“Куруһаала” атыы-эргиэн саалатыгар быйыл 19-с сылын “Хотугу суһум” диэн анал ювелирнай быыстапка буолла.
edersaas.ru
Ювелирдар бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктарын сыл аайы алтынньы 23 күнүгэр бэлиэтииллэр.
Ювелирнай уонна кырыылыыр бырамыысыланнас үлэһитин күнэ Саха сиригэр эрэ бэлиэтэнэр.
Арктическай институт устудьуоннара уонна үлэһиттэрэ бу тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрэр анал истиэндэлэрин үгүс киһи интэриэһиргээтэ. Институту былырыын бүтэрбит Ньургуйаана Пермякова бэйэтэ кырыылаан оҥорбут “Уһун суһуох” диэн үрүҥ көмүс оҥоһугун билиһиннэрдэ.
— Сакааска оҥорбоппун, сүрүннээн, быыстапкаҕа анаан үлэлиибин. Бу дипломнай үлэм, — диэн санаатын үллэстэр эдэр ювелир.
Бу күн саха ювелирдара кырыылыыр оҥоһуктарын үгүс киһи кэрэхсии көрдө.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.