Гузель Яхина «Зулейха открывает глаза» айымньыта тугу сахта?
Татаар суруйааччыта Гузель Яхина 1930-с cыллар туһунан «Зулейха открывает глаза» диэн айымньыта киэҥ биһирэбили ылла. Айымньы кинигэ буолан 2015 сыллаахха тахсыбыта. Быйыл бу кинигэнэн аҕыс сиэрийэлээх киинэ күөх экранынан көһүннэ.
Айымньы 2015 сыллаахха «Большая книга», «Ясная поляна», «Книга года», 2017 cыллаахха «Премия читателя» литературнай бириэмийэлэргэ тиксибитэ.
Бу суруйуу, бастатан туран, уус-уран айымньы буолар. Дьиҥ олоххо буолбут устуоруйаҕа олоҕуран таҥыллыбыт сүдьүөттээх буолан, мин көрүүбэр, биир улахан кыһалҕаҕа ситимнэнэн, тус дьон дьылҕатын көрдөрөр. Бу дьон бары соһуччу сору, киһи үөйбэтэх өттүттэн улахан кыһалҕаны көрсүүлэрэ айымньыга хас биирдии дьоруой майгытын-сигилитин сыыйа арыйар. Ол да иһин айымньыны сиһилии өйдүүргэ олук уурар. Арамаан нуучча литературатыгар саҥа тыыны киллэрдэ.
Хаһан баҕарар дьиҥ устуоруйаҕа олоҕурбуту уус-уран айымньыга ааҕар интэриэһинэй буолар. Ону сэргэ, айымньыга эмискэ үөскээбит таптал иэйиитэ уонна барыта биир миэстэҕэ буолар, тас эйгэттэн тэйэн олорор Семрук олохтоохторун дьылҕалара хайдах да долгуппакка, уйадыппакка ааспат.
Тоҕо айымньы маннык ааттанна? Манна элбэх киһи ыар дьылҕата ойууланар. Урукку интеллигент дьон, учууталлар, быраастар уонна урукку хаайыылаахтар — бары биир сиргэ тоҕуоруһаллар. Дьон олоҕо түөрэ-лаҥкы эргийэр. Эйгэлэрэ уларыйар. Арай татаар дьахтарын Зулейха олоҕо манна атаҕар турар. Хайдах? Кини урукку олоҕор эрин Муртазаны кытта олорон билбэтэҕин билэр. Бэйэтин килиэбин бэйэтэ булунар кыһалҕата, сааһын тухары оҕоҕо ымсыырбыт сырдык ырата уонна хаһан да умнуллубат истиҥ иэйиитэ, имэҥнээх түүннэрэ уонна инникигэ эрэлэ.
Зулейха урукку олоҕор туман курдук олорбута. Былыргы өбүгэлэр итэҕэллэринэн иччилэри аһатан, туох да сыала-соруга суох дьон эппитин хоту күннээҕинэн. Ону айымньыга биир көстүү да судургутук туоһулуур. Эрэ Муртаза кыыһырбыт уоҕар барытын ыһар-тоҕор, кыһыытын-абатын Зулейхаҕа таһаарар кэмигэр, Зулейха санаата кэргэнэ умнан сиэбэккэ хаалбыт халбаһыытыгар буолар. Бу халбаһыы кини болҕомтотун барытын ылар. Кини бу эрэ кыыһырар-абарар кэмигэр хаһан да үйэтигэр сиэн көрбөтөх халбаһыытын амтана кинини быдан үрдүктүк долгутар. Атын эбитэ буоллар, эрэ туохтан кыыһырбытыгар болҕомтотун ууруо эбит. Оттон кулаактааһыҥҥа түбэһэн баран, Зулейха олоҕо атыннык салаллар. Кини манна кэлэн уһуктар. Ийэ буолар дьолу билэр. Тапталы көрсөр.
Үгүс суруйааччылар түүл тиэмэтигэр үгүстүк болҕомто уураллар. Түүл метафоратын дьиҥ олохтон тэйии, умнуллуу курдук көрдөрүү диэххэ сөп. Онтон уһуктуу олоххо дьиҥ сыалы өйдөөһүн, тирэҕирии диэн. Кальдерон «Жизнь есть сон», Гоголь “Невский проспект” айымньыларыгар бу ньыма хото туттуллар.
Оттон кинигэҕэ суруллубутун курдук айымньы киинэ буолан тахсан, дьон санаатын төһө тапта?
Юлиана Николаева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй нуучча тылын уонна литературатын учуутала:
— Кырдьыкпынан эттэххэ, бу киинэ тахсарын истэн баран санаабар күүппүтүм. Ол эрээри, хаһан оҥоһуллан тахсыар диэри толкуйга сылдьыбытым. Көрөбүн дуу, суох дуу диэн. Аахпыт кинигэбиттэн хаалбыт иэйиини түһэн биэримээри көрбөтүм. Кинигэнэн уһуллубут киинэ үксэ санааны астыннарааччыта суох. Тоҕо диэтэххэ, аахпыт кинигэҕин кытта артыыстар оруолларын тэҥнии олорор дьикти. Кинигэҕэ суруллубуту киинэҕэ көрдөрөр уустук. Онуоха, айымньы устуоруйа хабааннаах буолан уустуктардаах буолуон сөп.
Николай Ильин, Национальнай мэдэссиинэ киинин сүрэх бырааһа:
— Бу айымньыны ааҕан баран киинэтин устуохтара диэн сабаҕалаабытым. Киинэтин көрөн баран соччо астымматым. Баҕар, ол наһаа биллэр артыыстар оонньообуттарыттан эбитэ дуу, дьиҥ, дириҥ ис хоһоонун үчүгэйдик арыйбатылар. Кинигэ олох ураты тыыннаах айымньы этэ. Онон, кинигэнэн киинэ устууга талаан наада. Сахалар айымньыттан киинэ усталларыгар күүскэ ылсан, артыыстары үчүгэйдик наардаатахтарына, син табыллыан сөбө буолуо. Киинэ уонна тыйаатыр оруоллара араастаһыыларын өйдүөхтэрин наада.
Марфа Аммосова, Дьокуускай куорат олохтооҕо, биэнсийэлээх:
— Бастаан кинигэтин аахпытым. Олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэлэр туһунан ааҕарбын, билэрбин-көрөрбүн наһаа сөбүлүүбүн. Ааҕан бараммын киинэ устуохтара дии санаабытым. Хата, уһаппакка, начаас киинэ уста охсон кэбистилэр. Астына-дуоһуйа көрдүм. Хааччахтаныы кэмигэр көрдөрбүт буоланнар, күнү быһа ол киинэни манаан таҕыстым. Киинэ диэн туспа ускуустуба буоллаҕа. Режиссер туспа көрүүлээх, онон син биир айымньыны уларытара биллэр. Ол барыта көрөөччү интэриэһин тардар туһуттан буолар. Мин тус бэйэм Зулейханы наһаа аһынным. Ол эрээри күүстээх дьахтар уобараһа арыллар. Төһө да олоҕо кылгас кэм иһигэр уларыйдар, үгүс ыарахаттары тулуйда, дьолун булла. Арассыыйа киинэлэрин син көрөбүн. Бу оруолу Чулпан Хаматоваттан ураты атын артыыс сатаан толоруо суох эбит. Маннык сахалыы киинэни Февронья Малгина уобараһын арыйан усталлара буоллар.
Иннокентий Семенов, Дьокуускай олохтооҕо:
— Кинигэтин киһи бары хайҕыырыттан киинэтин быһыта-орута көрдүм. Уопсайынан маннык историческэй киинэлэри сэргиибин. Кинигэтин булан аахпыт киһи дии саныыбын. Хааччахтанан олоруу кэмигэр хата, киһи кинигэ ааҕыытын сөргүттэ. Сахалар маннык киинэни устуохтара ыраах. Арай ити «Тойон кыыл» киинэ олох оһуобай. Саха дьиҥ олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр киинэлэр наадалар.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
Хаартыскалар — интэриниэттэн.