Сир аһын хомуйуу болдьоҕо таҕыста

Бөлөххө киир:

Сорох улуустарга дьэдьэннээн ырааттылар. Эрдэ хомуйууну үгүс дьон улаханнык сэҥээрбэт. Өрүсүһэн ситэ илик дьэдьэни хомуйаллар дииллэр.

edersaas.ru

Бу күннэргэ СӨ Экологиятын министиэристибэтэ сир аһын хомуйуу болдьоҕун таһаарда. Сир аһын хомуйуу болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ күнүн-дьылын туруга, уратыта, сир аһын ситиитэ учуоттанна.

Ол курдук, быйыл халлаан күүскэ итийэн, от ыйын 10 күнүттэн саҕалаан дьэдьэни Амма, Уус Алдан, Нам улуустарыгар хомуйуохха сөп.

От ыйын  15 күнүттэн Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга дьэдьэни, хаптаҕаһы, оттон сугуну 20-с чыыһылаттан хомуйуу саҕаланыа.

Моонньоҕон уонна отон атырдьах ыйыттан ситэр буолан, киин уонна Бүлүү умнаһын улуустарыгар отону кэлэр ый 25 күннэриттэн үргүөхтэрэ.

Малина Бүлүү улуустарыгар хото үүнэринэн, от ыйын 20 – 25 күннэриттэн ситэн барар.

Черниканы Мииринэйгэ атырдьах ыйын саҥатыттан, оттон Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан үргүөххэ сөп.

Атырдьах ыйын бүтэһик күннэриттэн сыалаах мас эриэхэтин (кедр эриэхэтин)  хомуйуу саҕаланыа.

Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0