Ил Дархан: «Олохтоох бэйэни салайыныыга уларыйыы киириэн сөп»

Ааптар: 
09.01.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл сүрүн киһитинэн күһүн норуот саҥа талбыт Ил Дархана Айсен Николаев буолара саарбахтаммат. Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын эбээһинэһин толоро киириэҕиттэн тутатына, кэтэмэҕэйдээбэккэ уларытыылары киллэрэн, саҥа сүүрээннэри саҕан, сайдыы суолугар киллэрэн барбыта. Ыам  ыйтан үлэлээн кэлбит Ил Дархан кэмин туһунан туох санаалааҕын кэпсээтэ.

— Үгүс дьон биири интэриэһиргиир – тоҕо бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн кэлии киһи буолла диэн.  

 — Владимир Солодов Саха сирин бырабыыталыстыбатын салайарга олох сөптөөх киһи диэн сыаналыыбын. Хомойуох иһин, олохтоох дьонтон итинник таһымҥа эппиэттиир салайааччы Саха сиригэр бэлэмнэммэтэх. Мин Владимир Викторовиһы 2012 сылтан үчүгэйдик билэбин. Кини киэҥ эйгэҕэ элбэх билиилээх киһи, олус үлэһит, талааннаах салайааччы, мин санаабар, ыраах барыаҕа. Онон өссө төгүл этэбин, Солодов кэлбитэ биһиэхэ туһаны эрэ аҕалыаҕа.

— Маны таһынан, үп миниистирэ тоҕо уларыйбатаҕын муодарҕыыллар…

— Үп миниистирэ диэн ханнык баҕарар тутулга, ханнык баҕарар кэмҥэ уларыйбат (консервативнай) дуоһунас буолар. ССРС саҕана Арсений Зверев 22 сыл устата үп миниистиринэн үлэлээбитэ, онон номоххо киирбитэ. Биһиги дойдубутугар Антон Силуанов эмиэ олорор, өссө үрдээтэ – Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы буолла.  Харчы чуумпуну сөбүлүүр диэн мээнэҕэ эппэттэр, кини кытаанах хонтуруолу ирдиир. Иллэрээ сыллааҕы уонна былырыыҥҥы бюджеттар куһаҕаннара Валерий Жондоров буруйа буолбатах, салалта кинини күһэйэн туран “кыраһыабай” бюджеты “уруһуйдаппыт”. Мин кинилиин кэпсэппитим уонна эппитим: «Ил Түмэн да, Бырабыыталыстыба да модьуйдун — суох дохуоту халлаантан ылан суруйуо суохтааххын” диэн. Ити туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Манна даҕатан эттэххэ, каадыр боппуруоһугар улахан болҕомто ууруллуо. Билигин ыытыллар үлэ ньымалара ааспыт үйэ 90-с сыллардааҕы таһымыгар хаалан хаалбыттар. Каадыры булуу, үөрэтии уонна туруоруу дойдуга баар бастыҥ үлэҕэ олоҕуран ыытыллыахтаах. Бу хайысха тосту уларыйан, дьиҥнээх “Служба управления персоналом” буолуохтаах.        

— Дойду сорох регионнарыгар олохтоох бэйэни салайыныы таһымыгар уларыйыылар киирэн эрэллэр. Бу маны эн туох дии саныыгын?

— Быыбар баар буолуохтаах, биир өттүнэн, тоҕо диэтэргин, итинтэн атын ньыма толкуйдана илик. Оттон иккис өттүнэн, кыра нэһилиэктэргэ, кистэл буолбатах, быыбар сис ыаллар “сэриилэригэр” кубулуйар. Биир аҕа уус киһитэ быыбарга кыайар, уонунан сыл баһылыктыыр эрээри, олорон хаалыы үөскүүр, ол түмүгэр сайдыы барбат, саҥа сүүрээн киирбэт, нэһилиэк кэхтиигэ барар. Ол эрэн, атын үтүө холобурдар эмиэ бааллар. Куоракка үлэлээбит эдэр специалистар, аныгылыы өйдөөх-санаалаах дьон дойдуларыгар төннөн нэһилиэктэрин өрө көтөхпүт холобурдара эмиэ бааллар. Мин санаабар, быыбар хаалыахтаах, ол эрэн, бу манна барыта олохтоох дьонтон тутулуктаах. Билиҥҥи сокуонунан быыбары ыыппакка, баһылыгы куонкурус хамыыһыйатын нөҥүө талыахха сөп. Саха сиригэр 409 нэһилиэк таһымнааҕы олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалталара баар, бачча элбэх тэриллии сайдыыны атахтыыр дии саныыбын. Холобура, Магадан уобалаһыгар оройуоннары барыларын «Куорат уокуруктара» диэн уларыппыттара. Туһата туохха диэн ыйытыаҥ? Бастатан, туран салайар үлэһит аҕыйаабыт, ол түмүгэр балай эмэ бүддьүөт харчыта кэмчилэммит. Иккиһинэн, салайарга табыгастаах, судургу буолбут, быһаарыыны ылынар түргэтээбит. Бу боппуруоска биһиги олохтоох дьон уонна бэйэни салайыныы санаатын истиэхтээхпит. Тоһоҕолоон этиэм этэ – бу судургута суох боппуруос.

— Сотору кэминэн бырабыыталыстыба отчуота саҕаланыаҕа. Бу көрүҥү оннунан хааллараҕын дуо?

— Бүгүн отчуоттары олунньуга-кулун тутарга ыытар туһунан илии баттаатым. Сүрүннээн бу көрүҥ оннунан хаалыаҕа. Маннык этиэм этэ: биһиги кэпсэтии быдан “тыыннаах” уонна ыллыктаах буоларыгар баҕарабыт. Хомойуох иһин, дьиҥ олоххо көстөрүнэн, отчуот саҕаламмыта биир чаас кэнниттэн наар биир ыйытыылары биэрэллэр. Онон форматы чопчулуохха наада уонна бу отчуоттар дьиҥ туһаны аҕалалларын курдук дьаһаныахха. Бырабыыталыстыба отчуот көрүҥүн уларытыахтаах. Бастатан туран, кыаллыбат эрэннэриилэри эппэт туһугар. Атын өттүттэн – кытыы да нэһилиэккэ олохтоох дьон өрөспүүбүлүкэҕэ туох оҥоһулларын билиэхтээх. Эн ыйыппытыҥ дии, өрөспүүбүлүкэни олоҕун таһымынан инники күөҥҥэ таһаарыы хас биирдии олохтооххо хайдах сабыдыаллыаҕай диэн? Дьэ, маны дьоҥҥо тиэрдиэхтээхпит.

Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ.

Кэпсэтиини толору манна ааҕыҥ:

Айсен Николаев: Сомоҕолостохпутуна эрэ төрөөбүт дойдубут иннин диэки барыаҕа!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0