edersaas.ru сайт арылынна (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ сахалыы саҥа edersaas.ru диэн сайты арыйда. Бэлиэ түгэни «Эдэр саас» ыччат хаһыата 23 сааһын кытта дьүөрэлээтилэр. Хаһыат доҕотторо, дьоруойдара, оройуон ыччатын лидердэрэ, министиэристибэлэр, ырыаһыттар, суруналыыстар эҕэрдэлээтилэр.

«Саха сиригэр билигин киэҥ далааһыннаахтык, хаачыстыбалаахтык үлэлиир сахалыы тыллаах электроннай ресурса суоҕун тэҥэ. Онон edersaas.ru сайт биир бастыҥынан буолуоҕа дии саныыбын«, — диэтэ «Сахамедиа» холдинг салайааччыта Кирилл Алексеев. Ыччат миниистирин бастакы солбуйааччы Василина Лукина, гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы Савва Михайлов, профессиональный үөрэхтээһин миниистирин солбуйааччы Гавриил Семенов саҥа сайт кэскиллээх буолуоҕа диэн эрэнэллэрин эттилэр. Биэчэри «Х-Upp» бөлөх, Алексей Потапов, Эрхаан, Юлиан Семенов, виртуоз-хомусчут Василена Шарина киэргэттилэр.

Бу күн «Эдэр сааска» араас сылларга үлэлээбит суруналыыстар, эрэдээктэрдэр эҕэрдэ тылларын анаатылар. Хаһыат хайдах тэриллибитэй?

[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=a5wUbYf5Qa0&feature=youtu.be» title=»edersaas.ru » css=».vc_custom_1480320706379{background-color: #eded9c !important;}»]

Хаһыат сыл аайы «Саха ыччатын — промышленноска» идэҕэ туһаайар экспедицияны, «Саха ыччатын — тыа сиригэр» илиинэн үлэҕэ күрэхтэһиини, Ыччат ыһыаҕын пресс-киини, араас өй оонньуутун тэрийэн ыытар.

Сайты сэргэ, төлөпүөҥҥэ Эдэр саас мобильнай сыһыарыыны хачайдыахха cөп. 

edersaas.ru

Хаартыска: Андрей Сорокин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0