Инженер Захар Борисов: «Сахалар омуктары кытта биир кэккэҕэ үлэлииллэр»
«Эдэр саас» «Саха ыччатын — бырамыысыланнаска» бырайыакпыт чэрчитинэн бырамыысыланнаска үлэлиир ыччат туһунан тиһигин быспакка суруйабыт. Арассыыйа киин куоратыгар үөрэниэн, инженер идэтин баһылыан, гаас салаатыгар үлэлиэн баҕарар ыччакка туһалаах буоллун диэн, “Сахатранснефтегаз” АХ инженерэ Захар Борисовтыын кэпсэттибит.
— Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, улааппытым. 2007 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин бүтэрэн бараммын, Москваҕа И.М. Губкин аатынан Ньиэп уонна Гаас университетыгар инженер идэтигэр үөрэнэ киирбитим.
— Инженер буолабын диэн хаһан быһаарыммыккыный? Тоҕо бу идэни таллыҥ?
— Лиссиэйгэ үөрэнэ сылдьан математика, физика, черчение уруоктарын сөбүлүүр этим. Үөрэххэ туттарсыам иннинэ ньиэп уонна гаас эйгэтин интэриэһиргиирим, оҥорон таһаарыыга үөрэниэхпин баҕарабын диэн быһаарыммытым. Мантан сиэттэрэн инженер буоларга санаммытым.
Үлэ булар — уустук
— Хайдах үлэ булбуккунуй? Университеты бүтэрэн баран Таалакааҥҥа үлэлээбит диэн истибитим.
— Бастаан утаа үөрэхпин бүтэрэн баран үлэ булунарым уустук этэ. Тэрилтэлэр уопуттаах үлэһиттэри көрдүүллэрэ. “Сахатранснефтегаз” гаас ситимин тириэрдэр-тарҕатар салалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар үлэлээбитим. Ол сыл күһүнүгэр Хоту дойду физико-техническэй проблемалар институттарыгар аспирантураҕа киирбитим. Майаттан сылдьан үөрэхпин ситиһэр уустук буолан, үлэбиттэн уурайан куоракка көспүтүм. “Саханефтегазсбытка” инженеринэн үлэлээбитим. Ол сырыттахпына, “Сургутнефтегазтан” эрийэн Таалакааҥҥа үлэҕэ ыҥырбыттара. Онно бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан быраактыкабын ааспытым, онон үлэ миэстэтэ тахсыбытыгар “манна үлэлии кэл” диэн эрийбиттэрэ. Мин тута сөбүлэспитим, устудьуоннуур сылларбыттан итинник улахан тэрилтэҕэ үлэлиир баҕалааҕым. Таалакааҥҥа эмиэ үлэ харыстабылын инженеринэн баахтанан үлэлээбитим.
— Идэҥ, үлэҥ туһунан кэпсээ.
— “Сахатранснефтегазка” 2014 сыллаахтан үлэлиибин. Гаас сүрүн ситимин көрөр-харайар салалтаҕа үлэ харыстабылын уонна бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун инженеринэн үлэлиибин. Ол аата, быһалыы эттэххэ, үлэҕэ куттал суоһаабатын хонтуруоллуубун. Бэрэбиэркэлиир командировкаларга айанныыбын, оробуочайдартан эксээмэн тутабын, дьаһаллары суруйабын, салалтаҕа үлэ миэстэтин тупсарар этиилэри киллэрэбин о.д.а. Үлэлиир тэрили, усулуобуйаны тэрийдэххэ, үлэһиккэ өйдөтөр инструктаж ыыттахха, табыгастаах таҥаһынан хааччыйдахха, үлэ тупсар, таһаарыылаах буолар дии саныыбын.
— Инженер буоларыҥ быһыытынан тугу эмит айар, оҥорор баҕалааххын дуо?
— Программированиены үөрэтэн, бырайыак айан, оҥорон таһаарыыга туттуллар саҥа тэрили толкуйдуохпун баҕарабын. Ол курдук, 2014 сыллаахха “Саханефтегазсбыты” кытта бензиҥҥэ аналлааах полиэтилен кэниистирэ оҥорон таһаарарга үлэлэспитим. Оччолорго аспирант этим, лабораторияҕа полиэтилеҥҥа углерод эбэн уопут оҥорор этим. Табыгастаах састаабын быһаарбытым. Үлэбит түмүгүнэн патент ылбыппыт, кэниистирэлэр атыыга тахсыбыттара, билигин дьон тутта сылдьар.
Сахалар омуктары кытта биир кэккэҕэ үлэлииллэр
— Бырамыысыланнаска сахалар сыстыбаттар диэн өйдөбүл баар. Маны туох дии саныыгын?
— Бу өйдөбүл сэбиэскэй кэмтэн баар. Ол саҕана манна бүтүн Сойуустан уопуттаах, номнуо бырамыысыланнаска үлэлээбит дьон баахтанан үлэлии кэлэллэрэ. Билигин Үөрэх министиэристибэтин салаатын нөҥүө саха ыччата техническэй идэлэргэ үөрэннэ, үөрэнэ сылдьар. Бу дьон өйдөрө-санаалара киэҥ, алааспар оттуу-оттуу олоруом диэн толкуйдаабаттара чахчы. Омуктары кытта биир кэккэҕэ сылдьан үлэлииллэр. Өссө биир-икки көлүөнэнэн сахаларга производственниктар, промышленниктар династиялара баар буолуохтара.
— Ыччат бырабыыталыстыбатыгар үлэлиир эбиккин.
— Ыччат бырабыыталыстыбатыгар 2016 сылтан баарбын, уопсай сүүмэрдээһини ааһан киирбитим. Бу иннинэ ыччат каадырын резервэтигэр турбутум, онон ааспытым. Бырабыыталыстыбаҕа бырамыысыланнас кэмитиэтин салайабын, “Мин-Инженербин” холбоһугу кытта үлэлиибин, идэҕэ туһаайар экскурсиялары ыыппыппыт. Маны таһынан, СӨ Олоххо куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр баарбын.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru