Бүлүү куоратын эдэр талаана Заида

Ааптар: 
29.12.2017
Бөлөххө киир:

Тыа сиригэр олорор оҕо ийэ айылҕатын кытта илэ алтыһан, мындыр өбүгэ этиитин иҥэринэн улаатар. edersaas.ru

Биир оннук оҕонон Бүлүүтээҕи гимназия 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Заида Иванова буолар. Кыыс күннээҕи эрэсиими тутуһарын, барытын былаан быһыытынан ситэрэн-хоторон иһэрин бэлиэтии көрдүбүт.

«Сахамедиа» холдинг суруналыыстара Заида Иванова оскуолаҕа, дьиэтигэр, табаарыстарын кытта сылдьар кэмин анаан-минээн кэтээн көрдүбүт.

Кыысчаан алын сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына, кини ураты академическай куолаһын бэлиэтии истэн, муусука учуутала Маргарита Лукина анаан сайыннарбыт. «Заида – айылҕаттан олус талааннаах. Кыра эрдэҕиттэн олус эппиэтинэстээх оҕо. Кини алын сүһүөх кылаастан саҕалаан, художественнай оскуолаҕа үөрэммитэ. Онно эбии хореографиянан дьарыктанара. Академическай вокалга бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан, дьаныһан туран дьарыктанар этэ. Эдэр музыканнарга аналлаах “Саҥа ааттар” диэн куонкуруска баҕалаах буоллун да кыттыбаккын. Онно уһулуччулартан уһулуччуларэрэ талыллаллар. Бу куонкуруска аан бастаан кыттаат, Заида 3-с миэстэҕэ тиксибитэ. Оттон 2015 сыллаахха “Сулустаах чааһа” үүммүтэ – ураты суолталаах куонкуруска бастаабыта. Бу олус тыҥааһыннаах күөн-күрэс этэ. Санаан көрүҥ, тохсус кылааска үөрэнэр оскуола оҕото орто анал үөрэх устуонньуннарын кытта тэҥнээхтэрин курдук бастакы миэстэ иһин киирсибитэ. Заида муусука оскуолатын иллэрээ сыл бүтэрбитэ. Билигин “Үрдэл” диэн ырыа бөлөҕөр дьарыктанар. Бу бөлөх норуоттар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кыттан, үгүстүк лауреаттаабыта», — диэн кэпсиир учуутал.

Муусука оскуолатыгар сылдьан баран, аны кыыспытын уруоктарыгар барда. Геометрияҕа хонтуруолунай буолуохтаах эбит. Заида кылааһыгар киирээт, хомулла охсон, олох атын киһи буола түһээт, суоттаабытынан барда.

— Оо, биһиги Заидабыт сатаабатаҕа диэн суох! Ыллыыр да, үҥкүүлүүр да, уруһуйдуур да, спортсменка даҕаны, олимпиадаларга да бастыаҕа. Дьүөгэбит олус баай интэриэстээх киһи. Киниттэн хайаан да талааннаах инженер тахсыа дии саныыбыт. Политехническай хайысхалаах үөрэххэ киириэн баҕарар, — диэн бииргэ үөрэнэр оҕолоро кэпсииллэр.

Үөрэх кэнниттэн аны дьиэтигэр тиийэн салгыы кэпсэтэбит. Онно ийэтэ Зинаида Нестеровна биһигини үөрэ-көтө көрсүбүтэ.

— 2015 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Саҥа ааттар” диэн куонкуруска кыттыбытым. Ол бастакы улахан кыайыым – олоҕум саамай бэлиэ түгэнэ этэ. Сүрүннээн романстары толорорбун ордоробун. Иллэҥ кэммэр уруһуйдуубун, — диэн кэпсиир Заида.

Кыыс бэйэтин билиһиннэрэ олорон уруһуйдарын, хоһооннорун уонна эсселэрин көрдөрөр. Александр Пушкин уонна Пегас акка олорсон, ырай олоҕор тиийэн сылдьыбытын тустарынан кыыс өссө 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут. Оттон “Хомус дьүрүһүйэр тыллара – оҕо сааһым үҥкүүтэ, ыраас халлаан салгына, сырдык күлүм мичээрэ” диэн тыллардаах хоһоону 4-с кылааска суруйбута бэлиэтэммит.

— Мин оҕом бэйэлэрин саастыылаахтарыттан туох да атына суох. Аныгы оҕо барыны бары интэриэһиргиир. Оҕо дьоҕурун кыра сааһыттан таба көрөн сайыннардахха, үгүһү ситиһиэн сөп дии саныыбын. Этэргэ дылы, бастакы укулаатын ууруохха наада. Кыыһым академичекай куолаһын аҕатыттан утумнаабыта буолуо дии саныыбын. Аҕата ыллыыр, оһуокайдыыр этэ. Куукунаҕа Заида уруһуйун ыйаан туруорабын. Оҕом наһаа асчыт. Өрүү туох эрэ интэриэһинэй бүлүүдэни толкуйдаан астаабыт буолар. Былырыын Саҥа дьылга балтынаан миигин анаан сынньатан тураллар. Бырааһынньык остуолугар ас арааһын бэлэмнээн соһуппуттара, — диэн ийэ кэпсэтиибитигэр кыттыһар.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0