Айсен Николаев: Сомоҕолостохпутуна эрэ төрөөбүт дойдубут иннин диэки барыаҕа!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл сүрүн киһитинэн күһүн норуот саҥа талбыт Ил Дархана Айсен Николаев буолара саарбахтаммат. Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын эбээһинэһин толоро киириэҕиттэн тутатына, кэтэмэҕэйдээбэккэ уларытыылары киллэрэн, саҥа сүүрээннэри саҕан, сайдыы суолугар киллэрэн барбыта. Ыам  ыйтан үлэлээн кэлбит Ил Дархан кэмин туһунан туох саналааҕын “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар аан маҥнайгытын кэпсээтэ.

Олохтоох бэйэни салайыныыга уларыйыы киириэн сөп

— Үгүс дьон биири интэриэһиргиир – тоҕо бырабыытылыстыба Бэрэссэдээтэлинэн кэлии киһи буолла диэн.  

 — Владимир Солодов Саха сирин бырабыытылыстыбатын салайарга олох сөптөөх киһи диэн сыаналыыбын. Хомойуох иһин, олохтоох дьонтон итинник таһымҥа эппиэттиир салайааччы Саха сиригэр бэлэмнэммэтэх. Мин Владимир Викториһы 2012 сылтан үчүгэйдик билэбин. Кини киэҥ эйгэҕэ элбэх билиилээх киһи, олус үлэһит, талааннаах салайааччы, мин санаабар, ыраах барыаҕа. Онон өссө төгүл этэбин, Солодов кэлбитэ биһиэхэ туһаны эрэ аҕалыаҕа.

— Маны таһынан үп миниистирэ тоҕо уларыйбатаҕын муодарҕыылар…

— Үп миниистирэ диэн ханнык баҕар тутулга, ханнык баҕарар кэмҥэ уларыйбат (консервативнай) дуоһунас буолар. ССРС саҕана Арсений Зверев 22 сыл устата үп миниистиринэн үлэлээбитэ, онон номоххо киирбитэ. Биһиги дойдубутугар Антон Силуанов эмиэ олорор, өссө үрдээтэ – Бырабыытылыстыба Бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта буолла.  Харчы чуумпуну сөбүлүүр диэн мээнэ эппэттэр, кини кытаанах хонтуруолу ирдиир. Иллэрээ сыллааҕы уонна былырыыҥҥы бюджеттар куһаҕаннара Валерий Жондоров буруйа буолбатах, салалта кинини күһэйэн туран “кыраһыабай” бюджеты “уруһуйдаппыттара”. Мин кинилиин кэпсэппитим уонна эппитим: «Ил Түмэн да, Бырабыытылыстыба да модьуйдун — суох дохуоту халлаантан ылан суруйуо суохтаахххын” диэн. Ити туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Манна даҕатан эттэххэ, каадыр боппуруоһугар улахан болҕомто ууруллуо. Билигин ыытыллар үлэ ньымалара ааспыт үйэ 90-с сыллардааҕы таһымыгар хаалан хаалбыттар. Биһиги каадыры булууну, үөрэтиини уонна туруорууну дойдуга баар бастыҥ үлэҕэ олоҕуран ыытыллыахтаах. Бу хайысха тосту уларыйан, дьиҥнээх “Служба управления персоналом” буолуохтаах.        

— Дойду сорох регионнарыгар олохтоох бэйэни салайыныы таһымыгар уларыйыылар киирэн эрэллэр. Бу маны эн туох дии саныыгын?

— Быыбар баар буолуохтаах, биир өттүнэн, тоҕо диэтэргин итинтэн атын ньыма толкуйдана илик. Онтон иккис өттүнэн, кыра нэһилиэктэргэ, кистэл буолбатах, быыбар сис ыаллар “сэриилэригэр” кубулуйар. Биир аҕа уус киһитэ быыбары кыайар, уонунан сыл баһылыктыыр эрээри, олорон хаалыы үөскүүр, ол түмүгэр сайдыы барбат, саҥа сүүрээн киирбэт, нэһилиэк кэхтиигэ барар. Ол эрэн атын үтүө холобурдар эмиэ бааллар. Куоракка үлэлээбит эдэр специалистар, аныгылыы өйдөөх-санаалаах дьон дойдуларыгар төннөн нэһилиэктэрин өрө көтөхпүт холобурдара эмиэ бааллар. Мин санаабар, быыбар хаалыахтаах, ол эрэн бу манна барыта олохтоох дьонтон тутулуктаах. Билиҥҥи сокуонунан быыбары ыыппакка, баһылыгы куонкурус хамыыһыйатын нөҥүө талыахха сөп. Саха сиригэр 409 нэһилиэк таһымнааҕы олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалталара баар буоллахтарына, бачча элбэх тэриллии сайдыыны атахтыыр дии саныыбын. Холобура, Магадан уобалаһыгар оройуоннары барыларын «Куорат уокуруктара» диэн уларыппыттара. Туһата туохха диэн ыйытыан? Бастатан, туран салайар үлэһит аҕыйаабыт, ол түмүгэр балай эмэ бүддьүөт харчыта кэмчилэммит. Иккиһинэн, салайарга табыгастаах, судургу буолбут, быһаарыыны ылынар түргэтээбит. Бу боппуруоска биһиги олохтоох дьон уонна бэйэни салайыныы санаатын истиэхтээхпит. Тоһоҕолоон этиэм этэ – бу судургута суох боппуруос.

Сотору кэминэн бырабыыталыстыба отчуота саҕаланыаҕа. Бу көрүҥү оннунан хааллараҕын дуо, оннук диэтэххинэ ханнык көрүҥүнэн?

— Бүгүн отчуоттары олунньуга-кулун тутарга ыытар туһунан илии баттаатым. Сүрүннээн бу көрүҥ оннунан хаалыаҕа. Маннык этиэм этэ: биһиги кэпсэтии быдан “тыыннаах” уонна ыллыктаах буоларыгар баҕарабыт. Хомойуох иһин, дьиҥ олоххо көстөрүнэн, отчуот саҕаламмыта биир чаас кэнниттэн наар биир ыйытыылары биэрэллэр. Онон форматы чопчулуохха наада уонна бу отчуоттар дьиҥ туһаны аҕалалларын курдук дьаһаныахха.. Бырабыыталыстыба отчуот көрүҥүн уларытыахтаах. Бастатан туран, кыаллыбат эрэннэриилэри эппэт туһугар. Атын өттүттэн – кытыы да нэһилиэккэ олохтоох дьон өрөспүүбүлүкэҕэ туох оҥоһулларын билиэхтээх. Эн ыйыппытыҥ дии, өрөспүүбүлүкэни олоҕун таһымынан инники күөҥҥэ таһаарыыга хас биирдии олохтооххо хайдах сабыдыаллыаҕай диэн? Дьэ, маны дьоҥҥо тиэрдиэхтээхпит.

Тус эппиэтинэс, Бүлүү өрүс, Өлүөнэ муостата

Анал этиилэргэр – инвестиционнайга уонна Ил Түмэҥҥэ – салайааччылар тус эппиэтинэстэрин туһунан эппитиҥ. Киһи сорудахтаммыт бырайыагар кыайан үлэлээбэтэх буоллаҕына, хайдах гынаҕыт?

— Бастаан кинини сэрэтиэхпит. Өскөтүн бу кыһалҕа тиһиктээх уонна тустаах киһи үлэтин хаачыстыбатыттан тутулуктаах буоллаҕына, бу маннык салайааччыны кытта быраһаайдаһыахпыт.

Эн санааҕар бу сиэрдээх дуо? Өскөтүн атын үлэлэрин үчүгэйдик толорбут буоллаҕына?

— Ити этэриҥ эппиэтинэстэн куоттарыы дэнэр, итиннэ киһи уон дьыалаҕа эппиэттиир: туох эрэ табыллар, туга эрэ кыайтарбат уонна биһиги этэбит: чэ, буолллун даҕаны, кинини хаалларыахпыт, муоста суоҕа диэн туох буолуой, ол оннугар мөлүйүөнүнэн квадратнай миэтэрэни туппут, кинини хаалларыаххайын, кини үчүгэй тутааччы дии. Ол иһин бөдөҥ тирэх бырайыактарга тус эппиэтинэс баар буолуохтаах, мин санаабар. Бүгүн тохсунньу ортотугар диэри биир сылга бырабыыталыстыба чилиэннэригэр тус сорудахтар кэрискэлэрин оҥорорго сорудахтаатым – итилэр онно бырайыактары кытта иһитиннэриллиэхтэрэ.

Өссө биир ыйытыы – АЛРОСА эбийиэктэригэр саахал туһунан. Хоромньуну толуйуу боппуруоһа хайдах быһаарыллыбытыттан астынаҕын дуо?

— Маннык балаһыанньаҕа ким да астынар кыаҕа суох, бу саахалтан бары эмсэҕэлээбиттэрэ. Биһиги хайдаҕын да иһин, өйдөһөр быһаарыыга кэлбиппит. Мин, дьиҥэ, Росприроднадзор сөҕүмэр ааҕыыларыгар хара ааныттан итэҕэйбэтэҕим. Хомойуох иһин, бу биһиги сорох, ол иһигэр федеральнай уорганнарга бир идэлээхтэрбит үлэлэрин таһымын көрдөрөр, кинилэр бастаан иһитиннэрэллэр, онтон сотору кэминэн: биһиги сыыспыппыт дииллэр. Өрүс өллө эҥин уонна да атыны туойар сорох экологтарынан ааттанар дьоҥҥо биири санатыам этэ. 80-с сылларга “Якуталмаз” Мархаҕа химикаты быраҕара уонна онтон бу уу Бүлүү бары улуустарынан устара, онно ядернай эстиилэри оҥорор, ГЭС тутуутугар бөһүөлэктэри тимирдэр эрдэхтэринэ – дьэ бу дьиҥнээх экологическай иэдээн этэ. Биллэн турар, Бүлүүгэ хоромньу оҥоһуллубута уонна бу толуйуллуохтаах.

Бу саахал биһигини туохха үөрэттэ? Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уунан хааччыйыы сөптөөх тиһигин оҥоруохтаахпыт. Бу Бүлүүгэ эрэ сыһыаннаах буолбатах. Сорохтор киниттэн ууну иһэр табыллыбат диэн суруйаллар – Саха сирин ханнык баҕарар өрүһүттэн иһэр табыллыбат. Лена, Дьааҥы, Алдан уонна да атыттар  Бүлүүтээҕэр өссө киртийэн тураллар. Ол эрэн, киин куоракка балаһыанньа үчүгэй өттүгэр тосту уларыйда. Бүгүн Дьокуускай саҥа водозаборыгар сыһыаннаах бары докумуоннарга илии баттанылынна. Ол аата уу санитарнай ирдэбиллэргэ толору эпиэттиир буолла. Маны сорохтор билигин аахайыахтара суоҕа, ол эрээри саас кыраантан ыраас, дьэҥкир уу кэллэҕинэ хайдах буолбутун өйдүөхтэрэ.

Өлүөнэ муостатын туһунан ыйыппатым табыллыбат. Интэриэстээхтэр ортолоругар Кытай хампаанньалара бааллар диэбитиҥ. «Чжоданы” кытта история күөнүгэр бу бырайыак олоххо киириэ суоҕа диэн сэрэхэдийбэккин дуо?

— “Чжода” Кытайга үлэлиир хампаанньалартан биирдэстэрэ эрэ. Интэриэстээхтэр истэригэр бааллар аан дойду 100-топ ахсааныгар киирээччилэр. Кинилэр бэйэлэрэ эрэ буолбакка, Арассыыйа бөдөҥ корпорацияларын консорциумун кытта киирбиттэрэ. Эппиэтим маннык.

— Массыына айанныыр муостатын тутууну тоҕо туруорсаҕын?

— Бэйэтин кэмигэр өрүс аннынан барар суол, тимир суол муостатын туһунан кэпсэтиилэр маны тутар кыаҕы биэрбэтэхтэрэ. Биһиги, биллэн турар, манан сибээстээн мөккүһэбит, холобур, Вячеслав Анатольевич Штырову кытта – кини суол холбоһуктаах буолуохтаах диир. Ол эрээри ханнык баҕарар урбанист көрүүтүгэр Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх – өрүс араас кытылларыгар  олохсуйбут биир куорат. Муоста тутулуннаҕына – бу дьиҥнээхтик биир куорат буолуоҕа. 400 тыһыынча нэһилиэнньэлээх биир куоракка тимир суол икки холбуур ситимэ (узел) хайдаҕын да иһин баар буолбат, онно эбии Дьокуускай өттүттэн тугу да тиэйии суох. Куоракка “тимир суолу” тутуу уонна Өрүс пуордугар тиэрдии Аллараа Бэстээххэ причальнай истиэнэни тутардааҕар ыарахан буолуоҕа. Бу сөбө суох.

Хаһыат дьылҕата – омук дьылҕата!

— Тоҕо кэлэр дьылы Сомоҕолоһуу сыла диэн биллэрдиҥ?

         — Биһиги сахалар, уопсайынан, хайдыһарбытын наһаа сөбүлүүбүт. Сахалар да хайдыһабыт, Саха сирин олохтоохторо да арахсабыт, улуустаһабыт. Партиялар боппуруостарыгар кыра аайыттан Арассыыйаны быһаарар дьон курдук быыбар аайы өлөрдүү киирсэбит. Ыал ыалынан, аймах аймаҕынан, уулусса уулуссанан, нэһилиэк нэһилиэгинэн үлтү киирсэн-киирсэн баран, хайабыт эрэ кыайдаҕына биэс ылы быһа эйэлэһэ сатыыбыт, саҥа эйэлэһэн эрдэхпитинэ хаттаан быыбар буолар – хаартына уларыйбат. Саха Республиката биһиги омук аатынан ааттаммыт дойду. Онон биһиги уопсай интэриэспитин булуохпутун наада. Холобура, Өлүөнэ муостанын ылыахха. «Ким муоста тутуутун утарар?», диэн ыйыттахха тыһыынча киһиттэн уонча эрэ утарыаҕа, атыттар бары биир интэриэстээх буоланнар холбоһуохтара. Оччоҕуна бу муоста тула түмсүөххэ ээ. Аҕыйах сыллааҕыта урукку дьаһалта “федераллары” кыйахааман, ити боппуруоһу көтөҕүмэн дииллэрэ. Ол сыыһа. Биһиги уопсай интэриэспитин көмүскүөхтээхпит, ол туһугар түмсүөхтээхпит буоллаҕа. Сомоҕолостохпутуна эрэ төрөөбүт дойдубут иннин диэки барыаҕа, дьон олоҕо тупсуоҕа.

— “Саха сирэ” хаһыаты ааҕааччы быһыытынан хайдах сыаналыыгын?

— Сүрүн государственнай хаһыаппытын ааҕабын. Хомойуох иһин, соҕотох «Саха сирэ” хаһыакка эрэ эппэппин, мин көрдөхпүнэ, саха тыллаах журналистикатыгар балаһыанньа ыараан эрэр. Тылбыт сорох түгэннэргэ сахалыы тыына суох, аһары оҥоһуулаах диэхпин баҕарабын. Олоххо күн аайы туттуллар тыллары аһары сахатыта сатыыллар, онтон сороҕор, төттөрүтүн, уус-ураннаан суруйар оннугар наһаа судургутук суруйаллар. Кэнники кэмнэргэ саха журналистиката мөлтөөтө. Ол иһин, кэлэр сылларга журналистикабыт саҥа таһымҥа тахсарыгар туох эрэ хаамыылар наадалар дии саныыбын. Бу манна, бастатан туран, журналистар бэйэлэрэ үлэлэһиэхтээхтэр. Ону таһынан суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ кыттыһыахтаахтар. Хайдах гынан хаһыаттар таһымнарын үрдэтэбит, үлэлиир ньымаларын уларытабыт, саҥа эдэр журналистары иитэн таһаарабыт диэн. Ити дьиҥинэн сүрдээх уустук боппуруос. Интернет кимэн киирэ турар, онон кумааҕы хаһыат баҕар сүтэн да хаалыа. Оччотугар саха тыла аан дойду ситимигэр хайдах баар буоларый? Журналистика кыһалҕатыгар тиийдибит да, икки хардыынан тыл боппуруоһугар, онтон омук дьылҕатыгар тиийэбит — глобализация кэмигэр салгыы омук быһыытынан хайдах сайдар эбиппитий диэҥҥэ.

“Чолбон”, “Европа», “Спартак”

— Сахалыы ааттааҕын эйиэхэ көмөлөһөр дии саныыгын дуо?

— Ханнык баҕарар киһиэхэ аата дьайар буоллаҕа. Мин итэҕэйэбин сахалыы ааттааҕым миэхэ көмөлөһөрүгэр. Оскуолаҕа үөрэнэрим саҕана мин көлүөнэбэр сахалыы аттаах оҕо аҕыйах этэ. Онон мин ааппынан куруук киэҥ туттар этим. Билигин сахалыы ааттаах оҕо элбээбититтэн үөрэбин.

— Эн эһэҥ Өндөрөй Тиитээрэп алгысчыт, тойуксут, оһуор тыллаах оһуохайдьыт, олоҥхоһут быһыытынан биллибит киһи. Итинтэн сиэттэрэн — саха фольклорун төһө билэҕин?

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үлүһүйэн туран интэриэһиргиир этим диэн этэр кыаҕым суох, чуолаан олоҥхону. Ол эрэн, эһэм былыргы остуоруйалары, үһүйээннэри кэпсиирин бэрткэ өйдүүбүн. Кини миигин төрүт сирдэринэн сырытыннаран, оттуу бардахпытына айылҕаны кытта ситимнээбит киһинэн буолар.

— Сатаан от охсоҕун дуо?

— Охсон бөҕө буоллаҕа. Тоҕус сааспыттан үрдүк үөрэххэ киириэхпэр дылы сайын аайы окко сылдьыбыт киһибин. Илиинэн охсон, мунньан, бугуллаан, кэбиһэн. Онон от үлэтин ыараханын, ымпыгын-чымпыгын эт хааммынан билэбин.

— Саха литературатын төһө билэҕин?

— Мин саха литературатын ааҕарын ааҕар этим. Онтукам Москваҕа үөрэнэр сылларбар, дойдубуттан тэлэһийэн сылдьар кэмнэрбэр күүһүрбүтэ. Сөбүлээн ааҕар суруйааччым Былатыан Ойуунускай буолар. Чуолаан, “Улуу Кудаҥсатын” хаста да аахпытым. Кини саха литературатын төрүттээчиилэртэн биирдэстэрэ буолан, мин санаабар, кини айымньылара сүрдээх дириҥ ис хоһоонноохтор. Аан дойду таһымнаах улуу суруйааччылаахпытынан киэҥ туттабын.

— Физик буоларын быһыытынан Борис Слуцкий диэн поэт «Физики и лирики» диэн хоһоонун аахпытын буолуо. Ол онно маннык тыллар бааллар:

           Что-то физики в почёте,
          Что-то лирики в загоне.
          Дело не в сухом расчёте,
         Дело в мировом законе…
—  Итинник хаһан баҕарар кэмҥэ баар буолар. Билигин баар дии — технократтар уонна гуманитарийдар куоталаһыыларын түмүгэр, мин санаабар, олох иннин диэки хамсыыр буоллаҕа. Физиктар суохтара буоллар аҥаардас лириктар космоска көтөр кыахтара суох, онтон, төттөрүтүн, физиктар культураны, искусствоны, айар эйгэни сайыннарар кыахтара суох. Ол иһин, хайаан даҕаны иккиэн – физиктар уонна лириктар баар буолуохтаахтар.

— Эн биир дойдулаахтарын Тумус Мэхээлэ уонна «Чолбон” бөлөх буолаллар. Урут “Программа А” биэриигэ “Чолбон” бөлөҕү Мирнэйтэн сылдьаллар диэбиттэр. Ону “дьиҥнээҕин” булларар туһуттан, Шаболовкаҕа тиийэн, бу ырыаһыттар Үөһээ Бүлүүттэн буолалларын дакаастаан, уларыттарбыт үһүгүн. Бу чахчы дуо?

— Мин Шабаловкаҕа тиийэн ааннарын тэбиэлээбитим диэбэппин (күлэр). Ол гынан баран, Москваҕа рок эйгэҕэ сылдьар, үлүһүйэр билэр оҕолорум, доҕотторум элбэх этилэр. Кинилэргэ телефонунан эрийэн быһаарбытым уонна көннөттөрбүтүм. Тумус Мэхэлээни үчүгэйдик билэбин, “Чолбон” бөлөххө оонньуур убайдарбын эмиэ бэркэ билэбин, оскуолаҕа үөрэнэр сааспыттан. Кинилэр саха рок-музыкатын саҥа кэрдиискэ таһаарбыттарынан, саҥа сүүрээни үөскэппиттэриттэн киэҥ туттабын.  Манна даҕатан эттэххэ, үөрэхпин бүтэрэн баран «Дуораан” бөлөх ырыаларын эмиэ сөбүлээн истэр этим.

— Эһиил Тыйаатыр сыла. Москваҕа ханныктарга сылдьааччыгыный? Ити эйгэҕэ төһө чугаскыный?

— Тыйаатырга мин куруутун быыс эрэ булларбын сылдьа сатыыбын. Москва5а үөрэнэ сылдьан биллэллэри барыларыгар кэриэтэ сылдьыбытым. Ол саҕаттан билиэт булар уустук этэ, тигистэрбин эрэ барааччыбын. Билигин даҕаны бириэмэ буллахпына киин куорат тыйаатырдарыгар сылдьа сатыыбын. Онтон Саха театырын премьераларын эмиэ көтүппэккэ көрө сатыыбын. Үөрэнэ сылдьан биир дойдулаахтарым туруорууларын хаста даҕаны көрөн турабын. Холобура, Улуу Кудаҥсаны Москваҕа көрбүтүм. Киинэҕэ сылдьарбын эмиэ оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Уларыта тутуу кэмигэр үөрэммитим. Онон бобулла сылдьыбыт киинэлэри көрбүт дьоллоохпун. МГУга бастыҥ режиссердары кытта көрсүһүү бөҕөтө буолара. Киинэ диэн дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар искусство биир бастыҥ көрүҥэ буоллаҕа дии. Саха киинэтэ сайдан иһэриттэн ис сүрэхпиттэн үөрэбин, аан дойду таһымнаах бириистэри ылалларыттан астынабын. Эстрада уонна Үҥкүү тыйаатырдара сотору “Европа” кулууп дьиэтигэр малааһынныахтара, эһиил Майаҕа, Ньурбаҕа таас кулууптар тутуулара саҕалыныахтара.

— Спорт ханнык көрүҥүн интэриэһиргиигин?

—  Күөх экран нөһүө спорду барытын кэтээн көрөбүн, быһаарсабын диэхпин сөп. Онтон чуолаан, ат сүүрдүүтүн уонна көҥүл тустууну көрөрбүн сөбүлүүбүн. Футболга “Спартакка” урут-уруккаттан «ыалдьабын”. Уонна Арассыыйа сүүммэрдэммит хамаандатыгар, төһө да мөлтөхтүк оонньоотоллор (күлэр).

— Бу ааспыт аҕыйах ый иһигэр наһаа элбэхтик кэлэҕин-бараҕын, этэргэ дылы, утуйар уугун умнан, күнүстэри-түүннэри үлэлиигин

— Утуйарбар бириэмэм   олох  тиийбэт.  Ордук  сэтинньи  иккис,  ахсынньы  бастакы  аҥардарыгар  ыгааһыннаах  кэмнэр  этилэр.  Ааҕан көрбүтүм, 3-түү,  4-түү  чаас  утуйан  ыла-ыла,  8  күн  куугуначчы  көппүтүм. Мин бэйэбэр ылыммыт эппиэтинэспин өйдүүбүн. Бу маннык тэтиминэн үлэлээтэхпитинэ-хамнаатахпытына эрэ кылгас кэм иһигэр уларыйыылар, ситиһиилэр кэлиэхтэрэ. Ону бары өйдүөх тустаахпыт.

Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0