Ханнык баҕарар массыына хаһаайына хайдах көрөрүттэн-истэриттэн улахан тутулуктаах.
Виссарион Балбахов 25 сыллааҕыта ылбыт илиинэн салайыллар ЗАЗ-968М массыыната билигин да миинэр көлөтө, эрэллээх доҕоро буола сылдьар. 1992 с. Саха сирин социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ III группалаах инбэлииккэ биэрбит массыынатын харыстабыллаахтык илдьэ сылдьарын иһин, суоппарга туһааннаах министиэристибэлэр (ГАИ-ны сэргэ) үрдүк сыанабылы биэрдилэр.
Ол курдук, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр Виссарион Дмитриевичкэ СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ «СӨ массыына тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ» түөскэ кэтэр бэлиэни туттарда, онтон Үлэ министиэристибэтэ «Харысхал» ымыыны бэлэх уунна. Миниистир Александр Михеев санаатын хаһан да түһэрбэт, куруук үөрэ-көтө сылдьар, үтүө үлэһит Виссарион Балбаховка чөл олоҕу тарҕатарын, туохха барытыгар эппиэтинэстээх буоларга уонна суол быраабылатын тутуһарга эдэр ыччакка үтүө холобуру көрдөрөрүн иһин махтанна.
«Суолга-иискэ суол быраабылатын тутуһуохха уонна суоппардары, сатыы дьону убаастыахха наада. Запорожеһым олус абыраллаах уонна талымаһа суох. Массыынабын биэстэ күрэтэ сатаабыттара, түннүктэрин тааһын алдьаппыттара, аанын, сиэркилэтин, инники кириэһилэтин устубуттара. Билигин саппаас чаастары булар уустук. Ол гынан баран, санаабын түһэрбэппин, бэйэм идэбинэн мэхээник-инженер буоллаҕым», – диэн массыынаны ыытарга 37 сыл ыстаастаах уонна дьиктитэ диэн, от ыйын 3 күнүгэр, ГАИ (ГИБДД) тэриллибит күнүгэр күн сирин көрбүт суоппар санаатын түһэрбэт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru