самюэль Хантингтон үлэлэрин ааҕарбын сөбүлүүбүн.

– Олоххо тутуһар санааҥ.

– Мин санаабар, туох баар кыһалҕаны хаачыстыбалаах коммуникациянан, ол эбэтэр култуурунай, бэйэ-бэйэҕэ аһаҕас, тулуурдаах, эйэҕэс, убаастабыллаах сыһыанынан быһаарыахха сөп. Бастатан туран, дьон бэ­­йэ-бэйэлэрин истэ үөрэниэн наада. Мин сыалым-соругум – дьон икки ардыгар ытыктабыл­лаах, эйэ­ҕэс, култуурунай  сыһыаны олохтуохпун баҕарабын. Арааһа, ити олоххо тутуһар санаам дии саныыбын.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат

Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ Антон Васильев Арассыыйа бэрэсидьиэнин мэтээлин тутта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0