Сылгыһыт күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт тупсарыллыбыт хааннаах саха сылгыларын сүүрдүүтүгэр “күөх экраҥҥа” көстөр жокейдар курдук таҥастаах-саптаах эдэр уолга үгүс киһи хараҕа хатаммыта.
edersaas.ru
Жокей Виктор Саввин түөрт түһүмэх сүүрдүүттэн үһүгэр кыайан, Мэҥэ Хаҥалас хамаандата бастаабыта. Дьокуускайга кэлэн баран, биһиги Викторы булан кэпсэттибит.
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕатыттан төрүттээхпин. Валентина Егоровна, Владимир Саввич Саввиннарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам сылгыга үлэлиир буолан, кыра эрдэхпиттэн Дьөһөгөй оҕолорун көрө-истэ, умсугуйа улааппытым. Оҕо сылдьан ат сүүрдэрим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, сынньалаҥнарбар Мэҥэ Хаҥалас тренерскэй салаатыгар киирэн Дьокуускайга кэлэн көмөлөһөр, дьарыктанар этим. Устунан оннук жокей быһыытынан үлэм саҕаламмыта.
— Ол аата билигин Мэҥэ Хаҥалас тириэньэрдэрин салаатыгар үлэлиигин?
— Мэҥэ Хаҥалас улууһа манна сүүрүк аттары тутар, көрөр-харайар хаһаалаах. Мин онно сүүрүк аттары бэлэмниир үрдүк категориялаах тренер Василий Игнатьевы кытта бииргэ үлэлиибин. Улууспут чиэһин көмүскүүбүт.
— Жокей үлэтэ аты сүүрдүүнэн муҥурдаммата буолуо.
— Сүүрдүү сезона саҕаланыаҕыттан үлэ үксүүр. Сарсыарда 4-5 чааска турабыт, тириэньэр этиитинэн дьарыктанабыт, кини сорудаҕын, этиитин толоробут. Ол кэнниттэн аттарбытын ыраастыыбыт, көрөбүт-харайабыт, ыарыйдахтарына эмтиибит-томтуубут, сууйабыт-тарыыбыт. Биир тылынан эттэххэ, кыра оҕо курдук бүөбэйдиибит.
—— Виктор, эн үс сыл Москваҕа дьарыктаммыт эбиккин дии. Онно хайдах тиийбиккиний?
— Тириэньэрим Василий Анатольевич Москватааҕы киин ипподром салалтатын кытта кэпсэтэн, үөрэммитим. Кантакузин Максут Умерович диэн тириэньэри кытта үлэлээбитим. Бэркэ үөрэнэн, элбэҕи билэн-көрөн кэлбитим. Ыраас хааннаах боруода сылгылары улахан күрэстэргэ сүүрдүбүтүм.
— Ыраас хааннаах сылгылары сүүрдэр уратылаах дуу?
— Саха тупсарыллыбыт хааннаах сылгылара ыраас хааннаах боруода сылгылартан улахан уратылара суох курдук. Онтон сүүрүүтүнэн уонна кылааһынан, биллэн турар, ыраас хааннаах сылгылар ордуктар.
— Жокейга сүрүн ирдэбил тугуй?
— Саамай сүрүнэ ыйааһын буолуо. Ирдэбил быһыытынан, жокей ыйааһына 57 киилэттэн кыра буолуо суохтаах, аттан көтөн хаалыан сөп диэн. Наһаа ыарахан буолуо суохтаах, акка ыйааһын буолбат туһугар. Уонна, оттон, идэҕин ис сүрэххиттэн сөбүлүөхтээххин.
— Эдэр ыччат бу идэҕэ төһө тардыһарый?
— Кистээбэккэ эттэххэ, наһаа таласпат. Жокей диэн аты сүүрдээччи эрэ курдук саныыллар. Дьиҥэр, аты көрүү-истии барыта киирэр. Аны, ситиһиилээх буоларга тириэньэр, жокей, ат бары биир ситимҥэ үлэлиэхтээхтэр. Ат наһаа өйдөөх, толкуйдуур. Ат ис кыаҕын тириэньэр быһаарар, жокей дьэ, ону таба туһаныахтаах.
— Виктор, эн бэйэҥ эйгэҕэр кими холобур оҥостоҕунуй?
— Сүүрбэһис үйэ биллэр жокейын Николай Насибовы ааттыам этэ. Арассыыйаҕа 654, тас дойдуга 175 төгүл кыайбыта. Ат кыаҕын, таһымын тас дьүһүнүттэн билэр этэ диэн суруйаллар. Кырдьык, жокей буоларга айылҕаттан ананан төрөөбүт киһи буоллаҕа. Мин киниттэн ылынарым диэн, бастатан туран, үлэҕэ дьиссипилиинэ баар буолуохтаах диир. Кырдьык, үлэ хаамыытыттан түмүгэ улахан тутулуктаах. Иккиһинэн, арыгыны олох утарар. Кини этэринэн, арыгылааһын диэн – дууһа, өй-санаа кураанахсыйыыта, олоххо, үлэҕэ интэриэс сүтүүтэ, иһэр-аһыыр дьоҥҥо ат сүүрдүүтүн эйгэтигэр суол суох. Мин санаабар, арыгыны иһэр киһиэхэ ханна да үчүгэй суол суоҕа буолуо.
— Саастыылаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
— Инникигэ эрэллээх буоллуннар, үлэни өрө туттуннар. Киһи олоҕо бэйэтиттэн тутулуктаах.
Сахалыы сиэринэн, эдэр уолу харыстаан, түмүккэ тугу да улаханы эппэппин. Виктор бэйэтин суолун оҥостуоҕа, онно итэҕэйиэҕиҥ уонна эрэниэҕиҥ.
Екатерина ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru