Зоя Корнилова: 90-с сыллардааҕы кириисис буолуо суоҕа  

Ааптар: 
19.03.2022
Бөлөххө киир:

РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын, Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит, РФ үтүөлээх экэнэмииһэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо Зоя Афанасьевна Корнилова хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны ырытар, тас дойдулар Арассыыйаҕа киллэрбит араас хааччахтарын туһунан кэпсиир.

– Зоя Афанасьевна, олунньуга Арассыыйа Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын билиниэҕиттэн аан дойду барыта айманна. Манна туох санаалааххыный?

– Бастатан туран, этиэм этэ: билигин дьон-сэргэ билбэтэ-көрбөтө наһаа элбэх уонна информация араас өттүттэн кутуллар буолан, бу боппуруоһу ситэ өйдөөбөккө олорор курдукпут. Ол төрүөтэ тугуй? Аан дойдуга, су­­­даарыстыбаҕа туох буола турарын дьоҥҥо ситэ өйдөтөн кэп­сээбэт буоллубут, кыайан ырытан көрбөппүт.

Билиҥҥи тахсыбыт балаһыанньа Арассыыйа Украинаны утары сэриитэ дуо? Суох. Бу – олус дириҥ силистээх-мутуктаах мөккүөр. Икки эрэ дойдуну таарыйбат, бүтүн аан дойду боппуруоһун көрөр. Онон аҥаардастыы дойдубут бэрэсидьиэнин эрэ мөҕөр, таныйар дьону биир бэйэм ылыммаппын.

Иккиһинэн, туох да диэбит иһин, биһиги 90-с сыллардаахха “тымныы сэриигэ” кыайтарбыппыт. Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ Америка Холбоһуктаах Штаттара соҕотоҕун эрэ аан дойдуну баһылыыр-көһүлүүр дойду курдук буолбуттара. Аан дойду барыта кини тула эргийэрэ. Итини “однополярнай” диэн ааттыыллар. 90-с сылларга Арассыыйа экэ­ниэмикэтэ хайдах туруктаах этэй? Байыаннай күүспүт өттүнэн хайдах этибитий? Улахан со­­буоттарбыт бары чааһынай илиигэ баран, тутан олорор оҥорон таһаарыыбытын мэлитэн кэбиспиппит. Ити сылларга дойду үрдүнэн приватизациянан ким дьарыктаммыта эмиэ биллэр дьыала. Дьэ, итинник олорон, биһиги тас дойдулартан бэ­­йэбит дойдубутун көмүскүүр кыахтаах этибит дуо? Суох. Тас дойдулар Арассыыйаҕа орооһон, ­илиилэрин номнуо уган олороллоро. Ньиэп, гаас босхону үрдүнэн эрэ барара, ол оннугар биһиги тас дойдулартан инвестиция ылан, онтон оборудованиелары киллэрэн, экэниэмикэбитин сайыннаран киирэн барбыппыт.

Ити кэмҥэ социализмтан капитализмҥа көһүү биһиэхэ олус ыарыылаахтык барбыта. Дьоммут-сэргэбит бэлэмэ суох этэ. Урукку сылларга Конституциябыт алтыс ыстатыйатынан обком иккис сэкирэтээрэ хайаатар да идеолог буолуохтаах, аармыйаҕа политруктар диэн баар буолуохтаахтар, хас биирдии үлэ кэлэктиибитигэр бэлиитикэни сырдатыы барыахтаах диэн өйдөбүлбүт суох буолбута. Ол түмүгэр биһиги үгүһү өйдөөбөт этибит. Билигин эмиэ оннук балаһыанньа буолаары гынна.

Аан дойду үрдүнэн буолбут кэлиҥҥи үс сыллаах сабыытыйалар да, Крым Арассыыйа састаабыгар киириитэ да барыта биир ситимнээхтэр. Билигин Арассыыйа Украинаҕа саба түһэн сэриини саҕалаабытын курдук эргитэн кэпсииллэр. Ону биһиги барытын өс киирбэх итэҕэ­йэн иһэбит. Хайа, 2007 сыллаахха Владимир Путин Арассыыйа бэрэсидьиэнинэн талыллан баран Германияҕа Мюнхеҥҥа эппит этиитин умнан кэбистибит дуо? Онно кини АХШ аан дойдуга аҥаардастыы баһылаан-көһүлээн олорорун аһаҕастык кириитикэлээбитэ уонна НАТО Илиҥҥи Европа дойдуларыгар киириэ суох­тааҕын туһунан эппитэ, Арассыыйа көмүскэллээх буолуута хааччыллыахтаах диэн туран, дуогабар баттаһыаххайыҥ диэн этии киллэрбитэ. Ити этиитэ оруннаах этэ. Тоҕо диэтэргин, кэлин НАТО Европа дойдуларын бүтүннүүтүн ылла дии. Эстония, Латвия, Литва, Польша, Чехия, Испания, Румыния, о.д.а. бары киирэн олороллор. Бу кэлин өссө Албания, Хорватия, Черногория, Хотугу Македония холбостулар. НАТО-ҥ 1949 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан көмүскэнэр тэриллии быһыытынан олохсуйбута, Америка Холбоһуктаах Штаттара тэрийбиттэрэ. Билигин кэлэн Америка бэйэтэ тэрийбит тэриллиитигэр киллэрбит судаарыстыбаларыгар сэрии сэбин-сэбир­гэлин барытын таһан олорор. Ол барыта биһиги дойдубут утары үлэлиир. Аны билигин ыаллыы олорор Украинабытын туочука ­оҥостон, аан дойду үһүс сэриитин таһаараары соруналлар. Ол тоҕото биллэр, Арассыыйа сиригэр-уотугар, сирин баайыгар суудайаллар. Белоруссиянан, Казахстанынан киирэ сатаан баран, аны ити Украинанан киирдилэр. Биһиги өйдөөбөт үһүбүт дуо, Украина НАТО-ҕа киирдэҕинэ АХШ сэриитин биһиги утары аҕалан туруоруоҕун? Сылтан сыл Арассыыйа кыраныыссатыгар НАТО чугаһаатар чугаһаан иһэр. Онон биһиги тииспитин-уоспутун көрдөрбүппүт сөп. Бу Украина уонна Арассыыйа атааннаһыыта буолбатах, ону арааран өйдүөххэ наада.

– Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа араас хааччаҕы киллэрдилэр. Дьон-сэргэ 90-с сыллардааҕы курдук кириисис кэлиэҕэ диэн билигин бурдугу, саахары хаһаанар аакка барда. Экэниэмикэбитигэр оннук охсууну ылыахпыт дуо?

– 90-с сыллардаах курдук кириисис буолуо суоҕа эрээри, ыарахаттар баар буолуохтара. Арассыыйа аан дойду экэниэмикэтин кытары сибээстээх буолан, син биир оҕустарыаҕа. Ол эрээри биири өйдүөххэ: тас дойдуттан хааччахтар билигин эрэ киирбит буолбатахтар. Мин мантан үөрэрим диэн, тас дойдуттан киирбит улахан хампаанньалар баран эрэллэр, ол түмүгэр билигин бэйэбит оҥорон таһаарыыбытыгар болҕомтобутун ууруохпут. Урут сүтэрбиппитин, эспиппитин билигин барытын чөлүгэр түһэ­риэхпитин наада. Тиэхиньикэлэри, сөмөлүөттэри, тыраахтардары оҥоруу буоллун, барытын.

Итиннэ биир улахан сорук турар: исписэлиистэри бэлэмнээһин. Биир өттүнэн, исписэлиистэрбит тиийбэттэр диибит, иккиһинэн, үлэтэ суох дьоммут ахсаана элбэх. Манна тас дойдуга барбыт оҕолорбутун, эдэрдэрбитин ыҥыран ылан үлэлэтэрбит наада. Ити Саха сиригэр эмиэ сыһыаннаах.

Тыа хаһаайыстыбатын туһунан эттэххэ, Владимир Путин кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улахан хампаанньалары өйөөбүтэ сөп. Билигин бурдугунан, саахарынан хааччыллан олоробут. Оттон бэ­­йэбит туспутун ыллахха, биһиги тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор норуот буоларбыт быһыытынан, төрүт ­үгэспит диэки салаллар кэммит кэллэ. Улахан, дьоҕус, чааһынай диэн араарбакка, хаһаайыстыбалары барыларын сайыннарыахха. Судаарыстыбаттан сөптөөх өйөбүл кэлэр, аны бэйэбит үлэлиирбит наада. Судаарыстыбаҕа көмөлөһөр, тирэх буолар кэммит кэллэ. Үөһэттэн барытын сүгэн-көтөҕөн, тутан барыахтара, биир күнүнэн барыта быһаарыллыаҕа диэн санаамаҥ даҕаны. Бэйэбит хамсаныаххайыҥ. Төһө кыалларынан тыабыт хаһаайыстыбатын тутан хаалыахха, төһө кыа­­йарбытынан сайыннарыахха. Бырамыысыланнаспыт үүт-ха­­йаҕас көстөрүнэн сайдан барыаҕа. Оттон бэйэлээх бэйэбит төрүт дьарыкпытын биһиги сайыннарбатахпытына ким кэлэн туораттан үлэлэтиэҕэй?

Аны аан дойду экэниэмикэтин ылан көрдөххө, хааччаҕы киллэрбит дойдулар бэ­­йэлэрэ эмиэ ­оҕустараллар эбээт. Кырдьык, биһиги аан дойду валютатыгар эмиэ кыайтаран олоробут. Америка Аан дойду иккис сэ­­риитин кэнниттэн биир эрэ өттүттэн соҥноон бэ­­йэтин на­­циональнай валютатын аан дойду эргинэр харчытынан оҥорбута. Билигин дуоллар атыытыттан кинилэргэ бүддьүөттэрин аҥаарын кэриэтэ үбүлээһин киирэр. Европа дойдулара гааһы, ньиэби олус чэпчэки сыанаҕа ылан олороллор, билигин хааччахтар кэннилэриттэн бэйэлэрин нэһилиэнньэлэригэр гааска, бэнсииҥҥэ сыаналарын таһаардылар. Оннук төһө өр барыахтарай? Холобур, Финляндия билигин кырааммытын сабымаҥ дии олорор. Хайа уонна саас ыһыы буолара чугаһаата, сир уоҕурдуута барыта биһиги дойдубутуттан тахса турар дии.

Онон, мин санаабар, бу быһыы-майгы кэнниттэн аан дойду экэниэмикэтигэр улахан уларыйыы барыаҕа. Хайдах-туох уларыйыы буолуоҕа, ол, дьэ, боппуруос. Ол эрээри дуоллар атыыласпат, айылҕа баа­йын чэпчэкитик атыылаабат буоллахха, биһиги өттүбүтүгэр да, ар­­ҕааҥҥы дойдуларга да улары­йыы тахсара эрэбил. Аан дойду таһымыгар национальнай валютанан атыы-эргиэн да бардаҕына көҥүлэ. Бу туһунан үгүс дойду кэпсэтэн эрэр.

Арассыыйа кыра кыралаан хардыылаан инники диэки баран иһиэҕэ. Онно эрэниэххэ уонна итэҕэйиэххэ эрэ наада.

– Украина уонна Арассыыйа араллаана 2014 сыллаахха Крым Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Севастополь куорат Арассыыйа эрэгийиэнин быһыытынан киириэхтэриттэн саҕаламмыт курдук өйдүүллэр. Оруобуна бу кэмҥэ аҕыс сыллааҕыта Крым олохтоохторо референдум ыытан куоластаабыттара. Манна туох санаалааххыный?

– 2014 сыллаахха Арассыыйаны хам баттыахпыт дии санаабыттара. Биһиги сала­йааччыбыт тылын улахаҥҥа уурбатахтара. Владимир Путин Крым туһунан этэригэр Украина уонна Арассыыйа норуоттара биирдэр, биир санаалаахтар, Крым хаһан даҕаны “Бандера дойдутунан буолуо суоҕа” диэн эппитэ. Уонна Америкаҕа, арҕааҥҥы дойдуларга өссө төгүл сэрэтэн эппитэ, Арассыыйаҕа саанымаҥ, биһиги кыраныыссабытын кэһимэҥ диэн. Устуоруйаттан билэр буолуох­тааххыт, атын омукка кыыл курдук түһэр “бандеровецтар” хамсааһыннарын. Бу хамсааһын ­туохтан төрүөттэнэн тахсыбыта эмиэ биллэр.

Билигин Украина буолбакка, Арассыыйа дьылҕатын боппуруоһа турар. Кырдьык, Крым Арассыыйа дойдута, 2014 сыл­­лаахха сөпкө Арассыыйа сас­­таабыгар киирбиттэрэ. Билигин көрөҕүт дии, тумул арыы хайдахтаах курдук уларыйбытын. Манна биири өйдүөххэ, бу Украина уонна Арассыыйа но­­руоттарын атааннаһыыта буолбатах. Итинник санааны күөртээн биэрээччилэр бааллар. Ити үөһээ этэн аһарбытым курдук, бандеровецтар хамсааһыннара. Кэлин бу бөлөх туһунан докумуоннар арылыннылар, итини эмиэ бэ­­йэҕит ырытан көрүөххүтүн сөп.

Эһиги, эдэр көлүөнэ, хомо­йуох иһин, дойдуга эбээһи­нэс диэни билбэккэ улааттыгыт. Билигин үгүс киһи Сэбиэскэй Сойууһу ахтар. Манна эмиэ бэ­­лиэтээн этэбин, Конституцияттан идеология диэн өйдөбүл сүппүтэ улаханнык оҕуста. Дойдуга тапталы иитии аҥаардас дьиэ кэргэҥҥэ эрэ ­буолбакка, бары өттүттэн барытыттан баар буолуохтаах. Бастатан туран, ос­­куолаттан ити саҕыллан тахсыахтаах. Үөрэх, култуура, литература барыта биир кэлим сайдан оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну, эппиэтинэһи, эбэһээтэлистибэни өйдөтүөхтээхпит.

Билигин информация балысханнык кэлэ турар үйэтигэр, ийэлэр барахсаттар долгуйаллар, уолаттарбытын сэриигэ ылан ­эрэллэр диэн. Бу туох аатай? Биһиги бэйэлээх бэ­­йэбит дойдубутун көмүскүүр кыахтаах буолуохтаахпыт. Биһиги дойдубут оннук даҕаны кыахтаах.

Арассыыйа кэлиҥҥи сылларга экэниэмикэ өттүнэн та­­ҕыста, байыаннай да өттүнэн бэйэтин көрдөрдө. Өссө Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өссө сүүс сыллааҕыта “биһиги Арассыыйаны эрэ кытары сайдар кэскиллээхпит” диэн этэн турар. Ити эппитэ күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах. Арассыыйа – элбэх омуктаах дойду, итинэн баай. Бары биир дойду кынатын анныгар сылдьан тылбытын-өспүтүн, култуурабытын, үгэспитин са­­йыннарабыт. Ити Сэбиэскэй Сойуустан дойду илдьэ кэлбит үтүө үгэһэ. Аҕыс сыл устата Крым даҕаны итини дакаастаата. Экэниэмикэ сайыннаҕына култуура, үгэс туох барыта сайдар.

– Зоя Афанасьевна, Саха сирин олохтоохторо бу тахсыбыт быһыыга-майгыга туох дииргин, туох са­­наалааххын кэтэспит буолуохтаахтар. Кэпсэтиибитин түмүктээн тугу этиэххиний?

– Билигин, кырдьык, уустук кэм. Ол эрээри уй түһэн айманар кэммит буолбатах, уҥа-хаҥас эрдибэккэ дойдубутун, салайааччыбытын кытары биир сомоҕо буоларбыт, бэйэ бэйэбитин өйдөһөн, өйөһөн олорорбут наада. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит инникитин хайдах сайдан баран иһиэҕин ыйдаҥардан билэбит, Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр мунньуммут уопуттаахпыт. Билигин аны тугу, ханнык эйгэни чөлүгэр түһэрэрбитин эмиэ көрдүбүт. Барыта үчүгэй буоларыгар, экэниэмикэбит туруктаах тахсыытыгар итэҕэйиэх уонна эрэниэх тустаахпыт. Итэҕэлэ суох бу орто дойдуга туох да суох. Аҕыс уоммуттан тахсан олорор уонна дойдубут историятыгар арааһы көрбүт киһи, итинник этэр бы­­рааптаахпын.

Өксөкүлээх Өлөксөй эппитин курдук, билигин биһиги аан дойду ааттаахтарын кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэр кэммит кэллэ. Саха сирин куруутун умналаһа олорор эрэгийиэн курдук көрөллөр. Ол кэм ааспыта. Билигин биһиги сыыппараларга олоҕуран барытын быһаарар, дакаастыыр кыахтаах буолуохтаахпыт. Уонна атын дойду тылын билии биһиэхэ ааны арыйар кэриэтэ. Онон дьоммор-сэргэбэр этиэм этэ, сала­йааччыларбытын талан ылан бараммыт кыыһыран-тымтан турумуоҕуҥ, бары үөрэхтээхпит-билиилээхпит, онон эрэгийиэннээҕи, федеральнай, аан дойду сокуоннарын ырыта, араара үөрэниэххэ.

Информация сэриитигэр бэриммэккэ, бэйэбит ис турукпутун, дууһабытын ис­­тиэххэ. Билигин биһиги дойдубут бэ­­йэтин харыстанар, көмүскэнэр кыах­таах. Экэниэмикэбит да 90-с сыллардааҕы курдук буолбатах. Ону тас дойдулар эмиэ өйдүүллэр. Ол эрээри биһиги айахпытын атан баран олорор кэммит ааспыта. Бэйэбит хамсаныахпытын, өссө билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатыахпытын, салгыы үлэ­лиэхпитин-хамсыахпытын наада.

Оскуолаҕа үөрэтиини таһынан оҕону иитии боппуруоһун дьиҥ-чахчы киллэриэххэ. Киһи бары өттүнэн сайдан чөл буо­­луохтаах. Төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолуу, иэһи төлөөһүн диэни оҕо кыра эрдэҕиттэн билиэхтээх.

Уонна дьону-сэргэни кытары доҕордоһуохха, уопсай тылы булуохха. Ити үйэттэн үйэҕэ бэриллэн иһэр үтүө ­үгэспит. Норуоттар доҕордоһуулара, эйэлээх буолуу ол баар биһиги күүспүт. Уоскуйан, налыйан олорон уһуну-киэҥи саныахха. Саха киһитэ киэҥ көҕүстээх, барыны бары орун-оннугар ууран өйдүүр үгэстээхпит. Онон бу маннык кэмҥэ эн-мин дэспэккэ, санаабытын бары холбуурбут наада.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0