ЗЕМФИРА КУЗЬМИНА: «Инсульт атын ыарыылартан үөскүүр»

02.02.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа неврологияҕа отделениетыгар эмтэммит, үрүҥ халааттаах аанньаллар көмөлөрүнэн атахтарыгар турбут, олоххо иккистээн эргиллибит ыарыһахтар уонна кинилэр чугас дьонноро Земфира Макаровна Кузьминаҕа төһөлөөх махтаналлара буолуой? Инньэ ааспыт үйэ ортотуттан күн бүгүҥҥэ диэри инсуллаабыт дьону быыһыыр-абырыыр аанньал буолбут Земфира Макаровнаны өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тиийэ билэллэр. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, 2011 с. Ярославль куоракка Бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай конференцияҕа сүрэх-тымыр ыарыылаахтарга көмөнү оҥорууга Земфира Кузьмина отчуота бастыҥынан ааҕыллыбыта. Кини «Отчуот ааптардарын бастыҥ кэлэктиибэ» уонна «Бастыҥ ПСО» дипломнарынан бэлиэтэммитэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

— Земфира Макаровна, эн төрөппүттэриҥ саха норуотугар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт дьон этилэр. Эйигин айар дьоҕурдаах төрөппүттэрин утумнаан, олус үчүгэйдик ыллыыр, бүтүн кэлэктиип бырааһынньыктарыгар хоһоон айар диэн этэллэр. Төрөппүттэриҥ өссө ханнык хаачыстыбаларын утумнаабыккыный?

Земфира Макаровна КУЗЬМИНА – Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал медицинскэй көмө киинин неврологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ, ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай невролога, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СӨ бочуоттаах олохтооҕо.

— Ийэм Воронеж, аҕам Москва куораттарга үөрэммиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар, ийэм Дьокуускайга кэлбитэ, аҕам тута фроҥҥа барбыта. Онон, мин Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтүм, манна оҕо сааһым ааспыта, 3 №-дээх оскуоланы бүтэрбитим. Аҕам Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара фронтовик-поэт, суруналыыс этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сэриилэспитэ. Сэрии фронугар сылдьан, 90-ча хоһоону суруйбута, кини үгүс хоһоонноро ырыа буолан ылламмыттара. Уонтан тахса сыл «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтин отделын салайбыта. Ийэм Анна Ивановна Егорованы саха норуота 1940-50 сылларга опера аатырбыт ырыаһытын, сахаларга операҕа бастакы режиссер быһыытынан билэр. Оскуола кэнниттэн мин Иркутскайга медицинскэй институкка үөрэнэ киирбитим. Үөрэҕи бүтэриэхпиттэн, инсуллаах ыарыһахтары эмтиир отделениеҕа үлэлии сылдьабын.

Ийэм туохха барытыгар дьоҕурдааҕа. Аһылыгы наһаа минньигэстик астыыра, таҥас сууйдаҕына киниэнэ муус маҥан буола кылбайара, дьиэ өрөмүөнүн барытын бэйэтэ дьаһайара. Ылсыбыт дьыалатын ыпсарыылаахтык оҥорорун ордороро. Ийэм сценаҕа ыллыырын эмискэ тохтоппута. «Мин талааммар сүгүрүйээччилэргэ ыллаабыт ырыаларбынан, кинилэр миигин көрөн хаалбыт мөссүөннэринэн өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр хаалыым» дии санаатаҕа. «Өссө да ыллыы сылдьаахтыыр эбит» дэтэн аһыннаттарыан баҕарбатаҕа.  50 сааһыгар Ленинградтааҕы консерваторияҕа саҥа идэҕэ, опера режиссуратын үрдүкү кууруһугар 3 сыл үөрэммитэ. Орто омурҕаныгар тиийбит, оҕолоох ыал ийэтэ устудьуон курдук үөрэнэ барара – киһи эрэ быһаарыммат суола. Үөрэнэн кэлэн баран, «Евгений Онегин», «Алеко», «Травиата» опералары туруорбута. Кини бу үлэлэрэ тыйаатыр классическай репертуарыгар саҥа түһүмэҕи киллэрбиттэрэ, Саха сирин Музыкальнай тыйаатырын вокалистарын айар үлэлэрэ сайдарыгар олук уурбуттара. Ийэм лоп-бааччы уонна быһаарыммытын олоххо киллэрэр майгылаах этэ. Мин, эмиэ ийэбин утумнаан буолуо, биир сиргэ 47 сыл төһө кыайарбынан үлэлээн кэллим дии саныыбын.

«Айылҕаттан айдарыылаах аанньал»

Чопчу невролог буоларга быһаарыныыҥ хайдах этэй?

– Өссө Иркутскайдааҕы медицинскэй институкка үөрэнэ сылдьан, невролог буоларга быһаарыммытым. Бүлүүгэ үлэлээбит Ирина Иннокентьевна Кажова диэн ассистеннаах этибит. Кини Саха сириттэн сылдьааччылары сүрүннүүр этэ. Профессордар ыытар куруһуоктарыгар утумнаахтык дьарыктанарбыт. Онон бастыҥ преподавателларга үөрэммитим сабыдыаллаабыта буолуо. Биллэн турар, элбэх үчүгэй идэлэр элбэхтэр да, тоҕо эрэ, бу идэбин талан үлэлээн-хамсаан кэллэҕим. Институт кэнниттэн тута неврологынан үлэлээбитим. Үлэбин куорат 2 №-дээх поликлиникатыттан саҕалаабытым. Ол сылдьан, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа неврологияҕа отделениетыгар үлэлээбитим. 15 сыл СГУ медицинскэй-эмтиир факультетыгар неврология предметин үөрэппитим.

1983 c. Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ соҕотох, 60 куойкалаах нейрососудистай отделение Дьокуускайга аһыллыбыта. Оттон былырыын ыалдьыбыт дьону тутатына эмтиир регионнааҕы Сүрэх-тымыр киинин арыйбыппыт. Доруобуйа харыстабылын саҥардыы тосхолунан ыарыһаҕы чөлүгэр түһэрэр аныгы тэриллэри: биомагнитнай резонансы, компьютернай томограбы, эксперт-кылаастаах УЗИ уо.д.а. киллэрбиппит. Онон ыарыһахтар урукку курдук уочараттарын күүппэттэр, сылы-сыллаан сыппаттар. Ыарыйдылар да, тута балыыһаҕа киирэллэр. Биһиэхэ, сүрүннээн, куораттан уонна чугастааҕы улуустартан эмтэнэллэр. Өрөспүүбүлүкэбит наһаа улахан. Ол иһин, Сүрэх-тымыр кииниттэн уратыта суох медицинскэй тэриллэрдээх кииннэри Мирнэйгэ уонна Нерюнгрига үлэлэтэбит. Аны Майаҕа уонна Ньурбаҕа быйыл аһыллыахтара. Тоҕо диэтэххэ, бу улуустар ыарыһахтара күһүн, саас айан суола суох кэмигэр олус эрэйдэнэллэрэ. Оттон ыарыы ытарчалыы ыллаҕына, кими да бырастыы гыммат. Улуустар икки ардыларынааҕы кииннэрбит үлэлээтэхтэринэ, нэһилиэнньэ 70-ча бырыһыана хабыллан кэмигэр эмтэннэҕинэ, көрдөрүүбүт тупсуо турдаҕа.

Инбэлииттэр ортолоругар инсуллаабыт ыарыһахтар бастакы миэстэҕэ сылдьаллар. Ол аата инсульт ыарыы элбии турар буоллаҕа?

– Инсульт туох да төрүөтэ суох үөскээбит ыарыы буолбатах, атын ыарыыттан сиэттэрэн сыыстаран ыалдьыы буолар. Инсуллаабыт дьон үксүлэрэ хааннарын баттааһына уларыйыылаах, атеросклерозтаах, тымыр ыарыылаах буолаллар. Бу ыарыыларын үчүгэйдик эмтэммэккэ сыыстаран, инсулка тиийэллэр. Киһи олоҕо эн доруобуйаҕыттан эрэ тутулуктаах. Киһи кыратык да ыарыйдаҕына, ханнык да илгэ-быйаҥ олох суолтата сүтэр. Кылаабынайа – доруобай эрэ буол!

Урукку курдук буолуо дуо, аныгы дьон олус харыстанар буолла, олохпут да уларыйда. Урут баҕар-баҕарыма, боростуой аһылыгынан муҥурданарбыт. Билигин саха саныыра барыта баар курдук да, хаачыстыбата хайдаҕа биллибэт. Ордук дьыл кэмэ уларыйарыгар: кулун тутар-ыам ыйдарга уонна алтынньы-сэтинньи ыйдарга, сайын өҥүрүк куйаастарга балыыһабытыгар ыарыһахпыт аһара элбиир. Холобур, билигин 35 куойкаҕа 50 киһи эмтэнэр.

Тымыр бүөлэнэн хааллаҕына, киһи мэйиитин килиэккэлэрэ тута өлбүтүнэн барбаттар. Ол иһин, ыарыһаҕы 3-4 чаас иһигэр эмтээн барабыт. Ыарыһах балыыһаҕа төһөнөн эрдэ киирэр да, кини доруобуйатын чөлүгэр түһэрии оччонон көдьүүстээх буолар. Биһиги дьоммут «бэйэтэ ааһыа» диэн ыарыы мүлүрүйэрин күүтэн, хойутаан, быстараллара баар суол.

Билигин балыыһаҕа киирбит ыарыһаҕы стандартынан эмтиибит. 20 мүнүүтэ иһигэр кардиограмма устабыт, анаалыс ылабыт, компьютернай томографияны оҥоробут. Быһа холоон, 30-40 мүнүүтэнэн диагноһа биллэр. Тута реанимацияҕа киллэрэбит, онно саамай кыччаабыта биир суукка устата сытар. Суукка устата реаниматологтар, невропатологтар кэтээн көрөллөр.

«Атын дойдуларга арыгыһыты эмтии да сатаабаттар»

Киһи баралыыстаан эрэрин хайдах билиэн сөбүй?

– Илиитэ-атаҕа мөлтөөтөҕүнэ, биир өттө утуйбут курдук нукаай буоллаҕына, сирэйэ ханньары бардаҕына, тыла булдьуруйан кыайан саҥа таһаарбат, кини саҥарарын киһи өйдөөбөт, кыайан аһаабакка чачайар, мэйиитэ эргийэр буоллаҕына – уталыппакка «суһал көмөнү» ыҥырыллар. Оттон нэһилиэктэргэ учаастак бырааһа кэлэн хаанын баттааһынын мээрэйдиир уонна кини туругун улуус бырааһыгар этэн сүбэлэтэр. Билигин тымыр быстыытыгар, мэйиигэ хаан кутуллуутугар эпэрээссийэни оҥоробут.

Тымыр быстыылаах, хааннарын баттааһына кэһиллиилээх дьон ахсаана элбии турар. Урут сэдэх курдуга. Бу ыарыылары бопсорго, биллэн турар, сэрэтии үлэтэ улахан оруолу ылар. Ити киинэлэргэ көрөбүт дии: наар арыгы иһэн тахсаллар. Ону утары охсуһуохха наада. Европа сорох дойдуларыгар арыгыһыт, табахсыт киһи тымыра быһыннаҕына, эмтии да барбаттар.

Инсуллаабыт киһи дьиэ кэргэнигэр улахан охсууну оҥорор, чугас дьоно бары эмсэҕэлиир. Нус-хас үлэлээбэттэр, оҕолор кыайан үөрэммэттэр. Ол иһин, инсульт ыарыыта улахан социальнай кыһалҕаҕа кубулуйар. Ыарыы ыалласпатын туһугар эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытабыт. Араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн, хаһыатынан кэпсиибит. Доруобуйа дьаарбаҥкатыгар кыттабыт, ыарыы туһунан «памяткалары» түҥэтэбит.

Эйигин ыарыһахтар чугас дьонноро үлэтигэр бэриниилээх, олус кыһамньылаах, ирдэбиллээх, үөһэттэн айдарыылаах үрүҥ халааттаах аанньал, санаабытын олоххо киллэрэр, тэрийэр-салайар ураты дьоҕурдаах, ис иһиттэн мындыр, булгуруйбат дьулуурдаах диэн этэллэрин истэбин. Ыарыһах чугас дьонун кытары сыһыан эмиэ ураты буоллаҕа.

— Биһиги балыыһабытыгар киирбит ыарыһахтар чугас дьоннорун кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэбит, балыыһаттан тахсалларыгар сиһилии суруйбут кумааҕыбытын дьонноругар уонна учаастактааҕы быраастарыгар биэрэбит итиэннэ салгыы хайдах эмтэнэллэрин, ыарыһаҕы хайдах көрүөхтээхтэрин-истиэхтээхтэрин быһаарабыт. Биһиэхэ сүүрбэччэ күн сытан баран, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ салгыы эмтэниэхтээх. Ордук хааннарын баттааһына уларыйыылаах, саахарнай диабеттаах ыарыһахтар олохторун тухары эмп иһэллэр. Урут биһиэхэ ОРБИ (уопсастыба родственников больных инсультом) диэн оскуола баара. Ыарыһахтарбытын балыыһаттан тахсыбыттарын да кэннэ, ыҥыран ылан көрөр этибит. Аймахтара куруук билсэ тураллара, реабилитациялыыр кииҥҥэ миэстэ тахсарын ыйытан эрийэллэрэ, чугастык сибээстэһэр этибит. Билигин ол кыратык уустугурда. Улуустарга барбыт ыарыһахтар «сүтэн» хаалаллар, иккистээн кэлбэттэр.

Инсульт бастакы миэстэҕэ турар. Тоҕо?

Саха сиригэр сүрэх-тымыр, инсульт уонна инфаркт ыарыылаахтарга медицинскэй көмөнү оҥорууга аналлаах икки күннээх научнай-практическай конференцияҕа инсуллаабыт дьону чөлүгэр түһэрии үлэтэ санаа хоту буолбатаҕын тоһоҕолоон туран, реабилитациялыыр киини туруорсубуккут.

– Инсуллаабыт киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр реабилитациялыыр киин баар буоларын конференция резолюциятыгар киллэрдибит. Маннык улахан ыарыыны биирдэ эмтээт, хайдах үтүөрдүөҥүй? Биһиги курдук тымныы сиргэ инсуллаабыт киһи доруобуйатын физкультуранан бөҕөргөтөр диспансерга барар кыаҕа суох, ол иһин реабилитациялыыр кииннэр, санаторийдар баар буолуохтарын баҕарабыт. Эмтэнии кэнниттэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ күүскэ дьарыктаммыт дьон атахтарыгар туран үтүөрэн тахсарын көрөбүт ээ. Кинилэр биһигиттэн тахсан баран, өрөспүүбүлүкэ 3 №-дээх балыыһатыгар (10 куойкаҕа) уонна инбэлииттэргэ аналлаах реабилитациялыыр кииҥҥэ киириилэрэ элбэх сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр. Ыарыһах көрөр-истэр чугас дьоно суох буоллаҕына, умнууга хааларыгар тиийэр.

Сүрэх-тымыр регионнааҕы киинэ биһиэхэ аһылларыгар Москваттан хамыыһыйа иккитэ кэлэн бэрэбиэркэлээбитэ. Хамыыһыйа көҥүлүнэн эрэ аһыллыбыта. Регионнарга Сүрэх-тымыр киинин аһарга сөптөөх усулуобуйа, үлэһиттэр таһымнара ирдэбилгэ эппиэттиир буолуохтаахтар. Оттон биһиэхэ неврология отделениета эрдэ аһыллыбыт буолан, инсуллаах дьону эмтиир үөрүйэхтээхпит.

Биһиги быраастарбыт, чуолаан, невропатологтар инсульт институтугар уонна федеральнай медицинскэй-биологическай агентствоҕа (ФМБА) баран үөрэнэллэр. Биһигини кытары куруук үлэлэһэр атын регионнар невропатологтарын конференциябытыгар ыҥырабыт, кинилэр биһигини саҥаттан-саҥа технологияларга үөрэтэллэр. Онон, инсулу эмтээһин аан дойдутааҕы стандартыгар чугаһаатыбыт диэххэ сөп.

Статистика көрдөрөрүнэн, ыалдьыбыт дьон 25 бырыһыана эрэ урукку олоҕор төннөр. «Мин аптааҕым эбитэ буоллар» диэтэххэ, биһиэхэ ыарыһаҕы эмтииргэ ханнык «өлбөт мэҥэ уута» итэҕэһий?

– Тымырга хаан бөлөнөҕө мустарыгар «Актилизе» диэн анал эмп баарын конгресска сылдьан истибиппит. Бу эмп 3 чаас иһигэр ыарыһахха киллэрилиннэҕинэ, хаан бөлөнөҕө бүтүннүү суураллар. Оччоҕо ыарыһах илиитэ-атаҕа хамсаабытынан барар. Итинник эми урут Америкаҕа эрэ туһанар буоллахтарына, билигин атын регионнарга да туттар буоллулар. Биһиэхэ Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыаҕыттан туттар буоллубут, номнуо хас да киһини эмтээтибит. Урут тымыр быстыытыгар эпэрээссийэҕэ Н.Бурденко аатынан нейрохирургия институтугар ыытар этибит, кэнники Медицина национальнай киинигэр нейрохирурдарбыт бэйэлэрэ оҥороллор.

Каадырынан хааччыллыыгыт хайдаҕый?

— Эмчит үөрэҕин бүтэрбит сорох ыччаттар чааһынай балыыһаларга, поликлиникаларга арыый да холку үлэҕэ сылдьаллар. Кинилэр чаастаах үлэлэрэ бүтэн, ааннарын саптылар да, тахсан бараллар буо. Оттон биһиэхэ күнү-түүнү билиммэккэ үлэлиэххэ наада. Онон биһиэхэ үлэлии кэлэр быраастары сөҕөбүт даҕаны, үөрэбит даҕаны. Маннык ыарахан үлэни кыайыам, ыарыһахха тугунан эмэ көмөлөһүөм диэн бигэ санаалаах уонна эмчит эппиэтинэһин үчүгэйдик билэр дьон үлэлии кэлэр. Бу сылларга талааннаах быраастар кэллилэр. Аан бастаан Екатерина Ермолаева үлэлээбитэ. Тымыр ыарыытынан Мефодий Коротов, Агния Игнатьева буоламмыт дьарыктанар этибит. Кэнники эдэр быраастар Саргылаана Чугунова, Наталья Чупрова, Любовь Третьякова, Михаил Винокуров, Яна Мотовилова, Анна Федотова уо.д.а. кэлбиттэрэ. Ыарахан үлэҕэ эриллибит талааннаах быраастарбыт Мария Ильина, Ржена Тырышкина, Ольга Кобылина реанимацияҕа үлэлииллэр. Кинилэр бары, бастатан туран, олус кыһамньылаахтар, куруук билиилэрин хаҥатан эбии үөрэнэллэр. Биллэн турар, кинилэргэ улахан көмөнү научнай сала­йааччы оҥорор. Кафедрата, науката суох ырааппаккын, саҥаны да киллэрбэккин. Онон кафедра сэбиэдиссэйэ, наука доктора, профессор Татьяна Яковлевна Николаева кафедрабытын, научнай үлэбитин, туох баар саҥа нымалары киллэриибитин, конференцияларга кыттыыбытын салайар. Урут ыарыһах историятын барытын илиинэн суруйар этибит, сотору «электроннай историяҕа» көһүөхпүт, ону эдэр быраастар баһылыахтара. Саҥа кэлбит быраастары инсулу эмтииргэ үөрэтэр куурустарга ыытыахпыт. Онон нус-хас санаалаах сынньаныахха сөп буолла дии саныыбын. Оҕолорбун, сиэннэрбин көрүөхпүн баҕарабын.

Сиэн абылаҥа абырыыр

Земфира Макаровна, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Кэргэним Виктор Клавдиевич Маршинцев – геолого-минералогическай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын академига. Улахан уолбут Алексей кэргэнинээн иккиэн экономистар, хас да үрдүк үөрэхтээхтэр. Кыра уолбут Андрей – оҕо нейрохирура, аспирантураны бүтэрбитэ. Аан дойдуга биллибит оҕо бырааһа, профессор Леонид Рошаль салайааччылаах Оҕо нейрохирургиятын анал институтугар (саҥа аһыллыбыта) быраактыкатын барбыта. Быраактыката бүппүтүн кэннэ салайааччыта ити институкка үлэлии хааларыгар ыҥырбыта.

Икки уол сиэммит алтыс, ахсыс кылаастарга үөрэнэллэр, сиэн кыыспыт оҕо саадыгар сылдьар. Сынньалаҥҥа баран, кинилэргэ көмөлөһүө этибит буоллаҕа. Кыра сиэммитин күн аайы оҕо саадыттан ылабыт. Минньигэһэ диибин диэн. «Үлэбиттэн уурайар кэмим кэллэ» диэтэхпинэ, элбэх киһи мунчаарбыттыы ыйытар. Киһи үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, атынынан эмиэ дьарыгырыахтаах буоллаҕа.

— Земфира Макаровна, түбүктээх үлэттэн быыс булан бириэмэ анаабыккар махтал! 

(Элбэх киһи махталын ыла сылдьар, ытыктыыр киһибит Земфира Макаровна Кузьмина бүгүн  75 сааһын туолла).

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

(05.04.2012 “Саха сирэ» хаһыакка анаан ылыллыбыт интервью)

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0