Сахабыт сирин биир саамай кырдьаҕас үөрэҕин кыһата, уруккута аатырбыт “Культпросвет” — Култуурунай-сырдатар училище, билиҥҥитэ Саха сиринээҕи Култуура уонна искусство колледжа быйыл тохсунньуга 80 сааһын туолла. Биһиги колледж дириэктэрэ Захар Никитинниин 2014 сыллаахха саҥа тутуллан киирбит Култуура уонна искусство колледжын мааны таас дьиэтин көрөбүт. Даа, Киров уулуссатыгар турар икки этээстээх эргэ мас дьиэҕэ холоотоххо, бу — дыбарыас! Ол гынан баран, ол мас дьиэттэн үгүс-элбэх чаҕылхай каадыр тахсыбыта. Оттон бу дыбарыас усулуобуйата, биллэн турар, ордук – эрэпэтииссийэлэнэр, үҥкүүлүүр, ыллыыр анал киэҥ-куоҥ саалалардаах, элбэх аудиториялаах, сырдык-ыраас фойелардаах, устудьуоннар аһыылларыгар бэртээхэй остолобуойдаах.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Үөрэх кыһатын ситиһиитэ үгүс. Оттон бу олох саҥа кыайыы – 2016 сыл түмүгүнэн Саха сиринээҕи Култуура уонна искусство колледжа “Образовательная организация ХХI века. ЛИГА ЛИДЕРОВ-2016” Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска лауреат үрдүк аатын ылла. Үбүлүөйдэригэр бэлэмнэнэн, үөрэх кыһатын кылаастара, фойелара, кирилиэстэригэр-көрүдүөрдэригэр тиийэ билигин киэргэтиллэн-тупсарыллан аҕай тураллар.
— Захар Николаевич, үбүлүөйдээх сылгытыгар, бу күннэргэ эһиэхэ өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан араас сыллардааҕы выпускниктаргыт, аҕа көлүөнэ биир идэлээхтэргит кэлэ тураллар. Дьэ, ыалдьыттаргытыгар тугу киэн тутта кэпсиигит-ипсиигит?
— Биһигир колледжпыт баай, дириҥ историялаах. Аан бастаан, олох ирдэбилинэн, 1937 сыллаахха, тохсунньу 19 күнүгэр Дьокуускайга икки сыллаах култуурунай-сырдатар оскуола аһыллыбыта. Ол сыллартан ыла, ырыаҕа-тойукка, үҥкүүгэ, саха култууратын төрүт үгэстэрин сөргүтүүгэ уонна аан дойду таһымыгар таһаарыыга улахан өҥөлөөхпүт диэн сыаналыыбыт. Тохсунньу 19 күнүгэр, үөрэппит оҕолорбутун, үлэлээн ааспыт үтүө дьоммутун, биир идэлээхтэрбитин ыҥыран, үбүлүөйбүтүн бэлиэтээтибит. Аны саас кулун тутарга-муус устарга, тугу ситиспиппитин нэһилиэнньэҕэ отчуоттуохпут, улахан айар кэнсиэри тэрийиэхпит. Үбүлүөйдээх кинигэбит тахсыаҕа.
Мин 2012 сылтан манна дириэктэрдиибин. Иван Дмитриевич Степанов, Анатолий Иванович Васильев, Гавриил Григорьевич Софронов, Аграфена Дмитриевна Макарова, о.д.а. курдук, араас сылларга таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбит уһуйааччыларбыт, талааннаах дириэктэрдэрбит тэлбит суолларынан, үтүө үгэстэри тутуһан, салгыы сайыннаран, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Оттон үөрэнээччилэрбит билигин Саха сирин араас улуустарынан үбүлүөйдээх гастролларга бараары, бэлэмнэнии, эрэпэтииссийэ үгэнэ.
Чуолаан тыа сирин сайыннарар, олоҕун, култууратын өрө тардар аналлаах каадырдары бэлэмниирбитинэн биһиги киэн туттабыт. Ааспыт үйэ 30-с сылларыттан саҕалаан, культпросветы бүтэрбит саха ыччата тыа сирдэригэр, ким да хаһан да тиийбэтэх ыраах хотугу улуустар түгэх нэһилиэктэригэр тиийтэлээн, бастакы “Ааҕар балаҕаннары”, “Кыһыл муннуктары”, кулууптары тэрийтэлээн, саха дьонун хараҕын аспыттара, олоҕун сырдаппыттара, сэргэхсиппиттэрэ, кэрэҕэ угуйбуттара. Бу үтүө үгэс салҕанар.
Бүгүн биһиги күнүскү үөрэххэ 280 устудьуоннаахпыт. 70 преподаватель үөрэтэр. Оттон кэтэхтэн үөрэххэ, сүнньүнэн, хайыы-үйэҕэ култуураҕа үлэлии сылдьар 160 киһи үөрэнэр.
— Сорох дьоҥҥо, биһиги өрөспүүбүлүкэбит олус элбэх култуура исписэлииһин бэлэмниир, кинилэр бары үлэнэн хааччыллаллара буолуо дуо, диэн ыйытыы-санаа олохсуйбут…
— Биһиги үөрэхпит кыһатын сыл аайы 40-ча,50-ча оҕо бүтэрэр, ити өссө аҕыйах диибит. Тоҕо диэтэххэ, саас аайы улуустартан уопсайа 170-200-чэҕэ чугаһыыр сайаапка киирэр. Онон, биһиги выпускниктарбытын былдьаһыгынан ылаллар. Нэһилиэктэр биһиги каадырдарбытын чахчы үөрэ-көтө ылаллар, ол олорор дьиэнэн хааччыйалларыгар эмиэ көстөр. Биллэрин курдук, тыа сирин кулууба аҕыйах үлэһиттээх буолар. Онон, биһиги бары өттүнэн дэгиттэр – толорооччу, туруорааччы, уһуйааччы эрэ буолбакка, устудьуоннарбытыгар тэрийэр, салайар дьоҕурдарын сайыннарыыга улахан болҕомтобутун уурабыт.
Россиятааҕы «Worldskills» чемпионат кыайыылааҕа, колледж фотовидео айымньы 4-с кууруһун устудьуона Денис Петров.
— Эһиги тохсус кылаас кэнниттэн үөрэххэ ылар буолбуккут. Ити, тустаахтарга олус наадалаах да, эһиэхэ эбии түбүк, эбии үлэ, эппиэтинэс буоллаҕа? Этэргэ дылы, оскуола оҕолоро кэлэр буоллахтара…
— Үөрэх саҥа сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, урут биһиэхэ 11-с эрэ кылаас кэнниттэн туттарсар эбит буоллахтарына, билигин 9-һу бүтэрбиттэри эмиэ ылабыт.
БКЭ — Биир кэлим эксээмэн түмүгэ ирдэммэт. Биһиги бэйэбит туспа анал бырагыраамалаахпыт. Онно олоҕуран, талааннаах оҕолору талан ылабыт. Тохсус кэнниттэн 4 сыл, уон биирис кэнниттэн 3 сыл, оттон техник идэтигэр 2 сыл үөрэнэллэр.
Оннук, оскуола оҕолоро биһиэхэ кэлэллэр. Ити бэйэтэ туспа проблемалардаах. Тохсус кэнниттэн ылар буолуохпутуттан, өрөспүүбүлүкэбитигэр оскуола баазата биллэрдик мөлтөөбүт диэн түмүккэ кэллибит.
Олох литератураны аахпатах оҕолор, олус грамотнайа суох оҕолор кэлэллэр. Оннооҕор, Суорун Омоллоон диэн кимий, диэччилэр бааллар… Сыл аайы, гуманитарнай биридимиэттэргэ мөлтөөһүн бара турар диэн аһаҕастык бэлиэтиибин. БКЭ-тэн куотан кэлбиттэр диэхпин баҕарбаппын эрээри, уопсайынан билиини биэрии мөлтөөбүт эбит.
Мин санаабар, биһиги, орто үөрэх кыһалара, өрөспүүбүлүкэ уопсай үөрэхтээһинин таһымын билэ-көрө олорор индикатор курдукпут.
Онон, оскуолаҕа, ордук саха, нуучча тылын, литературатын уонна история учууталлара, бу улахан проблемаҕа болҕомтолорун күүһүрдэллэрин эрэйэбит.
Сахалыы да, нууччалыы да мөлтөхтүк саҥарар-иҥэрэр оҕолор бааллар. Мин устудьуоннарбар режиссер быһыытынан испэктээкил туруорар буоламмын, дьэҥкэтик билэбин. Тыл суолтатын билбэттэр. Сахабыт тыла отой сүтэн иһэр, элбэх тыл умнуллар, саҥа, ыччат туттар тыллара киирэн иһэллэр… Онон, бастакы сылга саха тылын, литературатын, нуучча тылын, литературатын, вариативнай чаас быһыытынан киллэрэн, барытын хаттаан үөрэтэбит. Кыаллыбат да үгүс эрээри, биһиги преподавателлэрбит уопуттаах, үксүлэрэ бэйэбит колледжпыт выпускниктара буоланнар, олус кыһаллаллар, оҕолорго тиийимтиэтик үөрэтэргэ дьулуһаллар.
Холобур, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Николаевна Федорова оҕолору сценическэй саҥаҕа үөрэтэр бэйэтэ методикалаах. Үрдүкү куурустарга тахсалларын саҕана сахалыы, нууччалыы хоһоон ааҕар устудьуоннарбыт ситиһиилэрэ үгүс.
— Атын үөрэх кыһаларыттан өссө туох уратылааххытый?
— Уратыбыт — биһиэхэ элбэх лаборатория баар. Аан дойду араас норуоттарын үҥкүүлэрин барытын көрдөрөр “Өркөн” үҥкүү, “Ырыа Куо” кыргыттар уонна “Толомон” уолаттар ырыа ансаамбыллардаахпыт. Бэйэбит хордаахпыт. “Этюд” театральнай-эстраднай миниатюралары көрдөрөр лабораториялаахпыт. “Эйгэ” диэн сиэр-туом, “Күн Өркөн” ыччат тыйаатырдаахпыт. Сыл аайы бастыҥ выпускниктарбытыгар, атыттарга холобур буоллуннар диэн, “Күн Өркөн” бириэмийэни туттарабыт.
Итиэннэ биир сүрүн уратыбыт – практикаҕа улахан болҕомто уурабыт. Бу оҕо тэрийээччи буолуон сөп, бу оҕо айар үлэҕэ аналлаах диэн, эрдэттэн кэтээн көрөн, салгыы сайдарыгар сүбэ-ама биэрэбит.
Сотору үөрэхпитигэр “4+” диэн ыстандаарт киириэхтээх. Үлэһити үөрэтэн таһаарыыга олохтоох регион бэйэтин усулуобуйата диэн өйдөбүл баар. Биһиги ити өттүгэр научнай үлэ быһыытынан үлэлиибит. Бу саҥа ыстандаартары дьүөрэлээн, хайдах ыччаты үөрэтэн таһаарабытый диэн ыйытыыга хоруй ылаары, научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытаары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Манна Россия араас регионнарыттан култуура колледжтара кыттыахтара.
— Ардыгар, кэнсиэр кэнниттэн, бу “өркөннөр” тоҕо наар атын омуктар үҥкүүлэрин толороллор, саха үҥкүүтүн эрэ сайыннарыыга үлэлиэхтэрин, диэччи күөрэйэн тахсааччы… Итиннэ Эн туох диэҥ этэй?
— Биһиги үөрэхпит араас дойду култууратын, сиэрин-туомун, атын норуоттар үгэстэрин барытын үөрэтэр буоллаҕа. Ону сорох дьон, Саха сиринээҕи колледж чуолаан сахалыы эрэ үөрэтиэхтээх диэн алҕас өйдүүрэ, кырдьык, баар суол. Наар биир эрэ култуураны үөрэтии кэрэгэйэ биллэр. Ирдэбил да турарынан, уонна биһиги федеральнай ыстандаартарга олоҕуран үөрэтэр буоллахпыт, выпускниктарбыт, инникитин култуура үлэһитэ буолар дьон, араас омук култууратын, үҥкүүтүн, ырыатын, сиэрин-туомун, үгэстэрин үчүгэйдик билэн тахсыахтаахтар. Ол иһин биһиги үгүс норуодунай ансаамбылларбыт репертуардарыгар атын араас омук үҥкүүлэрэ да, ырыалара да бааллар. Ону, сорох көрөөччү, тоҕо атын омуктар үҥкүүлэригэр охтоҕутуй, диирэ төрдүттэн сыыһа. Ол эбэтэр, ыччат бэйэтин сахатын үҥкүүтүн уратытын толору билэн баран, атын омук үҥкүүтүн эмиэ хайаан даҕаны билиэхтээх. Холобур бу, тывалар маннык хамсаналлар эбит, бу калмыктар, коряктар, бу монголлор маннык үҥкүүлүүллэр, оттон биһиги сахабыт гиэнэ бу, диэн… Бу барыта киниэхэ инники үлэтигэр наада буолар.
Биһиги “Өркөн” үҥкүү норуодунай ансаамбылбыт тэриллибитэ 27-с сылыгар барда. Билигин СӨ култууратын туйгуна Алена Павлова салайар. Кэлэктиип араас норуоттар үҥкүүлэрин толорон кэллэ. Саамай киэн туттарбыт — “Норуоттар доҕордоһуулара” үҥкүүнү СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Тимофеева туруорбута. Манна, саха үҥкүүтүн кытта дьүөрэлээн, Россия уонна аан дойду норуоттарын үҥкүүлэрэ барыта киирэр. Оҕолор олус сөбүлээн, өрө көтөҕүллэн толороллор, көрөөччү ылынар.
— Саха сиригэр култуура эйгэтигэр 11 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир диибит. Миниистир Владимир Тихонов, саҥа үүммүт сылга улахан болҕомтону каадыры саҥатытыыга, квалификацияны үрдэтиигэ ууруохпут диир. Оччотугар, култуураҕа анал үөрэҕэ суох үлэһит билигин да элбэх дуо?
— Быһа холуйан, 40-ча бырыһыана буолуо… Уопсайынан, култуураҕа каадыр кириисиһэ турбута быданнаата. Биир үксүн, хамнас да кырата бэрт этэ. Сэбиэскэй сойуус ыһыллыаҕыттан, култуура үлэһитин статуһа да түспүт кэмнэрэ бааллара. Уонна, уопсайынан, дьиҥнээх үчүгэй каадыры бэлэмнээн таһаарар судургу дьыала буолбатах. Холобура, бу биһиги, тыа сирин култууратын исписэлиистэринэн хааччыйыынан урут-уруккаттан дьарыктанан кэллэхпит дии. Ону буоллаҕына, хонтуруолунай, бэриллэр сыыппарабат олус кыра. Холобур, сылга күнүскү үөрэххэ — 60, кэтэхтэн – 40 бэриллэр этэ. Быйыл өссө кыччаттылар, 90 буолла. Аны, билиҥҥи ыстандаартарга сөп түбэһиннэрэн, ити үөһээ кэпсэппиппит курдук, оҕону 9-с кылаас кэнниттэн эмиэ ылабыт. Ол аата, биһиэхэ 14-тээх, 15-тээх оҕо киирэр уонна 4 сылынан, 18 сааһыгар үөрэҕин бүтэрэр. Биллэн турар, бука бары кэриэтэ үрдүк үөрэххэ салгыы бараллар. Онон, урут култуура үлэһитин бэлэмнииргэ 3 сыл наада эбит буоллаҕына, билигин бүтүн 8 сыл наада буолла! Бу каадыр хаһан уопутуран олох үчүгэй профессионал, исписэлиис буолара уһаан таҕыстаҕа ити. Уонна, уопсайынан эттэххэ, култуура каадыра маннык буолуохтаах, диэн тургутан көрүү, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар, мин санаабар, үчүгэй иниспиэктэрискэй үлэ суох. Аттестациялааһыны ыытар улуус ыытар, ыыппат улуус – ыыппат. Ол түмүгэр, улахан ирдэбил турбат буолан, биһиэхэ туораттан киирии элбэх. Үлэтэ суох хаалбыт учууталлар, иитээччилэр, бэтэринээрдэр, зоотехниктар даҕаны, бары – кыратык саҥарар-иҥэрэр киһи буолла да – култуураҕа үлэлиэхпин сөп дии саныыр.
Үчүгэйэ диэн, билигин олохтоохтук оҥостон үлэлиир баһылыктар миэстэтигэр, култуура үлэтэ-хамнаһа үчүгэй буоллаҕына мин нэһилиэгим туруга үчүгэй, олоҕо-дьаһаҕа тупсаҕай буолар диэн өйдөөн эрэллэр. Дириҥник хорутан үлэлиир баһылык дьиҥнээх исписэлииһи — култуура үлэһитин сыаналыыр.
— Оннук эрэ буоллун. Захар Николаевич, эһиэхэ үбүлүөйдээх сылгытыгар өссө үгүс ситиһиини, үрдүктэн-үрдүккэ дабайыыны баҕарабын!
— Махтал!
Олоҕун олуктара
1978 с. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Араҥас нэһилиэгин Тарат сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1999 с. Култуура, искусство колледжын бүтэрэн, Майаҕа үлэлии кэлбитэ.
2003 с. Илин Сибиирдээҕи култуура, искусство академиятын бүтэрбитэ.
2003 с. Майатааҕы Народнай тыйаатыр кылаабынай режиссерунан ананар.
2005 с. Араҥас нэһилиэгин баһылыгынан быыбарданар.
2008 с. Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай муниципальнай сулууспа академиятын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
2008-2012 с.с. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениетын начаалынньыга.
2012 сылтан Саха сиринээҕи Култуура уонна искусство колледжын дириэктэрэ.
2013 с. Норуот искусствотын үрдүкү оскуолатын (Санкт-Петербург) аспирана.
2014 с. РФ Култуура уонна искусство үлэһиттэрин айар сойуустарын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ.
Кэргэннээх, уоллаах-кыыс оҕолоох.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru