Жумарт Абильманов: «Баһылык бастакы соруга — дьон олоҕун тупсарыы!»

05.03.2021
Бөлөххө киир:

Ленскэй оройуонугар 20 сыл буолан баран тиийэ сырыттым. 2001 сыллаахха атырдьах ыйыгар сылдьан турардаахпын. Алдьархайдаах улахан уу кэлэн, көмүөл Ленскэйи улаханнык урусхаллаабыта. Хас эмэ сыл устата куоракка чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыбыта. Оттон билигин Саха сиригэр Ленскэй оройуона биир тэтимнээхтик сайдар улуустартан бастыҥнара буолуо диэн этиини элбэх дьонтон иһиттим. Куорат да, нэһилиэк да олохтоохторун, оройуон баһылыгын да кытта алтыһан, илэ харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн, ону итэҕэйдим.

ЛЕНСКЭЙ – ньиэп, гаас хостооһунунан, ону таһынан, ойуур бырамыысыланнаһынан дьарыктанар оро­йуон. Оройуоҥҥа “Сургутнефтегаз”, “Газпром”, “Транснефть”, “АЛРОСА“ курдук улахан хампаанньалар үлэлииллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Ленскэй оро­йуонугар сырыытын кэмигэр: “Ньиэп хостооһунунан дьарыктаныы – оройуон кэскилэ. Бу – биһиги өрөспүүбүлүкэбит, ону ааһан, дойдубут сайдар биир хайысхата”, — диэн бэлиэтээн турар. Маны таһынан, билигин Ленскэй оройуонун нөҥүө «Сибиир күүһэ» гаас утаҕа уонна «Илин Сибиир – Чуумпу акыйаан” ньиэби хачайдыыр ситим ааһаллар.

Биллэрин курдук, 2017 сыл­лаахха Ленскэй оройуонун баһылыгынан үлэлии олорбут Сергей Высоких суут ­уурааҕынан 3 сылга көҥүлэ быһыллыбыта. Ол иһин ол сыл күһүнүгэр саҥа баһылыгы талар быыбар буолбута. Сэтинньи 26 күнүгэр оройуон баһылыгынан Жумарт Абильманов талыллыбыта. Кини быыбарга кэлбит дьон 46,7% куолаһын ылан итэҕэтиилээхтик кыайбыта.

Жумарт Жакслыкович омугунан казах, Казахскай ССР Павлодар уобалаһыгар төрөөбүтэ. Ленскэй оройуонугар 1986 сылтан олорор. Баһылыгынан талыллыан иннинэ суол оҥоруутунан дьарыктанар “Арман” диэн тэрилтэни салайбыта.

ҮС СЫЛ ИҺИГЭР ОРОЙУОҤҤА ТУОХ ҮЛЭ-ХАМНАС БАРДА?

— Жумарт Жакслыкович, былырыын аан дойдуну коронавирус ыарыыта аймаабыта. Ленскэй оройуонугар балаһыанньа хайдах этэй?

— Хамсык дойдуга даҕаны, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны ыараханнык ааста. Биһиги оройуоммутугар эмиэ ыарахаттар, уустуктар бааллара. Тоҕо диэтэргин, биһиэхэ 20 тыһыынча киһи баахтанан үлэлиир. Ол эрэн, син этэҥҥэ аһарбыппыт, Ил Дархан Айсен Николаев салайар суһал ыстааба, эмчиттэрбит, санитарнай үлэһиттэр ыыппыт үлэлэрин түмүгэр оннук улахан ыарыы өрө туруута бэлиэтэммэтэҕэ.

— Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии дьыалата хайдаҕый?

— Мин суол оҥорооччу идэлээхпин. Үлэлиир кэммэр суоллары болдьоҕор хаачыстыбалаахтык оҥорон туттарар этибит. Оройуон баһылыга буоларбар, куорат ­суолларын туруктара быстар мөлтөх этэ. Ленскэй куораттан суолларын өрөмүөн кэмигэр бэйэбит бас билиибитигэр ылан, биир сыл иһигэр куорат иһинээҕи уулуссалар аспаалланан бүппүттэрэ. Оҥорбут тэрилтэ 20 сыл устата алдьаммакка туруохтара диэн мэктиэлээбитэ. Ол оннук хаачыстыбалаахтык оҥорбуттара. Нэһилиэктэргэ барар ­суоллары уонна нэһи­лиэк иһинээҕи суоллары тупсардыбыт. Быйыл бу хайысхаҕа оройуон бүддьүөтүгэр эмиэ балай эмэ үбү көрдүбүт. Онон оройуон олохтоохторо са­­йыннары-кыһыннары суол өттүгэр төбөлөрө ыалдьыбат буолла.

— Социальнай эйгэҕэ туох үлэ-хамнас барарый?

— Былырыын Батамайга оҕо уһуйаанын дьиэтин арыйбыппыт. Бу кыһалҕаны быһаарар туһунан олохтоохтор 20 сыл кэриҥэ туруорсубуттар. Кырыы сытар Толооҥҥо эмиэ өр кэтэспит ыра санаалара сотору туолуоҕа. Ааспыт үйэ 80-с сылларыттан олохтоохтор саҥа оскуоланы туруорсубуттар. Аны күһүн икки мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ 50 миэстэлээх оскуола, 15 миэстэлээх оҕо уһу­йаана уонна ыаллыы сытар Инньээли оҕолоругар анаан 15 миэстэлээх интэринээт арыллыаҕа.

2014 сылтан быраҕыллан турбут куорат баанньыгын аҕыйах ый иһигэр толору чөлүгэр түһэрдибит. Саҥа дьыл иннинэ үлэҕэ киирбитэ. Тус туспа суунар сирдэрдээх, баттах кырыттарар, таҥас сууйтарар өҥөлөр баар буолуохтара. Онон 10 саҥа үлэ миэстэтэ таҕыста. 2016 сылтан үлэлээбэккэ турбут үүт собуотун дьиэтин эмиэ чөлүгэр түһэрдибит. Манна эти уонна балыгы астыыр, оҕуруот аһын, араас отоннору астыыр, ыраас ууну кутар, килиэп уонна бурдук ас араас көрүҥүн оҥорор салаалар баар буолуохтара. Манна үксүн Саха сирин араас оройуоннарын этин, балыгын, отонун, оҕуруотун аһын туһаныахпыт. Аны оҥорон таһаарар тэриллэри таҥан, ыам ыйын диэки үлэҕэ киллэрэр баҕалаахпыт. Манна 30 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.

Ленскэй куоракка хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ федеральнай үбүнэн хамсааһын тахсыбыта. Нэһилиэктэргэ аҕа саастаах, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөр туһуттан оройуоннааҕы анал бырагыраама ылыммыппыт. Сыл аайы нэһилиэк ахсын 5 ыалга (оро­йуон үрдүнэн 90 ыалга) дьиэлэрин өрөмүөннүүллэригэр — кырыыһаны уларытыы, дьиэ олугун уларытыы, аныгы түннүктэри туруоруу, ититэр ситимин таҥааһын — оройуон бүддьүөтүттэн көмө көрөммүт, аны икки сылынан нэһилиэктэргэ хаарбах дьиэ суох буолуо диэн былаанныыбыт.

Маны таһынан, үс сыл иһигэр оройуон оскуолаларын уонна оҕо уһуйааннарын толору өрөмүөннээтибит.

— Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сырыы хайдах быһаарылларый?

— Баһылык буолан баран 4 көстөөх сиргэ турар Чамчаҕа биир табаарыспын таксинан ыыттым. Ону такси суоппара 2 200 солкуобайга тиэрдэн биэрэрин истэн баран соһуйбутум да, сөхпүтүм да. Итинник кыһалҕаны быһаарар туһуттан “Гранит” диэн муниципальнай тэрилтэ аспыппыт. Билигин ол Чамчаҕа «Газель” дьоҕус оп­­туобус 150 солкуобайга нэдиэлэҕэ иккитэ дьону таһар. Арыый ыраах сытар нэһилиэктэргэ үс мөһөөккө таһаллар. Элбэх дьон муһуннаҕына, баһылыктар “Гранит” диспетчеригэр эри­йэн, ПАЗ оптуобуһу са­­каастыыллар эбэтэр эбии атын күҥҥэ сырыыны көрдөһөллөр. Маннык дьаһанан, нэһилиэк дьонун күннээҕи кыһалҕаларын – ас-таҥас, эмп-том ылыытын, балыыһаҕа, араас тэрилтэлэргэ сылдьалларын быһаарарга көмөлөһөбүт, олохторун чэпчэтэбит буоллаҕа дии. Санаан көр – 2 200 солкуобайга айанныыгын дуу эбэтэр 150 төлүүгүн. Маны таһынан, Ленскэй куоракка оптуобустар күҥҥэ үстэ — сарсыарда, күнүс уонна киэһэ оҕолору оскуолаҕа уонна дьиэлэригэр босхо таһаллар.

БИИР СИР – БИИР ХАМААНДА!

— Ил Дархан Айсен Николаев улуустар дьаһалталарын уларытыыга үлэни ыытар. Чокурдаах кэнниттэн Ленскэй куорат дьаһалтата оройуон дьаһалтатын кытта холбо­һуохтаах диэн буолла.

— Куорат баһылыга Александр Хорунов быыбарга турарыгар “Биир сир – биир хамаанда” диэн үлэни ыыппыта. Кини тылларын толору өйүүбүн. Ил Дархаммыт Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитигэр бу туһунан тоһоҕо­лоон эппитэ. Ону кытта мин толору сөбүлэһэбин, тоҕо диэтэргин биир куоракка икки былаас баара адьас сыыһа. Бастатан туран, туох барыта бытаарар, харгыстанар. Хаһаайыстыбаннай, социальнай мөккүөрдэр тахса тураллар, бүппэттэр, сайдыыга мэһэй, туорайдаһыы эрэ тахсар. Холобура, биһиги куораппыт Дьокуускай саҕа эбитэ буоллар эбэтэр 100 тыһыынчаттан элбэх киһи олорор куората эбитэ буоллар, өйдүөм этэ. Мин кэпсэппит Ленскэй олохтоохторо бары бу этиини өйүүллэр. Куорат уонна оройуон Сэбиэттэрин дьокутааттара эмиэ өйдүүллэр. Холбоһуу туһунан референдум ыытар түгэнигэр нэһилиэнньэ 90% өйүө дии саныыбын. Сарбыллыы буоларын өйдүүбүт. Үлэтэ суох хаалбыт дьону кылгас болдьоххо үөрэттэрэн, атын салааларга баар үлэ миэстэлэригэр көһөрүөхпүтүн сөп. Олунньу 11 күнүгэр буолбут оройуоннааҕы мунньах дьокутааттара бу этиини толору өйөөбүттэрэ, аны куорат мунньаҕын дьокутааттара куо­ластыахтаахтар. Оройуон уонна куорат дьаһалтатын холбоһуута 2022 сыл балаҕан ыйыгар бы­­лааннанар.

ДЬОН ОЛОҔУН ТАҺЫМА ҮРДЭЭТЭ

— Бэчинчэҕэ сылдьан ыаллар дьиэлэрин уотунан ити­тэллэрин көрдүм. Маны хайдах ситиспиккитий?

— “Якутскэнерго” көмөтүнэн итинниги саҕалаабыппыт. Дьон олоҕун таһыма үрдээтэ: оһоҕу манаабаттар, ханна баҕарар баран кэлэллэр, мас кэрдэн сордоммоттор, тиэйтэрэргэ харчы бараабаттар.

Аны айылҕаны харыстыырбытын эбэн кэбис. Урукку кэмҥэ нэһилиэктэр чугас эргин оттук маһы кэрдэн бүтэрбиттэрэ. Кыаммат араҥаҕа уотунан ититиигэ холбонорго оройуонтан субсидия көрөбүт, холбонууга көҥүлү уһаппакка-кэҥэппэккэ биэрэллэригэр энэргиэтиктэри кытта үлэлэһэбит. Ититии иһин иһин төлөбүр биир киловатта урут 70 харчы этэ, билигин 1 солкуобай 20 харчы буолан турар. Көннөрү уот иһин буоллаҕына 4-5 солкуобайы төлүүллэр. Туох да диэбит иһин, олохтоохторго бу олус табыгастаах.

Маны таһынан, толору хааччыллыыны ситиһэр баҕалаахпыт. Нэһилиэктэргэ баччааҥҥа диэри кыһыннары-сайыннары таһырдьа сылдьаллар. Аныгы сайдыылаах кэмҥэ, 21-с үйэҕэ маннык табыллыбат дии саныыбын.

Нуотараҕа, Толооҥҥо оскуолалар тутулла тураллар. Бу тутууларга анаан улахан хочуолунай тутаары гынабыт уонна кэтэх дьиэлэри холбууру былаанныыбыт. Оччоҕуна дьиэлэргэ итии-тымныы уу, сылаас туалет баар буолуо этэ. Маны таһынан, оройуоҥҥа баар хочуолунайдарынан дьарыктанар муниципальнай тэрилтэ тэрийээри гынабыт.

— Сибээс, интэриниэт, маһы таҥастааһын сайдыыта хайдах баран иһэрий?

— Ростелекомы кытта Сөбү­лэһии түһэрсэммит, билигин 11 нэһилиэккэ оптоволокно ситимин, о.э. түргэн интэриниэти тиэртибит. Быйыл ситим Толооҥҥо тиийиэхтээх. Аны үс ый иһигэр хас биирдии дьиэҕэ киллэрэри ситиһиэхтээхпит. Бу чааһыгар “Якутскэнергоны” кытта кэпсэтии ыыта сылдьабыт – кинилэр баҕаналарын туһанан дьиэҕэ киллэрэргэ хос хос үлэ ыыппат, мас кэрдибэт, хос ороскуотурбат туһугар. Суотабай сибээс Хамраттан ураты нэһилиэктэргэ барыларыгар баар, 4G кээмэйдээх.

Маһы таҥас­тааһыны чөлүгэр түһэрэргэ үлэни ыытабыт. Оччотугар элбэх саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. АЛРОСА Ленскэйгэ баар биир бөдөҥ тэрилтэтэ, “Алмаздортранс” элбэх үлэһитин сарбыйбыта. Ол дьону маһы таҥастааһыҥҥа көһөрүө этибит. Оччотугар кинилэр дьиэ кэргэттэрэ нус-хас олохтонуо этилэр. Маны таһынан, оройуон бүддьүөтүгэр дохуот киириэ этэ буоллаҕа. Барыл оҥоһуллан турар, бигэргэтэн баран, быйылгыттан үлэбитин саҕалыахпыт. Миэхэ хас да тэрилтэ оройуоҥҥа мас кэрдэр туһунан этиилээх кэлэ сылдьыбыта. “Маһы манна таҥастыыр, араас оҥоһуктары оҥорон толору туһаҕа таһаарар эрэ буоллаххытына, сөбүлэҥмин биэриэҕим” диэбитим.

ҮҮТ ХАРЧЫТЫН ҮРДЭТИИ УЛАХАН ХАМСААҺЫНЫ ТАҺААРДА

— 2019 сыллаахха биир лиитирэ үүтү 70 солкуобайга тутабыт диэн быһаараҥҥыт, элбэх тыа сирин олохтооҕун аймаабыккыт. Маны хайдах ситистигит?

— Эрдэттэн этэбин, атын ­улуустарга манныгы олохтуур уустуктардаах буолуоҕа. Тыа сирин хайдах түргэнник, тэтимнээхтик өрө көтөҕөбүт диэн төбөбүтүн элбэхтик сыспыппыт. Холобура, бурдук үүннэриитин сайыннарыыга сири нүөлсүтүүгэ уһун кэмнээх үлэ ирдэнэр, хантан эмэ сиэмэ булан аҕалыахха наада, баай уопут ирдэнэр уо.д.а. Ол иһин сүөһү иитиитигэр болҕомтону уурбуппут. Атын улуустары кытта тэҥнээтэххэ, ынахпыт-сылгыбыт аҕыйах да буоллар, бу салаанан ыкса дьарыктанарга быһаарбыппыт. Үүтү тутар харчы үрдээбэтэҕэ хас эмэ сыл буолбутун, оттон ас-үөл, уматык, уот күн-түүн ыарыы турарын өйдөөбүппүт уонна биир лиитирэ үүтү 70 солкуобайга тутарга бы­­һаарбыппыт. Манна эбии үүтү тутааччы 10 солкуобайы төлүүр ­буолбута. Суоттаан-ааҕан, оро­йуон бүддьүөтүгэр оннук улахан ноҕурууска буолбатын көрбүппүт. Оччотугар тыа дьонугар интэриэс баар буолбута, сэргэхсийии, хам­сааһын тахсыбыта.

Дьиэ кэргэн, холобура, үс төбө сүөһүлээх буоллаҕына, үүт туттаран, ыйга 50 тыһыынча солкуобай дохуоттанар. Оттон 6 ыанар ынахтаах буоллаҕына, ыйга икки төгүл элбэҕи аахсар. Үүт харчытын ый ахсын, хойутаппакка, төлөөн иһэбит. Хас биирдии нэһилиэккэ үүт тутар сир баар буолуохтаах диэн быһаарбыппыт. Биһиги суот­тааһыммыт сөбө олоххо көһүннэ. Урут күҥҥэ 500-600 эрэ киилэ үүтү тутар буоллахпытына, билигин 3 туоннаҕа диэри улаатта. Тыа сирин дьонугар сарсыҥҥыга эрэл үөскээн, кинилэр, кырдьык даҕаны, сүөһү иитэн быр-бааччы олорор кыахтанныбыт диэн астыналлар эрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ былааммыт 800 туонна үүтү тутан, араас аһы оҥоруу буолар.

Тыа хаһаайыстыбатын са­­йыннарар туһуттан анал бырагыраама ылыммыппыт. Мин са­­наабар, олохтоох дьон Саха сиригэр оҥоһуллубут аһынан аһыахтаах. Ыаллыы сытар оройуоннарбытын кытта Сөбүлэһии түһэрсэн, бу хайысхаҕа бииргэ үлэлиир санаалаахпыт.

СИР ТИИЙБЭТ КЫҺАЛҔАТА СЫТЫЫТЫК ТУРАР

— Оттуур ходуһа тиийэр дуо?

— Ханна да буоларын курдук, сүөһү иитиитинэн дьарыктанан, сүөһүлэрин ахсаанын элбэ­тиэн баҕалаах дьон бааллар эрээри, чугас эргин оттуур ходуһа тиийбэтэ атахтыыр. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар сопхуостар эстэллэригэр, дьон оттуур сирдэри паай быһыытынан үллэстибиттэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ ходуһалар, бааһыналар 60-70% көрүүтэ-истиитэ суохтар. Бас билэр дьон сирдэригэр тугу да үүннэрбэттэр, сүөһү-сылгы ииппэттэр, сирдэрин эккэ эбэтэр окко уларсаллар, көдьүүстээх туһаныы тахсыбат. Мин маннык дьону “фермеры-паразиты” диэн ааттыыбын.

Биһиги маннык дьаһанабыт. Холобура, үс төбө сүөһүлээх киһи кэлэн оттуур ходуһа көрдөһөр. Сири үс сылга биэрэбит. Ол болдьох кэнниттэн баран көрөбүт – сирин туһанар эбит дуу суох дуу, сүөһүтүн-сылгытын ахсаана эбиллибит дуу диэн. Икки төгүл эбиллибит буоллаҕына эрэ, өссө 5 сылга уһатан биэрэбит. Ол кэм ааспытын кэннэ өссө икки төгүл эбиллибит буоллаҕына, сири 10 эбэтэр 20 сылга уһатыахпытын сөп. Оттон үс сыл устата сиринэн дьарыктаммат буоллаҕына, төттөрү ылан, атын киһиэхэ биэриэххэ сөп. Мин өйдүүбүн, тустаах киһиэхэ сири бас билэрин туоһулуур докумуоннардаах, ол эрэн, уонча-сүүрбэччэ сыл устата түптээн дьарыктаммат буоллаҕына, ол сири судаарыстыба төттөрү ылыахтаах. Бу манна Ил Түмэн уонна Госдуума дьокутааттарын көмөлөрүнэн тустаах сокуоннарга уларыйыылар киириэхтээхтэр дии саныыбын.

— Атын улуустарга мүөт хомуйуутунан дьарыктанан, син балайда ситиһиилэннилэр.

— Мин санаабар, мүөтү хомуйуу — олус кэскиллээх салаа. Биһиэхэ элбэх булчут баар. Ол оннук доҕотторбор: «Сайын бултаабаккыт, ыҥырыа иитэн, мүөт хомуйуутунан дьарыктаныҥ», — диэн сүбэлиибин. Итинник үлэ илистэр үлэ буолбатах, киһи астына-астына үлэлиэн сөп. Ону таһынан, эбии үбү-харчыны киллэриэн сөп. Хомуллубут мүөтү оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга анаан тутарга бэлэммин диэн этэбин. Баҕалаах дьоҥҥо оро­йуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тосхолун иһинэн субсидия көрүөхпүтүн сөп. Оччотугар саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара, бары барыстаах хаалабыт.

БАРЫ СҮҮЙҮҮЛЭЭХ ТАХСАБЫТ…

— Өлүөхүмэни кытта бииргэ үлэлиир былааннааххыт диэн истибитим…

— Быйыл сыл бүтэһигэр 3 000 м2 иэннээх оҕуруот аһын хара­йар дьиэни үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Ол дьиэҕэ оҕуруот аһын куурдар, астыыр, суулуур сыахтары арыйыахпыт. Олохтоох оҕуруот аһынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар астарын батарыыга төбөлөрө ыалдьыбат, тоҕо диэтэргин, кинилэри оройуон ос­­куолаларыгар, оҕо уһуйааннарыгар сыһыарбыппыт. Манна эбэн эттэххэ, үүт астан оҥоһуктарынан ааттаммыт тэрилтэлэри эмиэ хааччыйабыт. Салгыы биһиги хоту сытар Мииринэй, Айхал, Удачнай, Өлөөн уонна Сааскылаах олох­тоохторун оҕуруот аһынан хааччыйар санаалаахпыт. Тоҕо диэтэргин, кинилэргэ атын эрэгийиэннэр олус сыаналаах оҕуруот аһын тиэрдэллэр. Холобура, Өлүөхүмэ хортуоппуйун ылан астаан, туһаҕа таһаарыахпытын сөп.

Ыаллыы сытар улууспут дьоно оруос, ньэчимиэн, сэлиэһинэй үүннэрэллэр. Ону атыылаһыахпыт. Маны таһынан, сүөһү сиир аһылыгын (комбикорм) кинилэртэн эрэ атыылаһыахпыт, атын эрэгийиэннэртэн буолбакка. Уу суолунан элбэҕи тиэйэн аҕалыахпытын сөп. Оччотугар Өлүөхүмэ улууһугар үүннэрбит үүнээйилэрин батарыыга тылынан буолбакка, дьыаланан көмөлөһүөхпүт.

— Ааспыт күһүн Бүлүү бөлөх уонна киин улуустарга сылдьыбытыҥ. Тугу сэргии көрдүҥ, туох түмүктээх сырыы буолла?

— Мин сырыым сыала-соруга диэн, атын улуустартан тугу туһаныахха сөбүй этэ. Ньурба Күндээдэтигэр, Үөһээ Бүлүүгэ Германияҕа оҥоһуллубут тэриллэрдээх үүс астыыр сыахтары көрбүтүм. Бары тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга сырыттым. Кырдьыгынан эттэххэ, оҥорон таһаарыыга туох эрэ уратыны көрбөтүм. Мин өйдүүбүн, биһиги оройуоммут профицит­таах оройуон, кинилэр буоллаҕына, толору дотацияҕа олороллор. Тыа сиригэр харчыны угуохха наада, нэһилиэктэр олохторун таһымын үрдэтиэхтээхпит. Биһиги бары 100% олохтоох аһынан аһыахтаахпыт. Саха сирин толорон баран, ыаллыы сытар Иркутскай уобалаһы, Красноярскай кы­­раайы хааччыйыахтаахпыт. Ол оннук соруктаах үлэлиэхтээхпит.

Сүөһү бэйэтигэр турар сыаната олус үрдүгүн өйдүүбүн. Атын куораттартан кэлэр эт чахчы хантан кэлэрин билэр кыахпыт суох. Холобура, Алтай этэ диэн ааттаан Бразилия, Польша этин атыылыыллар. Саха сиригэр үүммүт оҕуруот аһа, бурдуга, үүтэ, этэ туох да эбилигэ суох, ыраас буолар. Оччотугар, бастатан туран, олохтоох аһынан аһыыр дьоммут-сэргэбит туруга чэгиэн-чэбдик буолуо этэ.

Чурапчылар эти биһиги наадыйар кээмэйбитин атыылыыр кыахтаахпыт диэбиттэрэ, ол эрэн, сыаната ыарахан. Кууһунан 460 солкуобайга атыылыыбыт диэбиттэрэ. Мин буоллаҕына, 350-360 солкуобайга атыылаһарга уонна 100% эрдэттэн толору (предоплата) төлүүргэ бэлэммин диэн эппитим. Биһиги биир киилэ ынах этин 400 солкуобайтан ыаратыа суох­таахпыт. Тоҕо диэтэргин, ханна баҕарар дьон хамнаһа оннук үрдүк буолбатах, үгүстэр хастыы да кирэдьиит төлүүллэр. Онон, мин санаабар, олохтоох былаас удамыр сыаналаах аһынан хааччыйыахтаахпыт – ол биһиги сорукпут. Кэлэр биэс сылга эти атын оройуоннартан атыылаһарга күһэллэбит, бэйэбитигэр сүөһү ахсаана элбиэр диэри. Чурапчылары кытта салгыы кэпсэтии ыытыахпыт, биир сөптөөх сыанаҕа кэлиэхпит диэн эрэллээхпин. Оччоҕуна бары сүүйүүлээх тахсабыт: харчы өрөспүүбүлүкэ иһигэр хаалар, чурапчылар элбэх эти биирдэ батараллар, оттон Ленскэй олохтоохторо удамыр сыанаҕа аатырбыт Чурапчы этин сиир буолаллар.

Кулун тутарга Өлөөҥҥө, Анаабырга барар былааннаахпын. Сыалым диэн сөбүлэһии түһэрсэн, кинилэргэ бурууһу, хаптаһыны, оҕуруот аһын тиэрдэбин, ол оннугар үрүҥ балыгы ылабын уонна оҕо уһуйааннарын, оскуолалары, олохтоохтору хааччы­йабын. Дьокуускайга ырыынакка сылдьан биир киилэ балыгы 800-1200 солкуобайга атыылыылларын көрөн, сонньуйабын. Саха сирин балыга олохтоох дьоҥҥо итинник сыанаҕа атыыланара табыллыбат. Соторутааҕыта Анаабыртан биир массыына уомулу, майаҕаһы аҕалан 350 солкуобайга 3-4 чаас иһигэр атыылаан барбыттара. Ол аата, биһиги дьоммут балыкка наадыйаллар уонна удамыр сыанаҕа атыылаһарга бэлэмнэр эбит.

УЛАХАН ХАМПААННЬАЛАРЫ КЫТТА ҮЛЭ

— Атын улуустар Ленскэй оро­йуонун “арыыга күөлэһийэр” дьон курдук саныыллар. Эһиэхэ “Сургутнефтегаз”, “Газпром”, “Транснефть”, “АЛРОСА“ курдук хампаанньалар үлэлииллэр дии…

— Биһиги оройуоммутугар үлэлиир ниэп уонна гаас хостооһунунан дьарыктанар улахан кыахтаах хампаанньалар сылга 1-тэн 10 мөлүйүөҥҥэ диэри харчынан көмөлөһөллөр. Кэнники үс сылга “Сургутнефтегаз” Витимҥэ оскуола туттарбыта, Толооҥҥо суолу оҥорбута. Ону таһынан тус сирэйдэр дохуоттарыттан но­­луогу (НДФЛ) ылабыт. Ол онтон 35% эрэ оро­йуоҥҥа хаалар, онтон ордуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр барар.

Мин ити ааттаммыт кыах­таах тэрилтэ салайааччыларыгар этэбин — нэһилиэктэргэ култуура уонна успуорт дьиэлэрин, куоракка социальнай эбийиэктэри тутан биэриҥ. Тоҕо диэтэргит, Саха сириттэн, чуолаан биһиги оро­йуоммут сириттэн элбэх сир баайын хостууллар, дохуоттаналлар. Оччоҕуна, мин санаабар, бу тэрилтэлэр социальнай эппиэти­нэстэринэн нэһи­лиэнньэ ортотугар ааттара-суоллара үрдүө этэ.

КҮННЭЭҔИ КЫҺАЛҔА

— Сыл саҥатыгар Ленскэйгэ бөх тиэллибэт диэн элбэхтик суруйбуттара. Бу кыһалҕаны хайдах быһаараҕыт?

— Бөҕү харайыы, хомуйуу — биир сытыытык турар кыһалҕа. Икки сылы быһа быһаара сатыыбыт. Үлэлии кэлбит эрэгийиэннээҕи оператор үксүн куорат эрэ иһигэр үлэлиир, нэһилиэктэр тустарынан этэ да барыллыбат. Бүгүн биһиги хас биирдии оройуоҥҥа бэйэтигэр бөх хомуйар тэрилтэ баар буолуохтаах диэн туруорсабыт. Атын сиртэн үлэлии кэлэр буоллахтарына, сөбүгэр үптээх-харчылаах, бөҕү тиэ­йэр массыыналардаах буо­луохтаахтар. Билигин үлэлиир тэрилтэ, этэргэ дылы, биир уруучукалаах уонна паапкалаах эрэ, бүттэ. Урут үлэлээбит тэрилтэ тиэхиньикэтинэн үлэлии сатыыллар. Бу хайысхаҕа үлэ бара турар.

ОЛОХТООХ ЫЧЧАККА ЭРЭЛИМ УЛАХАН

— Үлэһит илиинэн хааччыллыы туһунан билиһиннэр эрэ.

— Үгүс улуустар кыһалҕалара биһиэхэ эмиэ сытыытык турар. Быраастарга уонна учууталларга наадыйабыт. Бэйэбит үппүтүгэр 60 устудьуону үөрэттэрэ сылдьабыт. «Сургутнефтегаз” бэйэтин ха­­йысхатынан 10 оҕону үөрэттэрэр. Былырыыҥҥыттан эбии өссө 10 оҕону биһиги наады­йар идэлэрбитигэр үөрэттэрэллэр. Кэлии үлэһиттэргэ кыбартыыра биэрэбит, ону биэс сыл буолан баран

бэйэлэрин бас билиилэригэр суруттарыахтарын сөп. Ону таһынан, 150 тыһыынча «подъемнай» диэни төлүүбүт. “Земскэй доктор” уонна “Земскэй учуутал” чэрчитинэн кэлбит үлэһиттэргэ эбии биирдии мөлүйүөн биэрэбит, ол эрэн, кырата 10 сыл үлэлиэхтээхтэр диэн докумуоҥҥа илии баттаһабыт.

Сантехник, сыбаарсык, электрик идэлээх үлэһиттэр тиийбэттэр. Атын улуустартан үлэһиттэри ыларга бэлэммит. Холобура, икки сыллааҕыта Өлүөхүмэҕэ бара сылдьан аатырбыт «Кладовая Олекмы” салайааччыта Николай Ефимовы кытта билсибитим. Кини үлэтин, тэрилтэтин кытта билсэн баран сөхпүтүм. “Миэхэ үлэлии кэл” диэн оонньоон эппитим. Билигин Николай Александрович Батамайдааҕы салайар тэрилтэтэ олус тэтимнээхтик сайдан иһэр.

— Дьаһалтаҕа, бырамыысыланнас сайдыбыт оройуона диэтэххэ, саха дьоно баалларын бэлиэтии көрдүм…

— Биири этиэм этэ: баһылыктыы кэлэрбэр, оройуон дьаһалтатыгар биир-икки эрэ саха үлэ­лиирэ. Билигин аҥаардара – олохтоох дьон. Кинилэргэ эрэлим улахан, тоҕо диэтэргин, кинилэр дойдулаах дьон быһыытынан силистээх-мутуктаах буоланнар, ис сүрэхтэриттэн төрөөбүт оройуоннара чэчирии сайдарыгар кыһаллаллар. Миигин үп-харчы уонна экэниэмикэ хайысхатыгар солбуйааччынан 37 саастаах Ленскэй олохтооҕо Александр Черепанов тахсыылаахтык үлэлиир. Балаҕан ыйыттан Орто Наахара баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Евгений Саморцев улуус дьаһалтатыгар солбуйааччынан бигэргэннэ. Икки үрдүк үөрэхтээх, АЛРОСА-ҕа, ­ньиэби хостуур тэрилтэҕэ үлэлээбит уопуттаах, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Миниистир” дьыалабыай оонньуу кыайыылааҕа эдэр, эрчимнээх киһи. Тыа хаһаа­йыстыбатын салаатын 33-с саастаах, эмиэ гаас-ньиэп хостуур тэрилтэлэргэ инженеринэн үлэлии сылдьыбыт эмиэ Орто Наахара ыччата Иван Захаров салайар. “Гранит” тэрилтэҕэ Ленскэй төрүт олохтооҕо, Мииринэй куоракка АЛРОСА систиэмэтигэр балачча үлэлээбит Сергей Корнилов ананна. Оройуоҥҥа успуорт эйгэтин балачча сэргэхситтэ, бастаан буоксаҕа тириэньэр быһыытынан Ленскэйгэ үлэтин саҕалаабыт, Бүлүү ыччата Прокопий Петров.

IX СПОРТИВНАЙ ООННЬУУЛАРЫ – ЛЕНСКЭЙГЭ!

— 2010 сыллааҕы Саха сирин норуоттарын V спортивнай оонньуулара Ленскэй куоракка ыытыллыахтаах этэ эрээри, кэлин Өлүөхүмэҕэ көспүтэ…

— Билигин балаһыанньа тосту уларыйан турар. Саха сирин но­­руоттарын IX спортивнай оонньуулара 2026 сыллаахха Ленскэй куоракка барарыгар хайаан даҕаны сайаапка ыытыахпыт. Аныгы ус­­пуорт комплекс барылын оҥорторбуппут, турар сирин булан турабыт, тутуутун быйыл саҕалыыр баҕа­лаахпыт.

Биһиэхэ успуорт араас көрүҥнэрэ тэтимнээхтик сайдаллар. Бу хайысхаҕа киэҥ да­­лааһыннаах үлэни успуорт са­­лаатын салайааччыта Прокопий Петров ыытарын бэлиэтиэм этэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта мини-футболга өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буоллубут, волейболга куруук бириистээх миэстэттэн түспэппит.

Мин толкуйбунан, улуус олохтоохторо чөл туруктаах буолуох­таахтар. Ыраас, олохтоох аһы аһыахтаахтар, эттэрин-сииннэрин са­­йыннарыахтаахтар, оччоҕуна чэ­­гиэн-чэбдик буолуохтара. Туох-баар успуорт саалалара бары босхолор. Төлөбүрдээх оҥордохпутуна, төһө харчыны ыларбытын суоттаан көрөн баран, ол оннук санааттан аккаастаммыппыт. Хайыһар, хаҥкы уларсар эмиэ босхо. Төлөбүрдээх эрдэҕинэ хаҥкылыыр кортка, ­сыыртан сырылыыр, хайыһардыыр сирдэргэ тарбахха баттанар киһи сылдьар эбит буоллаҕына, билигин успуорт тутуулара толорулар. Былырыын мас тардыһыыга уонна буоксаҕа эдэрдэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйэнээтин ыыппыппыт. Ыалдьыттар астынан сөҕөн-махтайан барбыттара.

САХА ТЫЛЫН ҮӨРЭТЭБИН

— Саха тылын сайыннарыыга туох үлэ-хамнас барарый?

— Оройуоннааҕы үөрэҕирии салалтатын иннигэр Ленскэй ос­­куолатыгар саха кылааһын ары­йарга сорук турар. Саха тылын оҕолор омугуттан тутулуга суох үөрэтиэхтээхтэр дии саныыбын. Бэйэм эмиэ саха тылын үөрэтэбин, кыра кыһалҕабын быһаарсар буолар инибин. Бэйэм төрүт тылбын эмиэ умнубаппын, үчүгэйдик билэбин.

Оройуоҥҥа араас ырыа-үҥкүү ансаамбыллара элбэхтэр, кинилэргэ таҥастарын-саптарын тиктэриигэ көмөлөһөбүт, киин куораттарга баралларын үбүлүүбүт. Саха ырыаһыттарын ыҥыран, Аскалон Павлов кэлэн кэнсиэртээн барбыта. Дьокуускайтан Саха тыйаатырын, ырыа-үҥкүү

ансаамбылларын ыҥырар былаан­наахпыт. Былырыын Лиэнскэй куоракка киинэ көрөр саала арыллыбыта. Сахалыы киинэлэри, ол иһигэр “Тыгын Дарханы”, “Хара хаары”, “Пугалоны” көрдөрүөхтэрэ. Муус устар саҥатыгар Нуотараҕа “Байанай” диэн булчуттар күрэхтэрин былааннаан олоробут.

Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0