Ураһалаахтар паром туруорсаллар

Бөлөххө киир:

Ураһалаах нэһилиэгэ Абый улууһун кииниттэн үс килэмиэтирдээх сиргэ, Индигир уҥуор баар. Белай Гораны кытары төһө да «куустуһан» олордоллор, суол-иис боппуруоһа сытыытык турар.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru сайт
Сааскы, күһүҥҥү ыйдарга Белай Горалыын сибээспит быһыллар. Аны паром суох. Онон сайын мотуордаах оҥочонон туоруубут. Онтубут да түбэһиэх дьоҥҥо олорсоҕун. Пассажирдары таһарга анал лицензиялаах урбаанньыттар суохтар, – диэн Ураһалаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Новиков «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр кэлэ сылдьан  кэпсээтэ.

Урут паромнаах этигит дуо?

Сүүрбэттэн тахса сылы быһа сулууспалаабыт «бэтэрээн» СПЖ паромнаах этибит. Онтубут эргэрэн, тимирэн хаалбыта. Хостуу сатаабыттара да кыалла илик.

Эһиэхэ «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» Белогорскайдааҕы судоходнай хампаанньата баар дии. Олору кытары үлэлэспэккит дуо?, – диэн ыйыппыппар:

Судоходнай хампаанньа Белай Гора – Сутуруоха хайысхатынан дьону урут таһар этэ. Ол эрээри ночооттоох буолан, кыккыраччы аккаастаммыта, – диэн этэр.

Бу Абый эрэ Ураһалааҕар үөскээбит кыһалҕа буолбатах. Өрүһү, үрэхтэри туоруур муоста үгүс хайысханан суох буолан, суол-иис хаайар кэмигэр, нэһилиэктэр арыыланан хаалаллар. Киин сири кытары ситимнэрэ быһыллар. Дьиҥэр, биирдиилээн дьону мотуордаах оҥочонон өрүһү туораталлар эрээри, сэрэҕэ бэрт. Аны хотугу өрүстэр сүүрүктэрэ дохсун. Кыра оҥочонон устуу «экстрим» биир туспа көрүҥэр холоонноох.

Хоту өрүстэргэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ судоходнай өрүстэринэн сыллата киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсар. Холобур, 2015 сыллаахха Дьааҥы өрүскэ Уус Куйгаттан Хаһааччыйаҕа айаннаан испит «Прогресс» суудуна түҥнэстэн, биир киһи өлбүтэ, икки киһи сураҕа суох сүппүтэ. Суудуна хапытаана дьону таһарга аналлаах лицензията суоҕа. Эмиэ бу сыл күһүнүгэр Алдан өрүскэ Хаандыгаттан 7 килэмиэтирдээх сиргэ мотуордаах оҥочо буйга (кутталлаах сирдэри ыйар дагдайа сылдьар бэлиэ мас) охсуллан, үс киһи ууга түһэн сураҕа суох сүппүтэ.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сылдьарга эрэйдээх, суола-ииһэ суох, кытыы сытар нэһилиэктэр ахсааннара 200-ҕэ тиийэр. Онон маннык балаһыанньаҕа олорор нэһилиэктэр олохтоохторо киин сиргэ олорооччулар курдук талымастыыр, талар кыахтара суох буолан, туох баарынан айанныыллар, сылдьаллар.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru сайт

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0