Муус устар 26 күнүгэр Захар Чукров төрөөбүт күнэ этэ. Баара буоллар, кини 65 сааһын туолуохтааҕа. Саха дьонун-сэргэтин тапталын ылбыт чулуу бөҕөс туһунан Афанасий Алексеев ахтыытын бэчээттиибит.
УЛУУ КОРКИН АЛҔААБЫТА
Саха норуота талааннааҕын, дьоҕурдааҕын чахчы билбитим. Биир оннук талаан, сулус буолан күлүмүрдээн, биһиги харахпыт ортотугар ыраах хотугу Орто Халыматтан Захар Чукров баар буола түспүтэ. Айылҕаттан бэрдэриилээх, тустан кими да тулуппат оҕо баарын туһунан «Урожай» бэрэссэдээтэлэ буолан олороммун истибитим. Истээт, улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркиҥҥа эрийдим. Туох даҕаны сүрдээҕин сэҥээрдэ. «Дьэ бэрт эбит, оройуоннарынан сылдьан талааннаах оҕолору талар дьоннордоохпун, Халымаҕа Постников Константин Сергеевиһи ыытыаҕым», — диэн эттэ.
Ол сыл Захар Чурапчыга кэлбитэ. Кэлээтин кытта аҕыйах хонугунан Дмитрий Петрович эрийдэ. «Дьэ, Афанасий Егорович, аһара кыанар, чахчы баардаах үчүгэй ыччат эбит, улахан тустуук, саханы ааттатар киһи буолсу», — диэн сыана быспыта. Оннук да буолбута, бииртэн-биир күрэхтэһиигэ кыайан, аатын дорҕоонноохтук ааттатан испитэ.
Дмитрий Петрович уолаттарын биһиги Арассыыйа «Урожайын» күрэхтэһиитигэр ыытар этибит. Үгүс ыйааһыннарга наар бастыыллар этэ. Онтон Сэбиэскэй Сойуус тыатын сирин күрэхтэһиилэригэр баран эмиэ кыайталаан, саха норуотун аатырдыбыттара. Захар баара-суоҕа 22 сааһыгар 1976-1978 ссылларга ити улахан күрэхтэһиилэргэ бастакы, иккис миэстэлэри ылан, бэйэтин албан аатырдыбыта.
Саха тустуутун өссө сайыннараары үөһээ туруорсан, Бүтүн Сойуустааҕы турниры Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бирииһигэр ыытары олохтообуппут. Онно 1977 сыллаахха кини кими да киһилээбэккэ, бастаабыта. Атын уобаластартан, кыраайдартан балачча үрдүк ааттаах-суоллаах тустууктар кэлитэлээбиттэрэ эрээри, Захар кинилэри илиилээх-атахтаах оҥортооботоҕо. Хас биирдии хапсыһыыга киирэригэр биир дойдулаахтара күүстээх ытыс тыаһынан көрсөллөрө санаатын өссө эбии күүһүрдүбүтэ. Захар Сахатын сиригэр аҕыс төгүл чөмпүйүөннээбитэ даҕаны элбэҕи этэр.
«ҮС СЫЛЫНАН ОЛИМПИЙСКАЙ ЧӨМПҮЙҮӨН ОҤОРОБУН!»
Үйэлээх-сааспар умнуллубат, ааһан-араҕан биэрбэт хомолтобун ахтарбар тиийэбин.
Павел Пинигин олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун кэннэ кинини үрдүк чыпчаалга таһаарбыт аатырбыт улуу тириэньэр Георгий Буракову 1977 сыллаахха махтал бэлиэтигэр Саха сиригэр ыалдьыттата ыҥыран аҕалан биир нэдиэлэ устата төрөөбүт дойдум кэрэ айылҕатын, сирин-уотун көрдөрбүтүм. Чурапчыга да тахса сылдьыбыппыт. Икки улуу тириэньэр сирэй көрсөн олорон бэркэ диэн тапсан кэпсэппиттэрэ, уопуттарын атастаспыттара. Ыраахтан сылдьар ыалдьыт маастар-кылаастары биэртэлээбитэ. Оройуон, өрөспүүбүлүкэ салалталара итиитик-истиҥник көрсүбүттэрэ. Георгий Анатольевич улаханнык астыммыта.
Барыан иннинэ биир киэһэ истиҥ кэпсэтии буолла. Сэһэргэһэ олорон: «Чэ, Афанасий Егорович, биир этиилээхпин – талааннаах саха норуотугар өссө биир үтүөнү оҥоруохпун баҕарабын. Ити Захар Чукров диэн кэскиллээх уол баар эбит, кинини миэхэ Украинаҕа аҕалыҥ. Биир сылынан аан дойду чөмпүйүөнэ, үс сылынан олимпийскай чөмпүйүөн оҥоробун», — диэн баран ылыннарардыы көрсүө, сэмэй бэйэтэ мин диэки мичээрдии-мичээрдии көрүтэлээтэ. Миэхэ ити этиитэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук буолла.
Соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны. Ойон тураммын илиибин биэрдим уонна киһибин кытта куустуһан ыллыбыт. «Чахчы дуо?» — дэтэлээтим. Онуоха: «Хайдах баарынан этэбин, элбэх сиргэ сырыттым, элбэх талааннаах ыччаты көрбүтүм, Захар курдук кыахтаах, күүстээх-уохтаах, дьоҕурдаах оҕону көрө иликпин. Үһүс олимпийскай чөмпүйүөн наада диир буоллаххына, ити боппуруоһу быһаар», — диэн баран өссө төгүл илиитин биэрдэ. Мин «Ыытарга бэлэммин!» диэтим. Кини онуоха «Дуогабар даҕаны оҥорсорго бэлэммин», — диэмэхтээтэ. «Оччотугар, биһиги эйиэхэ ый аайы 50-нуу тыһыынчаны (билиҥҥи харчынан аахтахха) төлүүбүт», — диэтим. Сэмэй киһи: «Элбэҕэ бэрт дии», — диэтэ уонна мичээрдээн баран: «Өскөтүн эппит тылым туолбатаҕына, харчыны төттөрү биэрэргэ бэлэммин», — диэн мас-таас курдук этитэлээтэ.
Сөбүлэһэн араҕыстыбыт, сарсыныгар Георгий Анатольевиһы дойдутугар атаарбытым. Икки күн устата толкуй бөҕөҕө түстүм. Харахпар Захарым олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун көрөр курдукпун.
Үһүс күнүгэр аллар атаспар, успуорду олуһун өйүүр Иван Николаевич Алексеевка – үп миниистиригэр – сарсыарда 8 чааска ойон тиийдим. Киһим соһуйда уонна: «Хайа, бу туох айылаах эрдэлээтиҥ, успуорт тойоно?» — дии-дии күлэн лаһыгыратта. Миниистир настарыанньалааҕыттан үөрдүм. Хайдах баарынан кэпсээтим. «Олус бэрт эбит, бэйэм быһаарыам, харчы тэбэн биэриэҕим. Кырдьык, олимпийскай чөмпүйүөн баар буолар буоллаҕына, ыйга сүүстүү да тыһыынчаны биэриэххэ сөп эбит, кытаат, уолгун тэрийэн ыыта оҕус», — диэт, туран илиитин биэрдэ. Баһыыбалаан бараммын тахсан эрдэхпинэ: «Харчы туһунан бырабыыталыстыбаҕа саҥарыма», — диэн хаалла. Иван Николаевич барахсан өйдүүр, өйүүр да этэ. Наада буоллаҕына, үбү-харчыны эрэйэ суох быһаартарар этибит.
Уол барарыгар тириэньэригэр соболоҥ харчытын буллубут диэн үөрдүм аҕай. Аны Захары булан Украинаҕа ыыта охсуохха диэн толкуй киирдэ. Физкультурнай институкка үөрэнэрин Георгий Бураков быһаарыах буолбута, уопсайга олордуом диэбитэ, бэлэм аһылыкка тутуох буолбута.
Захар университекка үөрэнэ сылдьара. Биир үтүө күн ыҥыртаран ылан кэбиниэппин хатанан баран чааһы быһа кэпсэтии эриирдээҕэ, кытаанаҕа буолла. Уолум олох ылыммат, атын сиргэ барыахпын баҕарбаппын диэн кэлиилии кэбэ олорор. Тиһэх уһугар тиийэн, таптыыр кыыстаахпын, кинини хайдах быраҕан барыахпыный диэн буолла. Онуоха мин «кыыскын илдьэ бар, биир хостоох дьиэни куортамнаан биэриэхпит. Кыыһыҥ үөрэнэр буоллаҕына, институкка үөрэттэриэхпит, үлэлиир буоллаҕына, үлэ көстүө» диэтим. Захар арыычча бэттэх кэлиэх курдук буолла уонна кыыспын кытта сүбэлэһиэм диэтэ. Онуоха: «Чэ кытаат, Захар Чукров диэн аан дойду, Олимпиада чөмпүйүөнэ баар буолуоҕа уонна саха норуотун аар-саарга аатырдыаҕа, үйэлээх сааскар национальнай дьоруой буолуоҥ», — диэн бараммын илии тутуһан атаардым.
«СЫЫҺА АККААСТАММЫППЫН…»
Оҕотуга тута биллэр этэ, баара-суоҕа 22 саастаах уол барахсан уһуну-киэҥи толкуйдаабат буолаахтаатаҕа дии. Уолум сүтэн хаалла. Нэдиэлэ кэтэһэн бараммын үлэһиттэрбин ыытан аҕалтардым. Захар кэбиниэппэр киирэн үүтүн тохпут оҕо курдук аан аттыгар сири көрөн баран турар.
– Хайа, Захар, бэттэх кэл, — диэн ыҥыран аттыбар олортум. – Хайдах быһаарыстыгыт?
– Кыыһым олох буолуммата, дьоно ыыппаттар үһү, олох истиэхтэрин да баҕарбатахтар.
– Чэ, хайыахпытый, өссө толкуйдаа, эр киһи буоллаҕыҥ дии, Павел Пинигин төһөлөөх аатыра сылдьарый? Инникигин санаа, — диэн баран илии тутуһан ыытан кэбистим.
Хомойуу бөҕөтүн хомойдум. Хоспор чааһы быһа саҥата суох олордум. Онтон биир санаа көтөн түстэ. Захар аҕатынан аймаҕа Николай Иванович Шарин диэн бэртээхэй киһи, табаарыһым, үөрэх миниистиринэн ситиһиилээхтик үлэлии олороро. Дьэ киниэхэ тиийэн үҥэн-сүктэн көрдөстүм, барытын хайдах баарынан сиһилии кэпсээтим. Николай Иванович, бэрт да эбит, уолу кытта, дьонун кытта кэпсэтиэм диэтэ. Үөрүү кыыма эрэллээх миниистиргэ махтанан, илии тутуһан таҕыстым.
Үс хонон баран Николай Иванович төлөпүөннээтэ, «уолум олох аккаастанар, мөҥөн-этэн көрдүм да, өссө куруубайдыах курдук, Чукровтар хараахтардара, хааннара буоллаҕа. Чэ, хайыахпытый, кыахтаах уол быһыылаах дии, Улуу Арассыыйаттан даҕаны үүнэн тахсар ини», — диэтэ. Ол курдук сөп дэстибит.
…Онон улуу Буракову кытта кэпсэтии олоххо киирбэтэҕэ. Георгий Анатольевич улаханнык хомойбута. Мин ити хомолтону 40-тан тахса сыл ыарык-баттык гынан кэллим. Билиҥҥээҥҥэ диэри санаабыттан арахпат.
Сатаммыта буоллар, тустууга үс олимпийскай чөмпүйүөннэнэрбит хааллаҕа.
Захар барахсан 82 киилэҕэ тустар бөдөҥ-садаҥ киһи. Ханнык да турнирдарга, абсолютнайга даҕаны киирсэн олус ыарахан ыйааһыннаах эҥинэ бэйэлээх күүстээх дьону кытта көрсөн оһоллонон, аармыйаҕа баран үчүгэйдик дьарыктаммакка, кэнникинэн көрдөрүүтэ намтаабыта.
Биир тылынан эттэххэ, үөһээ Айыылартан ананан саха дьолугар төрөөбүт саха чаҕылхай уола кыаҕын толору туһаммакка, анараа дойдуга айаннаата. Икки тапталлаах уола туста сатаатылар, аатын ааттаттылар. Инникитин саха бухатыырын Захар Николаевиһы ааттатар сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн күүтэн көрүөхпүт буоллаҕа.
Арба даҕаны, биир улахан үөрүү 1995 сыллаахха буолбута – 40-ча сааһыгар аан дойдуга кими даҕаны тулуппакка бэтэрээннэргэ чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Онно син үөрбүт, астыммыт этэ. Онно тыл быктарбыта: «Афанасий Егорович, сүүрбэччэ сыллааҕыта эн миигин эрэнэн Украинаҕа Бураковка ыыта сатаабытыҥ, ону сыыһа аккаастаммыппын диэн дэҥ-дуҥ санаталаан ылабын ээ», — диэбитэ. Мин улаханнык хараастыбытым, Захары кууһан ылан сыллаталаан ылбытым уонна хараҕым уута ыга анньан кэлбитин көрдөрүмээри, соттон ылбытым.
Захар Чукров чахчы даҕаны сүүрбэһис үйэ биир улуу тустууга, кини үрдүк аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.
Афанасий АЛЕКСЕЕВ,
Арассыыйа, СӨ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Д.П. Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.