Зоя Дуранова: «Мин эрэ дьиэм уокка былдьамматаҕын билбэт этим»
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Горнай улууһун Бэс Күөлэ сэлиэнньэтигэр 30 дьиэ ойуур баһаарыгар былдьаммыта. Уоттан «Кэскил» микро-оройуон эмсэҕэлээбитэ, манна 40 тутуу умайбыта. Арай бу түөлбэҕэ саҥа тутулла турбут Саха сиригэр биллэр удаҕан Зоя Дуранова икки этээстээх дьиэтин уот тумнан ааспыта. Ол күн туох буолбутун туһунан Зоя Алексеевна СИА-ҕа кэпсээтэ.
Зоя Дурановалыын биһиги Бэрдьигэстээххэ тэриллибит эвакопууҥҥа билсибиппит. Кини манна кэргэнин уонна биир дойдулаахтарын кытта кэлбиттэрэ. Зоя Алексеевна Горнайтан төрүттээх, ол эрээри Үөһээ Бүлүүгэ олорбута сүүрбэттэн тахса сыл буолбут. Дьиэ кэргэнинээн атырдьах ыйын саҕаланыыта Дьокуускайга кэлбиттэр. Манна кини кэргэнэ эпэрээссийэлэниэхтээҕэ, онон улахан уолларыгар Алексейга ыалдьыттыырга быһаарыммыттар. Уот Бэс Күөлүгэр чугаһыыр кэмигэр Зоя Алексеевна нэһилиэктэн 20 км тэйиччи турар сайылыкка сылдьыбыт.
«Биһиги аттыбытыгар быыһааччылар лааҕырдара турбута, онно 15 киһи баара. Биһиги кинилэри кытта биир тылы булан, үүт, сүөгэй бэрсэр этибит. Бэс Күөлгэ ойуур баһаара тиийиэн иннинээҕи күн биһиги сайылыкпытыгар эмиэ уот кэлбитэ. Ол күн туох даҕаны буолуо суох курдук үчүгэй күн үүммүтэ, бэл буруо даҕаны суоҕа. Онтон эбиэттэн киэһэ халлаан хараҥаран, ыраахтан тыас-уус иһиллэн барбыта. Буруо кэлбитэ, олох даҕаны үөһэнэн барар уоттан эбит. Сайылыкпытын эргиччи хас даҕаны сиринэн уот тиийэн кэлбитэ», — диэн Зоя Алексеевна ол күнү ахтар.
Зоя Алексеевна кэргэнин кытта Дьокуускайдаарылар Бэс Күөлгэ атырдьах ыйын 6 күнүгэр төннүбүттэр. Аныгыс сарсыардатыгар олохтоохтору Бэрдьигэстээххэ эвакуациялаан саҕалаабыттар. Ойуур баһаара нэһилиэккэ кэлбитин, дьиэлэри умаппытын туһунан Зоя Алексеевна эвакопууҥҥа тиийэн баран биирдэ истибит. Онно кинилэр дьиэлэрэ эрэ уокка былдьаммакка хаалбытын билбиттэр.
«Ити дьиэни алта сыллааҕыта уолбутугар диэн анаан бэйэбит тутан саҕалаабыппыт. Дьиэбитин уот тумнан ааспытын туһунан мин бастааптан билбитим, хаартыскатын ыыппыттара. Дьиэ иһиттэн үс төгүллээн күүстэх тыал тахсан уоту үүрбүтүн туһунан кэпсээбиттэрэ. Түөлбэбит атын дьиэлэрин курдук биһиги дьиэбит даҕаны умайдаҕа дии санаабытым, онтон итини истэн олус соһуйбутум. Мин дьиэбитин харыстаары тугу даҕаны анаан гымматаҕым», — диэн удаҕан кэпсээтэ. Бу кэнниттэн Зоя Алексеевнаҕа араас дьон «тоҕо бэйэҥ эрэ дьиэҕин харыстаатыҥ» диэн суруйбут, суруналыыстар, бэл Москваттан тиийэ эрийбиттэр эбит.
«Кырдьык, кини үгүс дьоҥҥо үтүөнү оҥордоҕо. Дьон ыарахан кэмигэр көмөлөһөр, биллэр-көстөр дьон даҕаны Зоя Алексеевна күүһүгэр итэҕэйэр», — диэн аргыһа Лариса Захарова эбэн этэр. Лариса кэргэнэ онкология бүтэһик стадиятыгар тиийэн, бүөрүн ылларбыт. Маныаха Зоя Алексеевна кинилэргэ күүс-көмө буолан, биэс сылы этэҥҥэ ааспыттар.
Билигин Зоя Дуранова Дьокуускайга доҕотторугар ыалдьыттыы сылдьар. Аҕыйах хонуктааҕыта балыыһаттан тахсыбыт. Умайа турар дьиэттэн куоппут куоската соторутааҕыта көстөн, сэһэргэһээччибит үөрэ сылдьар. Кэлин билбиттэринэн, куоска кинилэр дьиэлэригэр киирэн быыһаммыт эбит. Куосканы волонтердар булбуттар, билигин веткилииникэҕэ баар. «Хаһаайкатын дьиэтэ буоларын билбит курдук. Оттон мин кимҥэ даҕаны өс санааны туппаппын. Сотору кэминэн барыта этэҥҥэ буолар ини», — диэн Зоя Алексеевна эрэнэр.
Галина Мозолевская, СИА.