Олунньу 13 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнстүтүүт Семён Новгородов төрөөбүтэ 120 cааһын уонна Сурук-бичик күнүн бэлиэтээтилэр. Тэрээһини магистрант Сахая Львова “Арсан Дуолай” диэн олоҥхонон арыйда. Саха тылын сайыннарыытыгар улахан кылааты киллэрбит дьоҥҥо анал бириэмийэлэри туттардылар: Багдарыын Сүлбэҕэ, Тамара Ивановаҕа уонна Михаил Алексеевка.
Саха салаатыгар устудьуоннарга араас күрэхтэһиилэр буоллулар. Сахалыы диктант суруйдулар, ”Поэзия хонуута” диэн хоһоон ааҕыытын күрэхтэһиитигэр кытыннылар. Уонна, биллэн туран, сахалыы таҥыннылар. Олунньу 12 күнүгэр учуонай, тыл билимин хандьыдаата Сардаана Егинова сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференция ыытылынна. Манна Амма, Горнай, Сунтаар улуустарыттан, Дьокуускай куораттан сүүстэн тахса киһи кытынна. Бу тэрээһиҥҥэ Сардаана Дмитриевна балта Марина Гаврильева научнай үлэ кыайыылаахтарыгар анал истипиэндийэлэри туттарда.
Хаартыска: Айаал Черноградскай