Аата: Жанна Павлова.
Төрөөбүт сирэ: Сунтаар.
Үөрэҕэ: М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Финансовай-экономическай институтун бүтэрбит. Исписээлинэһэ — үлэ экономиһа. Билигин Москва уонна Дьокуускай куораттарынан олорор.
Кэргэнэ, оҕото суох. Туох баар бириэмэтин барытын үлэтигэр аныыр. Үлэтин сөбүлүүр, олоххо бэйэбин буллум дии саныыр.
SMM эйгэтигэр киирии:
—Үөрэхпин бүтэрээт, Москваҕа көспүтүм. Бизнес эйгэтигэр үлэлиир дьон дьону кытта кэпсэтэргэ, дьон психологиятын өйдүүргэ, “холодная продажа” диэн өйдөбүлү сатабыллаахтык туһаныахтаахтар диэн санааттан, Арассыыйа иһигэр биир бастыҥ, бөдөҥ “Бизнес молодость” диэн бизнесменнары, урбаанньыттары үөрэтэр хампаанньаҕа үөрэммитим. Араас куурустары ааспытым.Үлэҕэ киирэн, страховой өҥөлөрү атыылыыр этим. Хамнаһым ыйга 28 тыһыынча этэ, бу Москваҕа олус кыра харчы. Биирдэ олорор кыбартыырабын төлүүр күнүм буолла. Харчым тиийбэтиттэн, Macbook көмпүүтэрбин атыылыырга сананным. Атыылаһааччы киһиэхэ итэҕэтиилээхтик рекламалаан атыылаабытым. Атыылаһааччым SMM агентстволаах урбаанньыт киһи эбит. Аһара үчүгэйдик атыылааммын, агентствотыгар үлэҕэ ыҥырбыта. Оннук SММ эйгэтигэр киирбитим. Куурустары ааспытым уонна “арай бэйэм туспа SMM агентство арынан үлэлээтэхпинэ хайдах буолуой” диэн толкуйга түспүтүм. Эбиитин бизнес эйгэтигэр үлэлиир дьүөгэм Валентина, “эн бэйэҥ кыайыаҕыҥ” диэн сүбэлээн санаабын бөҕөргөппүтэ.
“Eleven” агентство үөскээһинэ:
—Ол кэннэ “Eleven” диэн агентство арынным. “Eleven” диэн икки өйдөбүллээх тыл “1+1=11” урбаанньыттыы атыннык толкуйдаа диэн суолталаах. Оттон иккис суолтата, ахсынньы ый 11 күнүгэр төрөөбүтүм, ол иһин 11 чыыһыла олоҕум устата дьоллоох сыыппарам буолар. Оннооҕор эксээмэҥҥэ 11-с билиэт кэллэҕинэ, эбэһээт “5” ылар этим. Ол иһин уһуннук толкуйдаабакка, “Eleven” диэн ааттаабытым. Табаарыспын кытта Макдональска олорон коммерческай бырайыак оҥорбуппут. Сарсыныгар Москваҕа сибэкки атыылыыр семейнэй бизнестээх клиены кытта көрсөн үлэлэһэр туһунан кэпсэтэн, 20 тыһыынча ылбытым. Биир ый үлэлээн ылар хамнаспын аҕыйах мүнүүтэ иһигэр өлөрөн олус соһуйбутум. Бу дьыаланан дьырыктаныахха наада диэн санаа киирбитэ. Ол кэмтэн бу күҥҥэ диэри дьарыктанабын.
SMM эйгэтэ:
—SMM эйгэтигэр үлэлээбитим 2-с сыла буолла. Бу эйгэҕэ төһө өр үлэлиигин, соччонон эн күүстээх буолаҕын. Арассыыйаҕа саҥа сайдан эрэр, муода буолбута 4-5 эрэ сыл буолла. Дьокуускайга саҥа сүүрээн диэххэ сөп. Билигин хас да агентство үлэлиир. 2 сыллааҕыта кэлэрим саҕана, ким да суох этэ, онон бастакынан арыйбытым диэххэ сөп. Москваҕа үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы хампаанньаларга сурук суруйбутум, ону интэриэһиргээбиттэрэ. Тута билиэт атыылаһан кэлбитим. Бастаан утаа дьоннор өйдөөбөттөр этэ. Инстаграм чахчы үлэлиир, кини нөҥүө атыылыахха сөп диэн дакаастыыр этим. Ону таһынан, бэйэбин көрдөрө, билиибин кэпсии, босхо трениннэри ыытар этим. 3 куурус устата барыта 200 киһи кэлэн истибитэ. Билигин социальнай ситим рекламаҕа, атыыга-эргиэҥҥэ биир күүстээх ханаал буоларын дьон өйдөөн, бэйэлэрэ кэлэллэр.
Агентство бүгүҥҥүтэ:
—Билигин агентствобар сэттэ үлэһиттээхпин. Саҕалыырбар, соҕотоҕун үлэлиир этим. Бастаан утаа үс-түөрт страница буолбута, онтон элбээн-элбээн испитэ. Сыыйа-баайы сэттэ үлэһиттэнним. Өссө да эбии штатпытын улаатыннара турабыт. Билигин дизайнер, фотограф уонна оператордар бааллар. Кэмиттэн-кэмигэр Москваҕа баран саҥаны билэн-көрөн, уопут атастаһан кэлэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ отучча Дьокуускай куорат орто уонна кыра бизнес хампаанньаларын кытта үлэлэһэбит. Холобур: «Европа» кулууп, «Азия» кинотеатр, ас аҕалан биэрэр тэрилтэлэр, таҥас маҕаһыыннара уо.д.а. Харчы киирэр. Үлэһиттэрбин хамнастыыбын. Билигин агентствобар консультаанныыбын, стратегиялары толкуйдуубун. Конкуренция баара үчүгэй, суоҕа буоллар “мертвая зона” буолуо этэ. Конкуренция баар буолан, клиеннар да бааллар. Ол үчүгэй.
Агентство өҥөлөрө:
- инстаграмҥа страницалары сайыннарыы;
- дизайнер, фотограф өҥөтө;
- сайтары кытта үлэ;
- коммерческай этиилэри оҥоруу .
Инники былааннар:
—“Академия будущего UNION” эбии үөрэхтээһин кыһатын кытта икки сезоннаах “Эдэр блогер” диэн оскуола саастаах оҕолорго (9-18 сааһыгар диэри) сайыҥҥы лааҕыр тэрийэн эрэбит. Онно оҕолор бэйэлэрэ паблик арынан блогердар, лиэксийэлэр көмөлөрүнэн быраактыка нөҥүө социальнай ситимҥэ бэйэлэрин холонон көрүөхтэрэ. Биһиги, социальнай ситими сөпкө туһанан, бэйэтигэр туһалаах, наадалаах информациятын ылыан сөп диэн санааттан үөрэтэбит.
Улахан дьоҥҥо “Секреты социальных сетей” диэн биир күннээх тренинг былаанныыбыт. 2 сыл устата ылбыт баай уопуппун үллэстиэм. Ону таһынан, блогердары ыҥыран социальнай ситим теориятын, быраактыкатын, инстаграмҥа реклама туһунан кэпсэтиэхпит. Кэлбит дьон страницаларын ырытыахпыт. Бу тренинг пиар- менеджердэргэ, СММщиктарга, бу эйгэҕэ үлэлиэн баҕарар дьоҥҥо, хампаанньа смилэригэр туһалаах буолуо дии саныыбын.
Анастасия АЛЕКСЕЕВА, «Саха Сирэ» хаһыат, edersaas.ru