Лиидэр кыргыттар форумнара айарга-тутарга кынаттаата

Ааптар: 
26.02.2017
Бөлөххө киир:

“Эр киһи – Күн, дьахтар – Ый. Дьахтар хайдах да күн буолар кыаҕа суох. Ол ону өйдүөххүтүн наада…” – диэн психолог Анна Сергеева холку  куолаһын истээт, интэриэһиргээн, тахсаары турар бэйэм тохтоотум.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Кыргыттар, өскө эһиги билэргит буоллар, тоҕо биһиги эр дьоммут арыгы иһэр, ыал буолан баран, сотору буолаат, сорохтор арахсар суолу көрдүүр төрүөттэрин. Хомойуох иһин, эр киһини олох оҕо сааһыттан аллараа түһэрии холобура үгүс. Аҥаардас дуоска иннигэр таһааран, кини тугу эрэ билбэтин атыттарга көрдөрүү – улахан охсуу. Ханнык да түгэҥҥэ, ким да буоллун, атын киһи истэн турдаҕына, эдэр киһини мөҕүү, үтүрүйүү – бу барыта эр киһи сүрүн баттааһын. Тоҕо үксүгэр эр дьон арыгы иһэрий? Бастатан туран, бэйэтин өрүү буруйдаах курдук санана сылдьарыттан, иккиһинэн — тыына-быара тууйулларыттан. Эр киһини биһиги, дьахтар аймах, муннукка ыгабыт: “Тоҕо хойутаатыҥ? Килиэп ыларгын эмиэ умуннуҥ дуо? Ханна сылдьаҕыный, хас чаас буолтун билэҕин дуо?” – баҕар, үксүгүт элбэхтэ хатылыыр ыйытыыларгытын холобурдуурум буолуо. Эр киһи бу маннык ыгыыттан-үтүрүйүүттэн көҥүлүн бигэргэтинээри арыгы истэҕинэ чэпчииргэ дылы гынар. Онтон бэйэтэ да билбэтинэн, куһаҕан дьаллыкка ылларан барар. Аны үлэ булбакка, кэргэнин хамнаһыгар олорорго күһэллэр. Бу мантан саҕаланар, дьахтар эр киһи оруолугар киириитэ. Онон, ханнык да түгэҥҥэ нарын, холку оруолгутуттан тахсымаҥ. Эн кэргэниҥ – эн сиэркилэҥ. Эр киһи хаһан да кыамматы, намчыны атаҕастаабат. Кини айылҕаттан айдарыыта оннук. Өскө эйигин охсор, үөҕэр буоллаҕына, ол аата эн киниэхэ сыһыаҥҥынан бэйэҥ эр киһи оруолугар киирэн, кини эйиэхэ эр киһини – бэйэтин тэҥнээҕин көрөр. Бу баар эһиги сыыһаҕыт, дьүөгэлэр. Бу төрүөтү өйдөөбүт дьахтар, кини хайдахтаах да үрдүк таһымҥа турдар, кини барыларыттан талан, таптаан кэргэн тахсыбыт эр киһитин чиэһин хайаан да өрө тутар. Кэргэниҥ үөрэҕин таһыма эйиэхэ тиийбэт – үөрэттэр, ситиһиитэ эйиэнигэр тиийбэт – кыаҕын уһугуннар, өйөө, өрө таһаар. Бу эппиппин бэйэтигэр биллэрбэккэ, кинини өйөөн, таптаан, хайҕаан, санаатын көтөҕөн, киэн туттан инники күөҥҥэ таһаар. Оччотугар кини эн санаа ымыыта оҥостор, холобур туттар, өрүү таптыыр уонна ахтар киһигинэн буолуо, — диэн психолог кэпсиирин кыргыттар саҥата суох чуумпуран иһиттилэр. Ким билиэй, арааһа, хас биирдиилэрэ бу кэмҥэ тус олоҕун ырытан көрбүтэ чахчы.

… Бу курдук араас секцияларга арахсан лиидэр кыргыттар форумнара бэрт интэриэһинэйдик, киһини толкуйдатардык ааста.

Мин форумҥа кэлэн кыттыбыт кыргыттар санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.

Сардаана НАЗАРОВА, Мэҥэ Хаҥалас Хара орто оскуолатын учуутала:

— Лиидэр кыргыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи форумнара буоларын интэриниэттэн ааҕан билбитим. “Ким баҕалаах кэлиэн сөп”, – диэн суруйбуттарын билэн баран, олус үөрбүтүм. Ыйыллыбыт төлөпүөннэригэр эрийэн, форумҥа кыттыахпын баҕарарбын биллэрбитим. Киһи кэрэхсиир тиэмэлэрдээх секция элбэҕин сөхтүм. “Хайдах лиидэр буолуохха?” диэн Ыччат министиэристибэтин бастакы солбуйааччы Василина Лукина салайар секциятыгар сылдьыбытым. Мин хайдахтаах киһи 25 сааһыгар миниистири солбуйааччы буолар эбитий диэн интэриэһиргээбитим. Сөбүлээтим. Үрдүк таһымнаах лиидэр санаатын, кэскиллээх былааннарын истэн астынным.

Уопсайынан “дьыалабыай оонньуу” форматынан тэрээһини ыытыы олус интэриэһинэй. Биһигини пленарнай мунньахха хайдах олорбуппутунан аҕыстыы киһилээх хамаандаҕа араартаабыттара. Онтон араас сорудахтары биэрбиттэрин дьүүллэһэ олорон, бэйэ-бэйэбитин олус чугастык билистибит. Бу маннык дьүүллэһии форматын мин уруоктарбар туһаныыһыбын дии санаатым.

Пленарнай мунньах кэнниттэн култуурунай кииҥҥэ быыстапка буолбута. Онно “хенд-мейд” (илиинэн оҥоһук) хайысханан үлэлэри интэриэһиргээн көрдүм. Онон бары өттүнэн туһалаах бэртээхэй тэрээһин буолла.

Айаана ЭВЕРСТОВА, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгин ыччатын лиидэрэ:

— Форум балаһыанньата кэлээтин кытта, улуустааҕы дьаһалта ыччакка отделын салайааччыта Станислав Григорьев хайаан да баран кытын диэн эппитэ. Сиэксийэлэр тиэмэлэрин олус бэркэ таҥан оҥорбуттарын сөбүлээтим. Аҥардас ыытааччы кыргыттары көрө-көрө киһи санаата көтөҕүллэр, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһарыҥ икки бүк күүһүрэр. Араас бөлөхтөргө хайдыһан, биэрбит сорудахтарын дьүүллэһэ олорон, уопут атастаһан ыллыбыт, бэйэ-бэйэбититтэн элбэххэ үөрэннибит. Сорох кыргыттар ханна да мустан сүбэлэһэр, кэпсэтэр да сирбит суох диэбиттэрин сөхтүм. Нэһилиэкпит баһылыга Валентин Атласов ыччаты өйүүрүн холобурдаатым. Кини биһиэхэ кулуупка мустарбытыгар хос анаабыта, уолаттарбыт спорт араас көрүҥэр дьарыктанар анал саалалаахтар. Уопсайынан, салалта өттүттэн улуус ыччата олус улахан өйөбүллээх эбиппит. Улууспут баһылыга Михаил Захаров, ыччат отделын салайааччыта Станислав Григорьев ыччаттары барарбытыгар-кэлэрбитигэр өйүүр буоланнар, улахан тэрээһиннэри биири да куоттарбаппыт. Холобура, Илья Березкин ааспыт сылга Тюмень куоракка аҕыйах ахсааннаах норуоттар форумнарыгар баран кыттан кэлбитэ. Арааһа, өйөбүллээх да буолан буолуо, улуус ыччаттарын хамаандата өрөспүүбүлүкэтээҕи куоталаһыыларга өрүү инники күөҥҥэ сылдьабыт. Тымныы полюһун курдук ыраах сиртэн бу суолталаах форумҥа улууспун ааттаттым диэн киэн тутуннум.

Вера НОВИКОВА, Горнай улууһун “Үлэ күүһэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ:

— Лиидэр кыргыттар форумнарыттан бары өттүнэн туһанным. Педиатр быраас сүбэтин олус сөбүлээтим. Тумуу кэмигэр оҕону хайдах эмтиэххэ сөбүн туһунан сүбэтин сэргээтим. Форумҥа эмчиттэри сүбэлэтэ ыҥырбыттара тыаттан киирбит дьоҥҥо олус туһалаах. Тэрийээччилэр бу өрүтү эмиэ тумнубатахтара олус бэрт.

Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар билбэппит элбэх да эбит!  Өйдөспөт буолуу төрүөтэ кыраттан да саҕаланар эбит. Ол ону психолог Анна Сергеева олус өйдөнөр гына быһааран биэрдэ.

Миигин дэлэгээссийэ састаабыгар улуустааҕы ыччат отделын салайааччыта киллэрбитэ. Хас биирдиибит кэккэ ситииһилэрдээх буолан, лиидэр кыргыттар форумнарыгар кытынныбыт. Улууспар 15 киһилээх “Дьүрүскэн” диэн ыччат айар түмсүүтүн салайабын. Былырыын “Куйаар кыымнара” диэн хоһооннорбут хомуурунньугун бэчээттэтэн таһаарбыппыт.

Айар дьоҕуру сайыннарыыга уонна дьоҕус бизнеһи тэриниигэ сиэксийэ баара эбитэ буоллар дии санаатым. Лиидэр кыргыттар маннык форумнарын сылга иккитэ тэрийэн ыыталларыгар этии киллэриэм этэ. Киһи дууһатын кылын таарыйар маннык тэрээһиннэр ыччаттарга олус наадалаахтар. Онон Ыччат сылыгар өйдүү-саныы сылдьарбытыгар бэртээхэй тэрээһини ыыппыт ситиһиилээх лиидэр кыргыттарга барҕа махталбын тиэрдэбин.

Оксана ЛУГИНОВА, лиидэр кыргыттар форумнарын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, “Тыа сирин усулуобуйатыгар ыччат бэйэтин сайыннарыыта” сиэксийэ салайааччыта:

— Кыргыттартан олус элбэх сонун идиэйэ киирдэ. Ол курдук: “Тыа сириттэн төрүттээх араас эйгэҕэ бэйэлэрин бэйэлэрэ сайыннаран ситиһии чыпчаалыгар тахсыбыт ситиһиилээх дьахталлары, кыргыттары көрүһүннэриҥ. Олох араас уустуктарын көрсүбүт дьон холобуруттан киһи бэйэтигэр сыал-сорук оҥостор”, — диэтилэр. Онон мин салайар сиэксийэм былааныгар ити өрүтү хайаан да учуоттуом.

Тэрийээччи быһыытынан ордук Хаҥалас, Алдан, Горнай, Кэбээйи, Өймөкөөн, Таатта улуустарыттан сылдьар лиидэр кыргыттар этиилэрин сөбүлээтим. Тыа сиригэр олох саҥалыы толкуйдаах, көрүүлээх ыччаттар баалларыттан олус үөрдүм. Тэрээһиммит табылынна диэн икки өттүттэн – тэрийээччилэр да кыттааччылар да санаабыт олус көтөҕүллэн, сибээспитин өссө бөҕөргөтүөх буолан араҕыстыбыт.

Бу курдук, араас улуустартан мустубут лиидэр кыргыттар олус бэртээхэй тэрээһинтэн санаалара көтөҕүллэн, дууһалыын арыллан, сырдык дьаралыкка куустаран, саҥаны уонна үйэлээҕи айа-тута дойдуларыгар айаннаатылар.

Лидер-кыргыттар ахсыс форумнара түмүктэннэ (ХААРТЫСКА)

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0