“Здравосмотр” ааксыйаҕа 51 тыһыынча киһи сырытта

28.08.2019
Бөлөххө киир:

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтии дьоһун суолталаах боппуруоһунан буолар.

edersaas.ru


Ыарыыны эрдэттэн сэрэтии

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова:
Соругу толорорго медицина аныгы структуратын оҥорорго үлэни салгыыр сорук турар. Бу, бастатан туран, искэни эмтиир уонна кардиология диспансердарыгар сыһыаннаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу анал медицинскэй кииннэри үлэҕэ киллэрии сүрэх-тымыр уонна искэн ыарыыларын эрдэ булуу үлэтин тупсарыаҕа.
Соторутааҕыта биһиэхэ Арассыыйа сүрүн онколога кэлэ сырытта. Кини онкология балыыһаларын көрөн астынна. Онкология киинэ аһыллыар диэри үчүгэй усулуобуйаҕа эмтэнэллэрин көрөн хайҕаата, салалтаҕа махтанна.
ЭКО-ну туһанарга кыахпыт эмиэ үрдүүр. 2016 сылтан ЭКО ньыматынан төрөөбүт оҕо ахсаана элбии турар.

Чахчылар:

— Нэһилиэнньэ 46 бырыһыана эмтэнии хаачыстыбатыттан астынар;
-5,4 промилеҕа диэри уу кыһыл оҕо өлүүтэ аҕыйаата;
-1,5 миллиард суумалаах эмп сыл аайы аҕалыллар;
-7 800 солкуобай – эминэн хааччыллыыга биир киһи сыллааҕы нуормата;
-Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак
-51 000 киһи – “Здравосмотр” ааксыйаҕа сырытта.

-60 000 киһи «Онкопоиск» ааксыйаҕа кытынна.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0