Намҥа икки оҕо уһуйаантан тахсан барыытын чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Ааптар: 
25.01.2019
Бөлөххө киир:

Сайтпытыгар бу дьыл тохсунньу 18 күнүгэр «Намҥа уһуйаан икки оҕото үлүйэ сыспыт» диэн иһитиннэриибит бэчээттэммитэ. Онно Нам улууһугар икки кыра оҕо уһуйаантан бэйэлэрэ тахсан барбыттарын, ити чахчынан бэрэбиэркэ барарын туһунан суруйбуппут. 

edersaas.ru

РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, ити чахчынан холуобунай дьыала тэриллибит. РФ Холуобунай кодексатын 238-с ыст. 2-с чааһын «б» пуунунан көрүллэр буруй, ол эбэтэр, 6-гар диэри саастаах оҕолорго куттал суох буолуутун хааччыйыы ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт өҥөлөрү толоруу бэлиэтэ баарынан.

Силиэстийэ сабаҕалыырынан, тохсунньу 17 күнүгэр Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин «Туллукчаан» уһуйаанын (оҕо саадын) үрдүкү группатын иитээччитэ бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолорун ылбыт. Киэһэ 16.30 мүн. саҕана 5 саастаах икки кыра кыыс группаттан тахсан, музыкальнай саалаҕа барбыттар уонна иитээччи суох кэмигэр бэйэлэрэ таҥнан, дьиэлэригэр барбыттар.

Биирдэрэ чаас аҥаарынан дьиэтигэр тиийбит — бу оҕо тарбахтарын үлүппүт, кинини Дьокуускай куорат ожоговай балыыһатыгар киллэрбиттэрэ.

Оттон иккис оҕону хараҥаҕа муна сылдьарын киэһэ 18.00 чаас кэнниттэн биир киһи булан, дьиэтигэр аҕалбыт  — бу оҕо тымныйбыт.

Оҕолор сүппүттэрин киэһэ 17.00 чаас саҕана биир кыыс ийэтэ кинини ыла кэлбитигэр, биирдэ билбиттэр.

Эбэн эттэххэ, бу чахчынан Нам улууһун борокуратуурата Үөрэх управлениетын начаалынньыгар буруйдаах үлэһиттэри кытаанах дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардарга диэн представление ыыппыта.

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ хамыыһыйа тэрийэн, сулууспанан бэрэбиэркэтин ыытар. Ол түмүгүнэн, бу уһуйаан буруйдаах үлэһиттэрэ миэрэҕэ тардыллыахтара.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0