«Хаҥалас хапсаҕайын» көмүс түгэннэрэ

Бөлөххө киир:

Олунньу 3-4 күннэригэр Покровскайга «Хаҥалас хапсаҕайа» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһии уонна ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Илья Петрович Кондратьев сырдык кэриэһигэр муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар турнир бэрт тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. edersaas.ru

Биир түһүлгэҕэ 300-чэ бөҕөс күөн көрүстэ. Үөһээ-аллараа түһүү-тахсыы, албастан куотуу, онтон кыайтарыы кыһыыта, кыайыы өрөгөйө, күүппэтэх кыайыылар, соһуччу хотторуулар – араас тыҥааһыннаах киирсиилэри хапсаҕайадьыттар көрөөччүлэригэр бэлэхтээтилэр. Бу күрэхтэһииттэн бөҕөстөрбүт маастар нуорматын толорорго баал ыллылар. Күрэхтэһиини хапсаҕай түһүлгэлэрин солбуллубат комментатора Александр Васильев — Көрдүгэн ыытта.

«Хаҥалас хапсаҕайын» кыайыылаахтара уонна призердара:

Эр дьон:

55 киилэ:

1 м – Варламов Дмитрий (Чурапчы)

2 м – Лопатырев Иван (Үөһээ Бүлүү)

3 м – Лыткин Айаал (Мэҥэ Хаҥалас)

62 киилэ:

1 м – Романов Владимир (Хаҥалас)

2 м – Охлопков Михаил (Хаҥалас)

3 м – Федотов Олег (Үөһээ Бүлүү — ХИФУ)

70 киилэ:

1 м – Прокопьев Рустам (Үөһээ Бүлүү)

2 м – Иванов Егор (Үөһээ Бүлүү)

3 м – Очиржапов Очиржап (Хаҥалас)

80 киилэ:

1 м – Матвеев Афанасий (Бүлүү)

2 м – Машарипов Рустам (Өймөкөөн)

3 м – Акимов Дмитрий (Бүлүү)

90 киилэ:

1 м – Иннокентьев Иннокентий (Үөһээ Бүлүү)

2 м – Халыев Александр (Таатта)

3 м – Саввинов Платон (Үөһээ Бүлүү)

90 киилэттэн үөһээ:

1 м – Сыроватский Алексей (Кэбээйи)

2 м – Тимофеев Увар (Үөһээ Бүлүү)

3 м – Тимофеев Петр (Хаҥалас)

Аҕам саастаахтар:

60 киилэ:

1 м – Дорожкин Алексей (Хаҥалас)

2 м – Протопопов Александр (Нам)

3 м – Монастырев Дмитрий (Чурапчы)

70 киилэ:

1 м – Варламов Алексей (Мэҥэ Хаҥалас)

2 м – Борисов Иван (Кэбээйи)

3 м – Окороков Сергей (Амма)

80 киилэ:

1 м – Некрасов Алексей (Дьокуускай)

2 м – Сутаков Егор (Амма)

3 м – Васильев Дмитрий (Дьокуускай)

90 киилэ:

1 м – Бурмистров Василий (Таатта)

2 м – Баттахов Николай (Амма)

3 м – Иванов Айаал (Сунтаар/МВД)

90 киилэттэн үөһээ:

1 м – Румин Александр (Нам)

2 м – Иванов Валерий (Үөһээ Бүлүү)

3 м – Устинов Николай (Амма)

Муҥутуур кыайыылаах — Увар Тимофеев (Үөһээ Бүлүү)

«Хаҥалас хапсаҕайын» муҥутуур кыайыылааҕынан Увар Тимофеев буолла

Уопсайынан, икки күн иһигэр 300-чэ бөҕөс бары да чаҕылхай киирсиини көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр да өтөрүнэн көрбөтөх хапсаҕайдарын көрөн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, астынан тарҕастахтара буолуо диэн эрэнэбит.

Киирсиилэри манна көр (финаллар): [vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=laXD6—g3Jk» title=»Алексей Дорожкин — Александр Протопопов»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=LRPV2tN-p6Y&t=15s» title=»Александр Халыев — Иннокентий Иннокентьев»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=nNa7HvqL2oM&t=17s» title=»Рустам Машарипов — Афанасий Матвеев»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=hz_Fz86BaR4&t=13s» title=»Михаил Охлопков — Владимир Романов»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=5yYzl1eZTxg&t=19s» title=»Егор Иванов — Рустам Прокопьев»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=W9No-HatfxM» title=»Иван Борисов — Алексей Варламов»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=QKe9uHW9-TI» title=»Алексей Сыроватскай — Увар Тимофеев»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=l1g09IigVcA» title=»Алексей Некрасов — Егор Сутаков»]

Айтана Аммосова бэлэмнээтэ.

Афанасий Ноев видеоҕа устуута, 

Максим Тихонов хаартыскаҕа түһэриилэрэ, хаартыскалар sportyakutia.ru сайтан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0