Жирковтарга олоҥхоһуттар ыалдьыттаатылар

Ааптар: 
27.11.2016
Бөлөххө киир:

grigorevy-1grigorevy-2Уус Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгин Жирковтар аҕа ууһугар олоҥхоһуттар ыалдьыттаатылар. Ол курдук, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн улууска араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэринэн аҕа уустарын кэрийэ сылдьан олоҥхолооһун буолар.

Нэһилиэккэ уруккуттан фольклору тарҕатар Зоя Шепелева, уһуйааҥҥа оҕолорго олоҥхону үөрэтэр Туйаара Жиркова, оскуола “Утум” фольклорга куруһуогун салайааччыта Антонина Лугинова нэһилиэк икки халыҥ, элбэх оҕолоох Жирковтар уонна Сивцевтэр аймахха кэлэн олоҥхолоон бардылар.

Ыал ийэтэ Саина Егоровна: “Былыр төрүттэрбит алаастарынан төбүрүөннээн олорон, уһун хараҥа киэһэлэри олоҥхо истэн атаараллара. Ол курдук эмиэ Жирковтар халыҥ аймах оҕолуун, улахан дьоннуун бука бары убайбыт Жирков Федот Егорович дьиэтигэр мустан, “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны иһиттибит. Мин 10 оҕобун барыларын илдьэ тахсыбытым. Сахалыы сиэринэн ыалдьыттарбытын арыылаах алаадьылаах, итии саламааттаах айах туттубут. Бары сахалыы таҥныбыппыт. Уһуйааччылар олоҥхолоон бүтэн баран, оҕолортон төһө өйдөөн хаалбыттарын билээри туох туһунан кэпсэммитин ыйыталаспыттарыгар, балачча эппиэттэстилэр. Олоҥхо тыла төһө да уустугун, умнулла быһыытыйбытын иһин, өйдүүллэр эбит. Хааммытыгар иҥэ сырыттаҕа эбээт! Бу тэрээһини быйылгыттан саҥа саҕалаабыттар, онон олох сонун, ураты. Оҕолорбут да, бэйэбит даҕаны биһирээтибит. Итиэннэ маннык үчүгэй тэрээһин салҕаныан наада эбит диэн түмүккэ кэллибит”, – диэн санаатын үллэстэр.

Кылгастык кэпсээн аастахха, саас ортолоох Григорьевтар оҕо иитэр дьиэ кэргэн. Бэйэлэрин түөрт оҕолорун тэҥэ, өссө көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт алта оҕону иитэ ылбыттар. Улаханнара 16-лаах, кыралара түөрт саастаах. Саина Егоровна оҕолорун бэрийэр, Сергей Сергеевич бырааттарын кытта кыттыгас бааһынай хаһаайыстыбалаахтар. Быйыл 8 мөл. солк. суумалаах Грант сүүйэн, улахан хотон, хаһаайыстыбаҕа туттуллар тиэхинньиккэ атыыласпыттар.

Людмила ПОПОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0