Намҥа уһуйаан икки оҕото үлүйэ сыспыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, тохсунньу 17 күнүгэр, Нам улууһун борокуратууратыгар полиция дьуһуурунай чааһыттан иһитиннэрии киирбит. Икки кыра оҕо уһуйаантан бэйэлэрэ тахсан барбыттарын туһунан. 

edersaas.ru


СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Нам сэлиэнньэтигэр ити күн киэһэ 16.30 мүн. саҕана уһуйааҥҥа сылдьар икки кыра кыыс иитээччи суох кэмигэр бэйэлэрэ таҥнан, дьиэлэригэр барбыттар.

Биирдэрэ чаас аҥаарынан дьиэтигэр тиийбит — бу оҕо тарбахтарын үлүппүт, Дьокуускай куорат ожоговай балыыһатыгар киллэрбиттэр.

Оттон иккис оҕону киэһэ 18.00 чаас кэнниттэн дьон булан, дьиэтигэр аҕалбыттар — кыыс тымныйбыт.

Бу чахчынан Нам улууһун борокуратуурата Үөрэх управлениетын начаалынньыгар буруйдаах үлэһиттэри кытаанах дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардарга диэн представление ыыппыт. Нам полицията процессуальнай бэрэбиэркэ ыытар.

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ хамыыһыйа тэрийэн, сулууспанан бэрэбиэркэтин саҕалаата. Ол түмүгүнэн, бу уһуйаан буруйдаах үлэһиттэрэ миэрэҕэ тардыллыахтара.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0