«Далбар Хотун» күрэс (РЕПОРТАЖ)

Бөлөххө киир:

Олунньу 25 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр «Далбар Хотун» өрөспүүбүлүкэтээҕи 9-с күрэс өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

«Катя – алта уол ийэтэ», «Дария – мы с тобой», «Кыыс Амма эйигинниин», «Намский улус – впереди», «Ия Федорова – Оленек с тобой» уо.д.а. былакааттаах, ох курдук оҥостон кэлбит көрөөччүлэр тута улахан бырааһынньык эйгэтин үөскэттилэр. Хас биирдии кыттааччы дьиэ кэргэнинээн сценаҕа тахсыыта үөрэр-көтөр хаһыынан, күүстээх ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Кыттааччылар бэйэлэрин уонна дьиэ кэргэттэрин билиһиннэрэллэригэр күн аайы харахтаан көрбөт мааны таҥаспытынан тахсан, сырдык сцена иһин толорон кэбистилэр. Манна көрүө этигит: саха дьахтара барахсан төрүт өбүгэлэрин таҥастарын-саптарын кэттэҕинэ, киэргэллэрин симэннэҕинэ, хайдах курдук тупсарын, дьиҥнээх саха дьахтара буола түһэрин. Сахабыт сирин маастардара, уран тарбахтаахтара бараммат фантазиялара, илиилэригэр талааннара бүгүн арылыччы көһүннэ. Биир тылынан эттэххэ – киһи эрэ хараҕа көрөн үөрүөх көстүүтэ.

Кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэриилэрин баай ис хоһоонноох нүөмэрдэринэн, соһуччу көстүүлэринэн ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Нам улууһуттан кэлбит Людмила Иванова дьиэкэргэнин үөскээһинин кэпсииригэр өбүгэлэрбит ураһаларыттан тахсан кэлиилэрэ, олохторун дьоллоох түгэннэрин алаһа дьиэлэрин түннүктэрин аһыынан уобарастаан көрдөрүүлэрэ уонна баянынан истиҥ-иһирэх ырыалара олус истиҥник көһүннэ. Екатерина Котаконова сиэнин кытта чэпчэки-чэпчэкитик үҥкүүлээн тэйиитин көрө олорон, кини алта оҕолоох ийэ буоларын итэҕэйэргэ уустук. Ия Федорова ырыатын тэтимнээх үҥкүү, түптэ унаар буруота, саала иһигэр олорооччулары тоҥ балыгынан күндүлээһин хотугу киһи ыалдьытымсах майгытын туоһулаатылар. Таатта талыы Далбара Дария Старостина дьиэ кэргэнинээн гитаранан толорбут эрчимнээх ырыата, хас да гитаралаах уол тахсан ырыаҕа кыттыһыыта, хомусчуттар доҕуһуоллара барыбытын долгутта уонна олус астыннарда. Мария Иванова сардаана туһунан ырыатынан көрөөччүлэри Амма сардааналаах кытылыгар сиэтэн киллэрдэ. Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэлэ Туйаара Егорова кэргэнинээн, оҕолорунаан, сиэннэринээн саха төрүт инструменнарыгар оонньооһуннарын, бэйэтин кылыһахтаах тойугун толорор кэмигэр кини салайар куруһуогун иистэнньэҥнэрэ тикпит кылтан  мындыр таҥастара сөхтөрдө. Галина Васильева биир дойдулааҕа, саха бастакы дьахтар бэйиэтэ Варвара Потапова «Үчүгэйиэн бу сиргэ» хоһоонун ааҕыытын хомус нарын тыаһа киэргэттэ.

Ити курдук, саха дьахтара бииртэн биир ураты талааннааҕын, кини сатаабата, кыайбата суоҕун, ыал ийэтин быһыытынан кэнчээри ыччаттарыгар үтүө холобуру эрэ көрдөрө сылдьарын күрэс бу түһүмэҕэ бигэтик итэҕэттэ.

Саха дьахтара амарах санаалаах

Күрэс үһүс түһүмэҕэр, аһымал аукциоҥҥа кыттааччылар уонна көрөөччүлэр бары биир ситимҥэ киирэн ыллылар. Мааны хаһаайкалар кыһанан-мүһэнэн, сүрэхтэрин сылааһын ууран астаабыт бүлүүдэлэриттэн киирбит харчы инбэлиит оҕо эмтэнэригэр көмө буолуохтааҕын туһунан эрдэ суруйбуппут. Бу олус эппиэтинэстээх уонна дириҥ суолталаах түһүмэххэ бүлүүдэлэр 3 тыһыынчаттан саҕалаан, 65 тыһыынча суумаҕа (Нам Далбар хотунун бүлүүдэтэ) тиийэ атыыланнылар.

Аҕыйах чаас иһигэр аукционтан киирбит 192 тыһыынча уонна көрөөччүлэр баҕа өттүлэринэн биэрбит 22 тыһыынча солкуобай суумалаах харчылара ДЦП-лаах уолчаан ийэтигэр туттарылынна. Манна даҕатан эттэххэ, былырыын биир бастыҥ бүлүүдэ 66 тыһыынча суумаҕа турбута. Уопсайынан, куонкурус кэмигэр киирбит 400-тэн тахса тыһыынча уу харчыны дьон-норуот көрөн олордоҕуна, ыалдьар оҕо ийэтигэр туттарыы эмиэ олус долгутуулааҕа.

Кыайыылааҕы биллэрэр тыҥааһыннаах кэм

Туох барыта түмүктээх дииллэринии, кыайыылааҕы быһаарар долгутуулаах түгэн тиийэн кэллэ. Дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары быһаарар эппиэтинэстээх кэмигэр эстрада тыйаатырын бастыҥ артыыстара Анатолий Бурнашев, Виталий Очиров уо.д.а. көрөөччүлэргэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.

Аан бастаан «Далбар Хотун» сурунаал эрэдээктэрэ Зинаида Архипова СИА сайтыгар тэриллибит куонкурус кыайыылаахтарын биллэрдэ. Интерактивнай куонкуруска бастакы миэстэни Дария Старостина, иккиһи – Галина Васильева, үсүһү Туйаара Егорова ыллылар. Кинилэри урукку куонкурустар кыайыылаахтара Татьяна Ворогушина, Людмила Павлова, Анна Семенова эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэрин туттардылар.

Онтон күрэс номинацияларын хаһаайкалара биирдии-биирдии ааттаннылар.

«Уран Хотун» (бастыҥ оҥоһуктардаах кыттааччы) – Мария Иванова;

«Мааны Хотун» (саамай кэрэ сахалыы таҥастаах-саптаах кыттааччы) – Ия Федорова;

«Иэйии Хотун» (чаҕылхай айар талааннаах кыттааччы) – Галина Васильева;

«Айыы Хотун» – Мария Иванова (аһымал аукцион түмүгүнэн элбэх үбү киллэрбит кыттааччы);

«Талба Хотун» ( атаҕар турбут аныгы, байылыат хаһаайыстыба хотуна) – Дария Старостина;

«Сайдам Хотун» – Екатерина Котоконова ыллылар.

Номинациялар ааттаммыттарын, кинилэри эҕэрдэлээһин кэннэ биир эрэ кыттааччы хаалла. Ол, биллэн турар, кыайыылаах. Кыайыылаах аата ааттана да илигинэ, саала иһэ уруй-айхал саҥатынан оргуйан олордо. Куонкурус кыайыылааҕын, өрөспүүбүлүкэ Далбар Хотунун аатын Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан кыттыбыт Туйаара Егорова ылла. Кини «Синтай» тыраахтарынан наҕараадаланна.

«Сэргэлээх уоттара» сцената бүгүн хаһааҥҥытааҕар да сырдаабыкка, кэрэтийбиккэ дылы. Бүгүҥҥү күн курдук элбэх сибэкки, ис дууһаттан тахсыбыт эҕэрдэ тыллар, дьолтон саҕыллыбыт харах уута хайдахтаах курдук үлэттэн, тэрээһинтэн, дьиэ кэргэҥҥэ бэриниилээх буолууттан тахсыбыта буолуой? Ону, арааһа, өрөспүүбүлүкэ быйылгы мааны далбардара уонна тэрийээччилэр – «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ, «Далбар Хотун» сурунаал уо.д.а. эрэ билэн эрдэхтэрэ.

Оттон махталлаах көрөөччүлэр эһиилги, онус «Далбар Хотун» куонкурус эмиэ маннык киэҥ далааһыннаахтык, үөрүү-көтүү үктэллээх буоларыгар баҕара хааллыбыт. Онно эмиэ тыа сиригэр олорон уйгуну уһансар, тыа ыалын дьоһун олоҕун сураҕырдар.  элбэх чулуу ыччаты иитэр, иллээх-эйэлээх ыал ийэлэрэ кыттыахтара турдаҕа.

Далбар Хотуттар кимнээхтэрий?

  1. Екатерина Константиновна КОТОКОНОВА (Үөһээ Бүлүү Ороһу с.) – кэргэннээх, 6 уоллаах, 10 сиэннээх.

Тыйаатыр кэлэктииптэрин режиссера. Тус хаһаайыстыбалаах. Иллэҥ кэмигэр быысапкалыырын, үҥкүүлүүрүн, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанарын, айылҕаҕа сынньанарын сөбүлүүр. Ороһу нэһилиэгин «Күбэйэ» эбээлэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, «Ийэҕэ албан аат» үһүс степеннээх мэтээллээх.

Баҕа санаата: «Оҕолорум уонна сиэннэрим бары дьоллоох, доруобай буоллуннар»


  1. Дария Степановна СТАРОСТИНА (Таатта улууһун Чычымах с.) – кэргэннээх, 4 оҕолоох, 4 сиэннээх.

2005 сылтан тэриммит «Старостин Е.П.» бааһынай-фермер хаһаайыстыбатыгар 104 сылгылаах, 30 ынах-сүөһүлээх. Хаалыктаах хаамыынан, дуобатынан, фитнеһинэн дьарыктанар. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, гитараҕа уонна хомуска оонньуурун сөбүлүүр. «Күн Далбар» дьахталлар ансаамбылларын салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх, импровизатор-хомусчут.

Баҕа санаата: «Аан дойдуну кэрийиэхпин, бизнеспит сайдыан, тус хаһаайыстыбабыт сайдыан баҕарабын».


  1. Мария Егоровна ИВАНОВА (Амма улууһун Амма с.) – кэргэннээх, 3 оҕолоох, 2 сиэннээх.

Бааһынай-фермер хаһаайыстыба хаһаайката. Кэрэ малы-салы кэллиэксийэлиирин, ыллыырын, сценкаҕа оонньуурун, туойарын сөбүлүүр. Арассыыйа ийэлэрин уопсастыбаннай хамсааһыннарын Саха сиринээҕи салаатын хамсааһынын кыттыылааҕа.


Баҕа санаата: «Чугас дьонум доруобай уонна дьоллоох буоллуннар».

  1. Людмила Егоровна ИВАНОВА (Нам улууһун Кириэс Кытыл с.) – кэргэннээх, 3 оҕолоох, 9 сиэннээх).

Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей ыстаарсай асчыта. Спордунан дьарыктанарын, кэллиэксийэлиирин, астыырын, ыллыырын сөбүлүүр. Нам улууһун дьахталларын уонна предпринимательствотын сэбиэттэрин чилиэнэ, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Баҕа санаата: «Орто дойдуга ил-эйэ баар буоллун».


  1. Туйаара Дмитриевна ЕГОРОВА (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суола с.) – кэргэннээх, 3 оҕолоох, 3 сиэннээх.

Эбии үөрэхтээһин учуутала. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, сценкаҕа оонньуурун, хоһоон ааҕарын, туойарын, хомустуурун, оһуохайдыырын сөбүлүүр. Морук нэһилиэгин сэбиэтин дьокутаата, чөл олох кулуубун чилиэнэ, «Туос тойуга» дьахталлар куруһуоктарын салайааччыта. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Моорук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун маастара, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Сцена бэтэрээнэ».

Баҕа санаам: «Үөрэнээччилэрбэр кэрэ көмөтүнэн норуот айымньытыгар тапталы иҥэрии».


  1. Ия Прокопьевна ФЕДОРОВА (Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон Өлөөн с.) – кэргэннээх, 3 оҕолоох,4 сиэннээх.

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго иитээччинэн үлэлиир. Спорду сөбүлүүр, волейболунан, дьоҕус футболунан дьарыктанар. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, хоһоон ааҕарын, массыына ыытарын ордорор. Өлөөн оройуонун волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. «ИДьМ туйгуна», «СӨ физическэй култууратын уонна спордун туйгуна».

Баҕа санаата: «Бэйэбэр уонна чугас дьоммор, билэр уонна билбэт дьоммор дьолу баҕарабын».


  1. Галина Егоровна ВАСИЛЬЕВА (Ньурба улууһун Антоновка с.) – кэргэннээх, 4 оҕолоох, 2 сиэннээх.

Антоновка орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһиҥҥэ технология учуутала. Ынах-сүөһүнү иитэр тус хаһаайыстыбалаахтар, оҕуруот аһын, дьэдьэн арааһын үүннэрэр. Иллэҥ кэмигэр иистэнэрин-баайарын, литэрэтиирэҕэ айар үлэнэн дьарыктанарын, түүлээхтээн бэргэһэлэри, эгэлгэ тортары тигиинэн дьарыктанар. «Далбар Хотун 2016» оройуоннааҕы куонкурус кыайыылааҕа.

Баҕа санаата: «Ньурба оройуонугар спорт комплекса уонна стадион тутуллара буоллар».

Куонкурус хаартыскаларын манна көрүөхүтүн сөп.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мария Васильева түһэриилэрэ (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0