Жатайга «Миша-ледокол» диэн документальнай киинэни устуу саҕаланна
«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» АУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «Миша – ледокол» диэн документальнай киинэни устуу саҕаламмыт. Киинэ «выморозчик» уустук идэтин көрдөрөр аналлаах.
Хартыына Жатайдааҕы суудунаны өрөмүөннүүр собуот сиригэр-уотугар РФ Култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн уһуллар. Режиссер – суруналыыс уонна документалист Дмитрий Степанов. Кини быһаарыытынан, толкуйунан киинэ кылаабынай дьоруойунан суудуналар аллараа өттүлэригэр баар мууһу көйөргө хас эмэ сыл ыстаастаах, уопутаах Михаил Клус буолар.
Режиссер этэринэн, бу олус сэдэх уонна ураты идэнэн буолар. Киинэ эпизодугар суудунаны өрөмүөннээһинтэн саҕалаан уу ааллара ыраах эрийиэскэ аттаналлара көрдөрүллүөҕэ.
Кылаабынай эспиэр — Жатайдааҕы суудунаны өрөмүөннүүр собуот дириэктэрин солбуйааччы Андрей Ковалев. Хартыына Арассыыйатааҕы документальнай киинэ бэстибээлигэр кыттыаҕа. Былаан быһыытынан, киинэни бу сыл бүтүүтэ көрүөхпүт.