Жатайга судоверфь тутуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Сырьеттан тутулуга суох экэниэмикэ биир улахан бырайыагын быһыытынан, эһиилгиттэн Жатайга уу аалларын тутар, өрөмүөннүүр саҥа собуот тутуута саҕаланыахтаах. Бу маны үбүлээһиҥҥэ 5,7 млрд солкуобай ирдэнэр. Онтон 4,1 млрд «2020 сылга диэри Арассыыйа Арктикатын сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн үбүлүөхтэрэ.

edersaas.ru

Саҥа судоверфь эргэ уу аалларын көтүрүүнэн, саҥардан оҥоруунан, саппаастары наардааһынынан эмиэ дьарыктаныаҕа. Уу тырааныспарын флотун хаҥатарга сылга уоннуу уу аалларын тутуохтара. Бу салаа түргэнник атаҕар турарын ситиһээри, «Кангалаас» уру­таан сайдар сиргэ киллэрэн, но­­луок төлөөһүнүгэр чэпчэтии оҥоруохтара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0