Санкт-Петербург куоракка олунньу 1-5 күннэригэр ыытыллыбыт ювелирдар норуоттар икки ардыларынааҕы ХХV «Экспофорумнарыгар» Саха сириттэн устудьуоннар ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Биллэрин курдук, маннык үрдүк таһымнаах форумҥа аан дойду араас муннуктарыттан тарбахтарыгар талааннаах ювелирдар быыстапкалара киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн «Киэргэ», «Уран Саха», «Симэх», Оһуор Утум», «Бриллианты Якутии», «Жемчуг», «Я золото» фирмалары сэргэ, Арктикатааҕы култуура институтун ювелирдары үөрэтэр салаатын уонна Дьокуускайдааҕы П.Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр колледжын устудьуоннара кытыннылар.
Маныаха, чуолаан, Арктикатааҕы институт устудьуоннара Надя Ермолаева, Ньургуйаана Пермякова, Варя Соловьева үрүҥ көмүстэн оҥоһуктара биһирэнэн, «Экспофорум» анал дипломунан наҕараадаланнылар. Кинилэр салайааччылара, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, бу институт ювелирнай салаатын преподавателэ Никита Васильев биһиги сайтпытыгар иһитиннэрбитинэн, кыргыттар оҥоһуктарын ыйтан ордук кэм иһигэр чочуйан таһаарбыттар.
Устудьуоннар араас дойду ювелирдарын үлэлэрин көрөн, элбэҕи билбиттэрин-эбиммиттэрин таһынан, өссө ситиһиилэнэн кэлбиттэригэр, кинилэр айаннарын-сырыыларын уйуммут «Я золото» фирмаҕа истиҥник махтаналлар.
Никита Васильев бэлиэтииринэн, саха үрүҥ көмүстэн оҥоһуктара куруук ураты болҕомтоҕо сылдьаллар, саха оһуорун-мандарын мэлдьи сэргииллэр, биһирииллэр.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/