Этэрбэс араадьыйата

Бөлөххө киир:

Социальнай ситимнэргэ киһи хараҕар тута быраҕыллар хаастаах кыыһы дьон-сэргэ оллоонноон олорон ырытта. Ким эрэ сүөргүлээтэ, ким эрэ сэмэлээтэ. Үгүстэр дьон тус олоҕор орооһууну утардылар. Оннооҕор кыыһы үтүктэн хаас уруһуйдана-уруһуйдана «Инстаграм» ситимигэр бэйэлэрин хаартыскаларын элбэх киһи таһаарда.

1

Хаастаах кыыс хаартыската

Соһуччу, кылгас кэм иһигэр уруһуй хааһынан аатырбыт буолбут кыыс 20 саастаах эбит. Кини аата Анжелика Протодьяконова диэн. Кытай ырыынагар атыыһытынан үлэлиир.

anzhelika

Бу туһунан Анжелика маннык кэпсээтэ:

«Аймах кыыспыттан ватсап ситимигэр мин хаартыскам тарҕаммытын истэн кыбыста санаабытым. Хааспын тута сотон, хас да күн дьиэбиттэн быкпакка олорбутум. Онтон толкуйдаан көрбүтүм, мин хааспын маннык кырааскалыыр буолбутум номнуо иккис сыл буолла. Мин киһи быһыытынан уратыбын тоҕо дьон саҥардаҕын, күлүү-элэк гыннаҕын аайы уларытыахтаахпыный, хайдах баарбынан сылдьыам».

Куораппытыгар дьикти менталитет баар. Ким эрэ кими эрэ сүөргүлээн хаартыскаҕа түһэрэн социальнай ситимҥэ тарҕатта даҕаны, саахарга сыстар сахсырҕалар курдук онно саба түһэр идэлээхпит. Оттон бу тарҕанан, аата-суола баран эрэр кыыс кимэ-туга, туох олохтооҕо-дьаһахтааҕа оруолу оонньообот. Киһини маннык ыган-түүрэн, аҥардас хайдах кырааскаламмытын күлүү-элэк оҥостон өлүүгэ да тиэрдиэххэ сөп курдук. Хата, Анжелика киэҥ көҕүстээх киһи буолан, буолбут быһыыны-майгыны холкутук ылыммыт, аһарыммыт. Онуоха кини оҕо эрдэҕиттэн олох үгүс ыарахаттарын тулуйар, дьону кытта сатаан алтыһа үөрэммит ураты дьоҕура көмөлөспүтэ буолуо.

«Мин оҕо саас диэн хайдаҕын да бу диэн өйдөөбөппүн. Аймахтарбынан олорон биэс саастаахпыттан ынах ыаһар этим. Хара үлэҕэ миккиллэн улааппытым. Билигин оҕобун уонна ийэбин кытта бииргэ дьиэ куортамнаан олоробут. Ырыынакка атыылаан булунар харчыбыт дьиэбит куортамар да тиийбэт», — диир Анжелика.

Анжелика инникитин «Мисс Виртуальная Якутия» кыттыан баҕарар эбит. Аҕыйах күн иһигэр түргэнник социальнай ситим дьоруойа буола охсубут кыыс баҕа санаата оруннаах. Тоҕо кини бу куонкуруска кыттыа суохтааҕый?

Күөрт ыт күлүүтүгэр

Хас биирдии омук бэйэтэ туспа култууралаах, эйгэлээх. Биһиэхэ, сахаларга, саха сэмэй кыыһа диэн өйдөбүл баар. Ол эрээри, кими эрэ сэмэлээри, сирэй-харах анньаары гынныбыт даҕаны, бу сэмэй уобараһы тумус тутан дьону саралыыр идэлээхпит. Олох хаамыыта тэтимнээх. Ол эрээри, ис култуураҕа, дьону баһааҕырдыыга, бэйэни туттунууга сайдыы олус бытаан. Ол биһиги култуурабыт намыһаҕын туоһута дии саныыбын. Куһаҕаны үөрэ-үөрэ камераҕа устан тарҕатыы кэлиҥҥи кэмҥэ дэлэйдэ. Ким эрэ арыгы иһэн баран үөхсэрин, саха кыыһа сыгынньах сытарын, учуутал сирэйигэр силлээһини, тахсан киирэ турар, итирэн охтубут дьону, о.д.а. Биир сарсыарда уһуктан аат-суол барбытын социальнай ситимҥэ көрөн соһуйуу, саамай кырата киһини сүрэх ыарыытыгар тиэрдиэн сөп.

Биһиэхэ баар курдук социальнай ситимнэр атын дойдуларга эмиэ бааллар. Ол эрээри ватсап ситимэ үгэннээн Сахабыт сиригэр силистэнэн-мутуктанан үлэлиирин оннооҕор Москва олохтоохторо сөҕөллөр. Дьон олоҕор орооһуу, буруйдааһын-сэмэлээһин, күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр ыытыы намыһах культурабытын эрэ кэрэһэлиир.

Эксперт санаата:
savva
Савва Михайалов, СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы:

— Ватсап диэн аноним буолбатах. Ону өйдүөх тустаахпыт. Тугу суруйарбыт барыта бэйэбититтэн тахсар. Биир сөбүлээбэтим диэн, араас бөлөхтөргө (пабликтарга) мөкү комментарийдар бааллар, онтон саха дьоно туттунуох баара. Билбэт киһигин үөҕэр, сэмэлиир сатаммат. Холобур, ити хойуу хаастаах кыыс баар дии, ону эмиэ тоҕо күлүү-элэк оҥостоллор? Кини бэйэтин талбыт суола, эн оннук хойуутук соттума да, бүттэҕэ дии. Мөкү энергияны бэйэҕиттэн таһаарар буоллаххына, оннугу бэйэҥ хомуйаҕын. «Не суди, судим и не будешь» диэн бэрт этии баар. Сөбүлээбэтэх да буоллаххына, аһардан кэбис, тугу эрэ суруйан, киһи тас көстүүтүн дьүүллүүр, тарҕатар сыыһа. 

Социальнай ситимҥэ хас биирдии киһини хонтуруоллуур эбэтэр туохха эрэ быраабын күөмчүлүүр эмиэ сыыһа. Ол эрээри этика, култуура нуормаларын киһи бэйэтэ билиэхтээх. Уопсайынан, үчүгэйи, кэрэни таһаарыы, сырдатыы биһирэниэхтээх. Кыргыттар таҥастарын көһүрэтэн, сыгынньах кэриэтэ араастаан түһэллэрэ эмиэ биһиги омугу киэргэппэт. Арыый сэмэй, сиэрдээх буолуохтаахпыт.

Сүбэм маннык, куһаҕаны бэйэҕэр мунньума, куһаҕан өрүттээх информацияттан тэйэ сырыт. Сороҕор «бу уорбут», «бу куота сылдьар», «ити кими эрэ албыннаабыт» диэн суруктар, хаартыскалар кэлэллэр. Итини эмиэ биһирээбэппин. Киһи буруйун суут эрэ мэктиэлиир, социальнай ситим итини быһаарар кыаҕа суох, хата, дакаастабыла суох пост таһааран бэйэҥ сокуону кэһэҕин.

gavril

Гаврил Андросов, «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы, суруналыыс, суруйааччы:

— Социальнай ситимнэр Инстаграм, ватсап, твиттер о.д.а. эриэхэмэй ааттаммыттарын иһин, суолталара уонна ис хоһоонноро биир. «Этэрбэс араадьыйата» диэн өйдөбүл баар сахаҕа. Ол интернеккэ, виртуальанй эйгэҕэ, киирбит көстүүтэ, дии саныыбын. Онон хоп-сип, дьону үөҕүү, күүркэтэн хайҕааһын, киһиргэтии, быһа этии көрүҥнэнэрэ көстө туруох чинчилээхтэр. Уопсастыба, дьиҥэр, бэйэтэ бэлэмнээх, сайдыылаах, ис култуурата үрдүк буоллаҕына, итиэннэ бэйэ-бэйэҕэ ытыктаһыы, таптал эрэ баарыгар, бу көстүү симэлийиэн сөп. Оттон бу барыта хаһан туолара, учууталбыт Баһылай Бырдьахаанап этэринии, ырыалаах олоҥхо.

Сүбэ:

1. «ВКонтакте» эбэтэр «Facebook» социальнай ситимҥэ тус страницаҕын үлэҕэ туһанар буоллаххына, сорох информацияны кистиэххин сөп. «Настройки приватности» диэн кнопканы баттаан, ким эн хаартыскаларгын, суруккун көрөрүн бэйэҥ быһаараҕын.

2. Ханнык баҕарар хаартысканы (дьиэ кэргэҥҥит, бэйэҕит түспүккүтүн, дьону түһэрбиккитин) соц.ситимҥэ угаргытыгар, Интернет киэҥ куйаарыгар «быраҕаргытын» өйдөө. Аны, кими эмит дуона суох сэмэлээн, кириитикэлээн таһаараргар эмиэ үлүбээй суруйар сатаммат. Тус страницаҕын элбэх киһи «ааҕарын» умнума.

3. Саха сирин Интернет эйгэтэ кыараҕас буолан, ким хайдах тыыммыьта тута биллэн, тарҕанан иһэр. Онон, кыыһыра олорон эбэтэр кимиэхэ эмэ өһүргэнэн суруйааргытыгар, хаартыска таһаарааргытыгар, өбүгэлэрбит этэллэринии, уһуну-киэҥи толкуйдааҥ. Суруллубут суоруллубат. Туттунуҥ.

Ульяна ЗАХАРОВА, Надежда САМСОНОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0