Бу, норуот бүттүүнүн тапталын, билиниитин ылбыт хоһоонун Константин Симонов 1941 сыллаахха суруйбута. Хоһоонун кини таптыыр дьахтарыгар анаабыта… Кэлин, бу айымньытын туһунан маннык ахтыбыта баар: “…Мин бастаан бу хоһооммун БИИР эрэ киһиэхэ анаан суруйбут курдук санаабытым. Онтон, хас да ый буолан баран, ыраах хоту, тыалга-силлиэҕэ хаайтаран, кыараҕас землянкаҕа күннэри-түүннэри олорон, бириэмэни ыыта таарыйа араас дьоҥҥо хоһооннорбун аахпытым. Оттон бу дьон хас сырыы аайы, кыраһыын лаампатынан дуу, ыһыырынньыгынан, биитэр илии банаарынан дуу, сырдатынан, “Жди меня…” хоһооммун кыракый кумааҕы лоскуйдарыгар сурунан ылаллара. Чуолаан бу чахчыны – хоһоону үгүс дьон бэйэтигэр устан ыларын, ол аата чугастык, сүрэҕинэн ылынарын көрөн, сыл аҥаара буолан баран хоһооммун хаһыакка бэчээттэтэ биэрбитим”.
Константин Симонов номоххо киирбит «Жди меня» хоһооно 1942 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн бара турдаҕына, “Правда” хаһыакка тахсыбыта. Тыһыынчанан буойун бу хоһоону бэйэтин болокунуотугар сурунан ылбыта…
Бүгүн, сэтинньи 28 күнэ – биллиилээх бэйиэт, прозаик, байыаннай кэрэспэдьиэн, уопсастыбаннай диэйэтэл, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Константин Михайлович Симонов төрөөбүт күнэ.
К.Симонов
Жди меня, и я вернусь.
Только очень жди,
Жди, когда наводят грусть
Желтые дожди,
Жди, когда снега метут,
Жди, когда жара,
Жди, когда других не ждут,
Позабыв вчера.
Жди, когда из дальних мест
Писем не придет,
Жди, когда уж надоест
Всем, кто вместе ждет.
Жди меня, и я вернусь,
Не желай добра
Всем, кто знает наизусть,
Что забыть пора.
Пусть поверят сын и мать
В то, что нет меня,
Пусть друзья устанут ждать,
Сядут у огня,
Выпьют горькое вино
На помин души…
Жди. И с ними заодно
Выпить не спеши.
Жди меня, и я вернусь,
Всем смертям назло.
Кто не ждал меня, тот пусть
Скажет: — Повезло.
Не понять, не ждавшим им,
Как среди огня
Ожиданием своим
Ты спасла меня.
Как я выжил, будем знать
Только мы с тобой —
Просто ты умела ждать,
Как никто другой.
Күүт миигин, мин эргиллиэм.
Күүт, олус диэн күүт,
Күүт санааҕа баттатар
Самыырдаах да күн,
Күүт, хаардаах тымныы да күн,
Күүт итии күннэргэ,
Күүт, кими да умнан,
Кэтэспэт кэмнэргэ.
Күүт, ырыых-ыраах сиртэн
Сурук да суоҕар,
Сылайары билбэккэ
Бар дьоннуун бииргэ.
Күүт миигин, мин эргиллиэм,
Кэтэһэргин эн умун
Кэлбэт киһини,
Диир дьонтон кэлэй.
Ийэм, уолум биллиннэр
Истиҥ санаабын.
Кэтэспит доҕотторум
Кулуһун оттон,
Ахтан, санаан истинэр
Аһыы утаҕы…
Күүт, көрсүөхпүт иккиэн
Истиҥник үөрсэн.
Күүт миигин, мин эргиллиэм,
Өһөспүт өлбөт,
Ким күүппэтэх, ол эттин:
— Дьоллооххун — диэтин.
Кэтиир тугун билбэтэх
Киһи өйдөөбөт:
Күүтэн күүс эн салҕааҥнын
Киһи буолбуппун.
Эн биһиги билиэхпит
Тыыннаах хаалбыппын,
Эн күүттүҥ дии ол курдук,
Кимтэн да ордук.
Виктор Алданскай тылбааһа.*
*Виктор Алданскай – Афанасьев Виктор Федорович-Алданскай (1917-1993), педагогическай наука доктора, профессор, СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, биллэр-көстөр сатирик-бэйиэт, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин Ытык киһитэ.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru