Хаастаах кыыс най барбыт дии санаабаккыт дуо? (БЛОГ)

Ааптар: 
10.05.2017
Бөлөххө киир:

Кыайыы күнүгэр фэйсбук лентатын көрөбүн — бэтэрээннэргэ махтал тыллара, видеолар, «Бессмертный полк» хаартыскалара, ахтыылар… Ол быыһыгар Кыайыы күнүнэн Хаастаах кыыс — Анжелика Протодьяконова «эҕэрдэлээбит». Пиибэ бытыылкаларын кууһан баран утуйа сытар. Ама да буолбутун иһин, кыыспыт аһары барбыт. Бастаан утаа хааһын кэтиттик сото-сото  пицца, суши рекламалыырыгар, роликка уһулларыгар, чэ, Малаховка даҕаны айанныырыгар таһаарар хаартыскаларын киһи син тулуйар этэ. Нууччалыы эттэххэ, «это было даже прикольно». edersaas.ru

Наадыйбатахха, сотору бэйэтэ даҕаны салҕан тохтуоҕа дии саныырым. Наадыйар дьон, дьэ, баар эбит. Билигин кыыспыт Инстаграмҥа сурутааччыта 64 000 киһи. Икки күн соруйан кэтээн көрдүм — туох да омуна суох, күҥҥэ сүүстүү киһи эбиллэр.  Ол иһигэр 10-16 саастаах оҕолор. Хас биирдии хаартыскатын анныгар үөҕүү, маатыра да баар, «маладьыас, кытаат» да дииллэр, ол быыһыгар бэйэ-бэйэлэрин кытта аахсан этиһэллэр. Хаастаах кыыс курдук эпатажнай фриктэр урут даҕаны элбэх дьон болҕомтотун тардаллара. Билигин социальнай ситимҥэ барыта аһаҕас, көҥүл буолан, дьон тугу интэриэһиргиирэ тута көстөр. Онон ситэ сайда илик, ньулдьаҕай уйулҕалаах оҕолору маннык дьон дьайыытыттан харыстыахха наада. Оҕо манныгы нормальнай дии саныан сөп: Хаастаах кыыска анаан худуоһунньуктар хартыына уруһуйдууллар, «сулустар» селфигэ түһэллэр, кэтит хаас уруһуйданаллар, Россия атын куораттарыттан Анжелика куукулатын оҥорон ыыталлар, Америка визажистара кини хааһын үтүктэллэр… Дьолго диэххэ, Малахов передачатыгар көстүбэтэҕэ. Арай көрдөххө, быһаччы «сулус» — 64 тыһ. киһи кинини интэриэһиргээн, күннээҕи олоҕун кэтиир. Хайдах саҕаламмытай? Манна санаттыбыт.


Маныаха, бүгүн Госдуумаҕа дьокутаат Виталий Милонов 14 сааһын туола илик оҕолорго социальнай ситими бобор туһунан сокуон барылын киллэрбит. Сокуон оҕолору соц.ситим дьайыытыттан харыстыыр аналлаах. Бу туһунан РБК суруйар. Бырайыакка сурулларынан, соц.ситимҥэ регистрацияны ааһарга пааспар ирдэнэр буолуохтаах. Соц.ситим хаһаайына 14 сааһын туола илик оҕону регистрациялыыр түгэнигэр, 300 тыһ. солк. ыстараап төлүүр. Хас даҕаны страницалаах эбэтэр сыыһа дааннайы биэрбит киһи  3–5 тыһ. солк. ыстарааптанар. Аны туран, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго маатыраны, төрөппүттэргэ убаастабыла суох сыһыаны үөскэтэр суруйууну, хаартыскалары тарҕатар страницалаах дьон эмиэ ыстарааптаныахтарын сөп.

Үлэ кэмигэр соц.ситимҥэ «олорумаҥ»…

… диэбиттэр. Сокуоҥҥа сурулларынан, гос.сулууспалаахтарга, бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр үлэ кэмигэр социальнай ситимҥэ олороллоро эмиэ бобуллар. Госдуума Информполитикаҕа кэмитиэтин чилиэнэ Евгений Ревенко: «Маннык сокуон ыччаты тэйитиэ, бопсубакка, ыччаты кытта соц.ситимҥэ киирэн кэпсэтиэххэ, иитиэххэ наада» — диэбит. Билигин интэриниэккэ экстремизмы, терроризмы, наркоманияны о.д.а. бобор сокуоннар бааллар. Владимир Путин интэриниэт чааһыгар сүбэһитэ Герман Клименко РБК сайтка эппитинэн, бырайыагы өссө чочуйуохха наада. «14 саастарын ситэ илик оҕолор тас дойду соц.ситимнэригэр көһүөхтэрэ, оттон, холобур, «ВКонтакте» «олорор» Украина, Белоруссия уонна Казахстан оҕолорун эмиэ сүтэрэбит. Мин сокуону чочуйарга бэлэммин», — диэбит.
Бүгүн ВЦИОМ (Всероссийский центр изучения общественного мнения) биллэрбитинэн, Россия олохтоохторун 62%-на сокуон ис хоһоонун өйөөбүттэр. Наадалааҕынан аахпыттар. Манна үксүн 18-28 саастаах дьон кыттыбыт.

ПС: Ааҕааччы, пост анныгар санааҕын хааллар. 

Эдита. 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0