Психологка «псих» эрэ тиийэр дии саныыллар дьон. Оттон соҕуруу сайдыылаах дойдуларга уйулҕаһыты быраас курдук ылыналлар. Үөһээ ыйыллыбытын курдук, ордук биһиги дойдубутугар анал үөрэхтээх исписэлиискэ аҕыйах киһи тиийэр эбит. Ол биһиги уопсастыбабытыгар сыыһа дойҕохтор баалларыттан тахсар дии саныыбын. Бу туһунан, Дьокуускай куорат үс уйулҕаһытыттан санааларын ыйыталастым.
“Санаа” психологическай киин салайааччыта Виктория Иванова дойҕохтору ырытта.
Бастакы дойҕох.
Уйулҕаһыкка барбыт киһи – мөлтөх киһи
— Арассыыйаҕа уйулҕаһыкка сылдьар култуура кэлэ илик. Соҕуруу дойдуга киһи дууһатыгар, толкуйугар болҕомто уурбуттара ыраатта. Биһиэхэ, бастатан туран, уопсастыба маҥнайгы кыһалҕалара толору быһаарылла иликтэр: дьиэ, ас, үлэ. Ол эрээри, дууһа кыланыыта барыбытын таарыйар буоллаҕа дии, дойдутуттан, олох олоруу хаачыстыбатыттан тутулуга суох.
Тоҕо эрэ ордук Арассыыйаҕа уол оҕону «ытаама, эр киһи ытаабат» диэн күүстээх иэйиилэрин, эмоциятын тутарга үөрэтэбит. Дьиҥэ, эр дьон дьахталлардааҕар уйан дууһалаахтар. Ол эрээри, уопсастыба иитиитэ атын буолан, дьахталлар иэйиилэрин, туруктарын өссө таһаарыахтарын сөп буоллаҕына, эр дьон наар туттуна сылдьаллар, мөлтөх киһи аатырымаары, кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһаара сатыыллар. Ол эрээри, кыһалҕаны хаачыстыбалаахтык быһаарарга туораттан көмө, анал ньымалар быдан көдьүүстээхтэр, — диэн Виктория этэр.
Иккис дойҕох.
Доруобай уйулҕалаах киһиэхэ психолог наадата суох.
— Уйулҕаһыт кэпсэтии нөҥүө кыһалҕаны быһаарар. Онно араас ньымалары туттуохпутун сөп. Психотерапевт кэпсэтиини таһынан, наада буоллаҕына, эмп-томп суруйан биэриэн сөп. Психиатр ыарахан ыарыылаах дьону кытта үлэлэһэр, эминэн-томунан эмтиир. Оттон психологка олох очурдарыгар түбэспит, доруобай уйулҕалаах киһи кэлэр.
Ханнык эрэ ыйытыы наһаа өр кэмҥэ эйигин буулуур, утутар уугун көтүтэр, тууйуллууга киллэрэр буоллаҕына, исписэлииһи кытары быһаарар ордук. Төһө түргэнник кыһалҕа быһаарыллара киһититтэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Сорох дьон бастакы кэпсэтии кэнниттэн харахтан сыыһы ылбыт курдук, чэпчээбиккэ дылы буола түһэллэр. Сорохтор сылы сыллаан да сылдьаллар.
Үһүс дойҕох.
Психологка үрдүк сололоох дьон сылдьар.
— Үөһээ эппитим курдук, дойдутуттан, норуотуттан, ханна тугу үлэлиириттэн тутулуга суох, киһи толкуйдуур өйдөөх, ылынар дууһалаах буоллаҕына, уйулҕаһыт көмөтүгэр наадыйар. Сорох сайдыылаах дойдуларга, холобур, Англияҕа мэдиссиинискэй полиһынан бырааска көрдөрөр курдук психологка көрдөрөллөр. Биһиэхэ босхо үлэлиир төлөпүөннэр, көмө кииннэр бааллар. Сотору кэминэн, биһиги да поликлиникаларбыт иһинэн үлэлиир психологическай кэбиниэттэр баар буолаллар ини.
«Төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрэ психологка аҕалар буоллулар» диэн Раиса Голикова, «Уучукучук» уһуйаан уйулҕаһыта этэр:
— Мин уйулҕаһытынан 2002 сылтан үлэлиибин. Кэлиҥҥи кэмнэргэ биһиги идэбитигэр сыһыан уларыйда. Ордук бүтэһик сылларга. Урут оскуолаҕа уһуйааҥҥа төрөппүтү психолог кэбиниэтигэр ыҥырдахха, «бай, оҕом тугу гынна? Туох буоллай?» дииллэр этэ. Билигин ордук эдэр төрөппүттэр, ону ааһан, эбээлэр-эһээлэр, биһиэхэ бэйэлэрэ кэлэллэр. Онно кыһалҕалаах эрэ оҕолор төрөппүттэрэ буолбакка, сэрэтии үлэтигэр, оҕо уопсай сайдыытыгар билиилэрин хаҥатан, санаа атастаһан бараллар.
Төрөппүттэр оҕолорун туруктарын кыра эрдэхтэриттэн кэтииллэрэ үчүгэй дии саныыбын. Кыһалҕаны төһөнөн эрдэ билэҕин да, соччонон быһаарарга түргэн.
«Барыта оҕо саастан саҕаланар»
Татьяна Сабарайкина, уйулҕаһыт, «Инсайт» уйулҕа киинин дириэктэрэ (Дьокуускай), «Иматон» Практическай психология институтун преподавателэ (Санкт-Петербург):
— Психолог уонна психотерапевт үөрэнэллэринэн уонна үлэлиир ньымаларынан араастаһаллар. Психолог үрдүк үөрэҕи психологическай наука биир салаатыгар ылар. Холобура, оскуолаҕа оҕолору кытта үлэлэһэр исписэлиис педагог-психолог идэтин ылар, социальнай уйулҕаһыт улахан дьону кытта үлэлиир. Оттон килиниичэскэй психолог ыараханнык ыалдьыбыт дьону кытта үлэлэһэр, эбэтэр эпэрээссийэ иннигэр, кэннигэр кэпсэтиини ыытыан сөп. Ону таһынан, өссө юридическай, спортивнай, дьиэ кэргэн психологтара бааллар.
Оттон психотерапевт диэн үс сылтан элбэх сыллаах эбии бэлэми ааспыт психолог эбэтэр психиатр бырааһы ааттыыллар. Кини психоанализ, бихевиоризм, гештальт-терапия, экзистенциальнай терапия, когнитивнай терапия, психодрама о.д.а. ньымаларынан туттуон сөп. Үөрэх кэмигэр психотерапевт бэйэтэ уһун кэмнээх психотерапияны ааһар. Бу психолог үлэлиир кэмигэр уо.д.а. кыһалҕалартан, клиенин кыһалҕатын бэйэтигэр иҥэриммэтин туһугар оҥоһуллар үөрэх биир өрүтэ.
Аны хайдах үлэлииллэрин кэпсиэм. Психологка араас кыһалҕалаах уонна олох ыарахаттарыгар түбэспит, доруобай уйулҕалаах киһи кэлэр. Оттон психотерапевт арыый ыарахан соҕус кыһалҕалары кытары үлэлэһэр. Холобура, арыгыттан, наркотиктан уо.д.а. кыһалҕалартан, тутулуктаах дьону «эмтиир». Ону таһынан, доруобуйа айгырааһына, невроз, депрессия, паническай атака, сатаан утуйбат буолуу – бу барыта психотерапевт үлэтэ.
Психотерапия, бастатан туран, кыһалҕаны сөпкө туруорарга, иэйиини, туругу, уларыйыыны өйдүүргэ туһуланар. Психологка бэйэҥ олоххун ырыта, кэпсэтэ эрэ кэлбэккин. Муунтуйбут, санаата тууйуллубут киһиэхэ көннөрү «барыта үчүгэй буолуо» диир туох да туһаны аҕалбат. Астмалаах киһиэхэ олоҕу хайдах олорорго сүбэ эрэ биэрэр табыллыбат. Киһи психологка сүбэ ылаары, маннык түбэлтэҕэ хайдах дьаһанабын, маны хайдах уларытабын диэн сүбэлэттэрээри кэлэр. Онуоха психолог киниэхэ «бүдүмүк санааҕар киириэххэ» диэн этэр. Биир үксүн, ордук бастаан уйулҕаһыкка кэлбит дьон, «ханна, хайыы барабыт?» диэн дьиксинэр. Онтон биһиги сүбэ биэрэрбитигэр, бу кыһалҕа туохтан төрүөттэммитин билиэхпитин наада. Манна эмтээһин саҕаланар. Биир үксүн ханнык баҕарар кыһалҕа киһи кыра сылдьан улахан психологическай эчэйиини ылбытыттан саҕаланар.
Үлэбиттэн холобуру аҕаллахпына маннык. Дьахтар кэргэниттэн арахсаары сылдьар, эр киһитигэр элбэх хом санаалаах. Кини бүдүмүк санаатыттан билбиппит, дьахтар ийэлээх аҕата куруук этиһэллэрин эрэ өйдүүр эбит. Бүтэр уһугар аҕата ийэтин уонна оҕолорун быраҕан барбыт. Кырачаан кыысчаан ийэтигэр тирэх, өйөбүл буолар, онтон ыла эр дьон таҥнарыан сөбүн өйдүүр. Ол сыыйа умнуллар. Кыыс улаатан, бэйэтэ кэргэн тахсар. Ол эрээри, кыра сылдьан тугу көрбүтэ, өйдөөбүтэ барыта бүдүмүк өйүгэр хаалан хаалар. Улаатан да баран, эр дьон кэлэтиэн сөбүн өйүгэр илдьэ сылдьар. Психологы кытары үлэ кэнниттэн, киһи тута чэпчиир. Ол эрээри, өссө туох эрэ этиллибэтэх хаалбыт буоллаҕына, өссө салгыы төрүччүтүн кытары үлэ салҕаныан сөп. Эбээлэр, эһээлэр олохторо биһиэхэ улахан оруоллаах.
Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат.