ХИФУ устудьуоннара сахалыы таҥастаах үөрэниэхтэрэ

Ааптар: 
09.12.2016
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи университет Хотугу норуоттар тылларын уонна култууратын институтун устудьуоннара үөрэнэллэригэр ыйга биирдэ сахалыы таҥас кэтэллэр — хас саҥа үүнэр ый бастакы оптуорунньугун Төрүт таҥас күнүнэн биллэрдилэр.

«Бу күнү сэтинньи 1 күнүттэн (сэтинньи бастакы оптуорунньуга) биллэрбиппит. Устудьуоннар, уһуйааччылар бары сахалыы таҥас кэтэбит. «Сахалыы таҥас» диэтэххэ элбэх киһи халадаай былааччыйаны, сарыы этэрбэһи, ыһыах таҥаһын саныы биэрэр. Оннук буолбатах. Устудьуоннарбыт хаһыаччыктаах, илин, кэлин кэбиһэрдээх, сахалыы ытарҕалаах, национальнай атрибутикалаах көстүүмнээх үөрэнэллэр. Кэнэҕэскитин сахалыы таҥас тупсаҕай дьыалабыай истиилин булан, тобулан ылыахпыт диэн санаалаахпыт. Киһи үөрэрэ диэн, оҕолор олус астыннылар. Тоҕо ыйга биир эрэ күнүй — диэн мыынааччылар даҕаны бааллар. Инникитин, баҕар, элбэтиэхпит. Билигин холонон көрүү сиэринэн киллэрдибит. Мэктиэтигэр, төрүт таҥастаах устудьуон билиини чиҥник иҥэринэргэ дылы. Сахалыы таҥастаах киһи тутта-хапта сылдьаллара кытта тупсар. Холобур, Үөһээ Бүлүү дьаһалтатыгар бэнидиэнньик аайы сахалыы таҥастаах үлэлииллэрин сэргиибит. 90-с сылларга биһиги Саха факультетыгар үөрэнэрбит саҕана сахалыы таҥаһы ирдииллэрэ. Ол эрээри бэлиэ түгэҥҥэ, ыһыахха, кэнсиэркэ кэтээччибит», — диэн ХИНТуоКИ дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Марк Егоров кэпсиир.

Институкка саха, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын уонна литэрэтиирэлэрин учууталлара, тыл үөрэхтээхтэрэ, тылбаасчыттар, култуура, туризм эйгэтин үлэһиттэрэ үөрэнэллэр.

Надежда САМСОНОВА, edersaas.ru

Хаартыска: ХИНТуоКИ пресс-киинэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0