Жатайга оһуохай түһүлгэтэ бастакынан түстэннэ

28.04.2022
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ,  САССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээһин күн,  өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар, куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэргэ, улуустарга сахалыы оһуохай хойукка диэри дуорайда.


Онтон куорат таһынааҕы Жатай бөһүөлэгэр «Арчы» духуобунас киинин иһинэн үлэлиир «Күн дьоно» этно-фольклор бөлөх оһуохайы оройуттан тутан, Жатайга аан бастакынан  киэҥ түһүлгэ түстэннэ.
Жатайга элбэх омук дьоно олорор. Кинилэр бары САССР тэриллибитэ 100 сыллаах бырааһынньыгар кэлэн, оһуохайдаан  астыммыттарын биллэрдилэр.
«Эһиэхэ тус бэйэм ааппыттан Жатай бөһүөлэгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн ыытарга тугунан да сыаналаммат кылааккыт иһин улахан махталбын биллэрэбин. Биһиги уопсай бырааһынньыкпытын кыраһыабай куоласкытынан уонна талааҥҥытынан киэргэттигит. «Күн дьоно» этно-фольклор бөлөҕүн хас биирдии толорооччутугар кытаанах доруобуйаны, нус-хас олоҕу уонна айар үлэҕитигэр үрдүк чыпчааллары баҕарабын», —  диэн бырааһынньыгы тэрийээччи  Люкуо Ситдикова махталын эттэ. Онтон Култуура киинин дириэктэрэ Л.А.Иванова Махтал суруктары туттарда.


«Күн оҕолоро» этно-фольклор бөлөххө саха норуотугар киэҥник биллэр уонна биһирэнэр тойуксуттар, оһуохайдьыттар, ырыаһыттар бааллар. САССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах оһуохайы этно-бөлөх салайааччыта,  СӨ култууратын туйгуна Евдокия Ивановна Павлова, 2021 сыллааҕы Туймаада ыһыаҕын призера Зинаида Пантелеймоновна Григорьева, СӨ култууратын туйгуна, СӨ үтүөлээх этээччитэ Антонина Саввична Алексеева уонна  «СӨ Дархан этээччитэ» Семен Ильич Черноградскай таһаардылар.

Өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ 57 артыыс кытынна. Быһа барыллаан 250-ча киһи  бырааһынньыкка кыттыста. Бырааһынньык ыалдьыттара оһуохайы сэргэ, хотугу норуоттар һээдьэлэригэр тэҥҥэ үҥкүүлэстилэр.

«Күн дьоно» этно-фольклор бөлөх салайааччыта Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар:  «Сахабыт кыһынын этэнҥэ туорааммыт араас омук олорор Жатай бөһүөлэгэр эҕэрдэлээх эһиэкэйи эҥээритэ сылдьарбыт төһөлөөх үчүгэйий, күндүнүй! Дьон сэргэ сыанабыла туохтан да күндү уонна үрдүк», -– диэн санаатын үллэһиннэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0