«ZEMA» актыбыыстара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Ааптар:  Диана Антонова
19.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыскалар Виолетта Алексеева  тус архыыбыттан.

2006 сылтан саҕалаан ыччат лиидэрдэрин көҕүлээһиннэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улуустар тэрилтэлэрин  «ZEMA» түмсүүтэ үлэтин саҕалаабыта. Түмсүү сүрүн соругунан ыччаты сомоҕолооһун уонна көхтөөх олоххо тардыы, патриотическай тыыны, төрөөбүт дойдуга тапталы сайыннарыы буолар. Хас биирдии улуус бэйэтэ организациялаах. Уопсайа 22 улуус уонна 10 үөрэх тэрилтэтэ баар.

«ZEMA» чилиэттэрэ улуустары кэрийэн добровольнай үлэни, көмөнү оҥороллор. Ол иитинэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр. Билигин Нам, Чурапчы, Уус Алдан, Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Томпо уонна да атын улуустар нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьаллар. Актыбыыстар муус таһаллар, тиэргэн хомуйаллар, пааматынньыктары ыраастыыллар — элбэх туһалаах үлэни оҥороллор. Бу курдук Нам улууһугар саҥа спортивнай комплекс аһыллыытыгар кыргыттар муоста сууйан, уолаттар уулуссаны, пааматынньыгы ыраастаан, мал таһан кыттыыны ыллылар. Бу үлэни таһынан ыччат бэйэтэ көҕүлээн  “Боотурдар оонньуулара” күрэхтэһиини оҥорбута, аны ыам ыйыгар  “Олоҥхо дойдута” тэрээһин ыытыллыаҕа.

Ульмира Сидорова, Дьокуускайдааҕы промышленнай тиэхиньикум устудьуона, «ZEMA» актыбыыһа кэпсиир:

— Мин бу түмсүү туһунан 2023 сыллаахха истибитим. Үөһээ бүлүүлэр «ZEMA-лара» «Урааннар» лааҕырга ыҥырбыттара. Ону олус интэриэһиргээбитим, бириэмэбин умнуллубаттык атаарбытым, сөбүлээбитим. Билигин үөрэхпэр түмсүүбүт салаатын арыйа сылдьабыт, онно салйааччылыыбын. Оҕолору кытта биир түмсүү буолан, биир кэккэҕэ, биир эйгэҕэ киирэн тэрээһиннэргэ сылдьабыт, бэйэбит ыытабыт. Бу курдук, ый аайы эко-аахсыйа оҥоробут, пааматынньыктары ыраастыыбыт, ардыгар кырдьаҕастар дьиэлэригэр кэнсиэр көрдөрөбүт. Биһиги дьоҥҥо үтүөнү оҥороору олус кыһаллабыт, барытын ис сүрэхпититтэн оҥоробут. Салайааччыбыт Алгыстаан Софронов барыбытын бииргэ түмэр, үтүө эйгэҕэ барыбытын тардар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0