Тюрколог Герасим Левин туhунан кинигэ биhирэмэ буолла

Ааптар: 
28.04.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Хотугулуу-илиңңи университет Учуонай сэбиэтин саалатыгар филологическай наука доктора, биллиилээх тюрколог-учуонай Герасим Левин сырдык аатыгар аналлаах ахтыы-кинигэ сүрэхтэннэ. Манна Герасим Герасимович кэргэнэ Лидия Константиновна, аймахтара, доҕотторо, коллегалара, учууталлара, Нам улууhун салалтата, үөрэппит оҕолоро, университет салалтата муhуннулар. edersaas.ru 

Кини аатын үйэтитэр кинигэ икки сыл кэриңэ таңыллан, университет, Нам улууhун дьаhалатын уонна доҕоро Иосиф Портнягин үбүлээhиннэринэн «Бичик» кинигэ кыhатыгар «Саха киэн туттар дьоно» сиэрийэнэн 300 ахсааннаах таҕыста.

Дьоhуннаах киhи туhунан сөптөөх кинигэ тахсыбытын үгүс дьон эттэ. Герасим Герасимович үтүө, судургу майгытын, мындыр өйүн, наукаҕа бэриниилээҕин, устудьуоннарын үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдээбитин, бэйэтин кэнниттэн үлэтин, чинчийиитин салҕыыр оҕолору бэлэмнээбитин бары биир киhи курдук бэлиэтээтилэр.

Кинигэ алта түhүмэхтэн турар: аймахтар ахтыылара; оскуолаҕа, университекка үөрэппит учууталларын, бииргэ үөрэммит доҕотторун ахтыылара; кэллиэгэлэр, учуонайдар ахтыылара; доҕотторун ахтыылара; үөрэнээччилэр ахтыылара; хаhыакка, сурунаалга тахсыбыт ыстатыйалара.

Кэргэнэ Лидия Макарова, коллегалара Ирина Сорова, Елена Архипова, үөрэнээччилэрэ Нинель Малышева, Яна Стручкова, Анастасия Борисова хомуйан оңордулар.

Герасим Герасимович кэргэн, убай, быраат, доҕор, учуонай  уонна учуутал быhыытынан үтүө холобур буолуоҕа, кини сырдык мөссүөнэ өр сыллар тухары умнуллуо суоҕа. Кини аатын, үлэтин үйэтитии бу тэрээhининэн муңурдаммат. Үөрэнээччилэрэ, коллегалара тюркология киинин тэрийэр, ыстатыйаларын хомуурунньугун таhаарар баҕалаахтар.


Ыспыраапка:

Герасим Левин Саха университетыгар 21 сыл тухары үлэлээбитэ, наукаҕа биллэр-көстөр хамсааһыны таһаарбыта.  Кини ХИФУ чинчийээччи-доцена, Сурук-бичик түмэлин дириэктэрин солбуйааччы, СӨ наукатын Академиятын руна уонна биллибэт суруктары үөрэтии салаатын салайаачччыта, СӨ идэлээх үөрэҕин туйгуна, СӨ Ыччатын политикатын туйгуна, «Түүр омуктарын култууратын сайдыытыгар кылаатын иhин» наҕараада хаhаайына, саха тылын аан дойду таhымыгар таhаарбыт бөдөң тюрколог-учуонай.

Герасим Левин туhунан кинигэ та5ыста.

«Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0