Ютубка сахалыы тыллаах сокуон, быраап ханаалын арыйдылар (ВИДЕО)
“Сокуону билбэтиҥ эппиэтинэстэн босхолообот” диэн этии баар. Эбэтэр бэйэбит бырааппытын ситэ билбэппит. Оттон халыҥ сокуоннары аахтахпытына даҕаны, бу эйгэ дьонугар анаммыт буолан, сороҕор өйдөммөт. Маны барытын аҕыйах кэмтэн ыла Ютуб-ханаалга үлэлээн эрэр “Сокуон сирэ” биэриигэ юрист, уопсастыбанньык, биэрии ааптара Сандаара Кулаковская “илдьиритэн” биэрэр.
Тустаах бырайыак соторутааҕыта Саха сиринээҕи медиация киинин аатыттан (салайааччы Долгуяна Иванова) Арассыыйа бэрэсидьиэнин Гранын куонкуруһугар кыайбыта. Хамаанда уопуттаах юрист-медиатор Долгуяна Николаевна Иванова салалтатынан үлэлиир. Биэрии ааптара уонна ыытааччыта — Сандаара Кулаковская. Видеону таҥааччы — Эрчимэн Петров. Ону тэҥэ, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрдээхтэр.
Бастакы таһаарыыларыгар сокуон диэн тугун, кини араастарын, ону хантан булуохха сөбүн кэпсииллэр. Иккис биэрииттэн саҕалаан, дьон күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар көрсөр түгэннэрин, онно кинилэр бырааптарын сырдаталлар. Холобура, “маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт табаар, бородуукта, мал буорту буолбут, сөп түбэспэт, өҥүн сөбүлээбэтим, ону төттөрү ылар, уларытар, харчытын төнүннэрэр эбээһинэстээхтэр дуо?” диэн үгүс киһи мунаарар. Маны Сандаара Кулаковская юрист хараҕынан көрөн бэрт судургутук, өйдөнүмтүөтүк быһааран биэрэр. Хас күн иһигэр ханнык мал, табаар төнүннэриллиэхтээҕин кэпсиир.
Аны коронавируһунан сибээстээн, дьон дьиэтигэр олорон үлэлиир, маныаха сорох тэрилтэ хамнаһы намтатыан баҕарар. Бу түгэҥҥэ үлэһит туох бырааптааҕын эмиэ быһаараллар.
Ити курдук, “Сокуон сирэ” хас биирдии биэриитэ сахалыы тыллаах ханнык баҕарар көрөөччүгэ, истээччигэ дэбигис тиийимтиэ, олус туһалаах. Онтон кыраачааннарга аналлаах биэриилэрэ оҕоҕо өйдөнөрүн курдук оонньуу быһыытынан барар.
— Ютуб ханаалбытын кулун тутартан үлэлэтэн саҕалаатыбыт. Бу кэм устата 5 видео таҕыста. Сыл аҥаарын иһигэр 13 видео былааннанар. Итинтэн 3 видео — оҕолорго аналлаах.
Төрөөбүт тыл билиини тарҕатарга олус үчүгэй үнүстүрүмүөн. Этэргэ дылы, киһи сүүстэ нууччалыы истэн баран өйдөөбөтөҕүн, биирдэ сахалыы тылынан истэн өйдөөн кэбиһиэн сөп дии саныыбын. „Если вы разговариваете с человеком на языке, который он понимает, вы обращаетесь к его разуму. Если вы разговариваете с ним на его языке, вы обращаетесь к его сердцу”— диэн Нельсон Мандела этэн турардаах.
Бырайыакпыт Арассыыйа бэрэсидьиэнин Гранын куонкуруһун кыайыылаахтарыттан биирдэстэринэн буолбута. Федеральнай таһымҥа олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтин төрөөбүт тылынан бырайыактара өйөнөллөр эбит диэн үөрдүбүт. Биллэн турар, бырайыакпыт төрөөбүт тылы сайыннарыыга буолбакка, дьон бэйэтин быраабын, сокуону билэригэр, гражданскай уопсастыба үөскүүрүгэр туһаайыллар.
Билигин улаханнык эрэкэлээмэлии эҥин иликпит эрээри, уопсайа, номнуо 3000-тан тахсата көрбүттэр. Федеральнай өйөбүлү ылбыт бырайыак буоларын быһыытынан, төһө киһи көрбүтүгэр тиийэ отчуоттанар. Төрөөбүт тылынан сокуону, быраабы билиини дьон хайдах ылынарын, төһө сэҥээрэрин, туһалааҕын дуу, туһата суоҕун дуу онтон ырытан таһаараллар. Ол иһин олус эппиэтинэстээх. Мин билэрбинэн, Арассыыйаҕа быраап, сокуон туһунан төрөөбүт тылынан тахсар соҕотох бырайыак.
Бүтэһик бэһис видеобут оҕолорго аналлаах буолла. Мин санаабар, оҕоҕо 5 сааһыттан сокуон диэн тугун кэпсээн саҕалыыр ирдэнэр быһыылаах”, — диэн Сандаара санаатын үллэстэр.
Таһаарыыга Сандаара Кулаковскаяны сэргэ, быраап өттүгэр исписэлиистэр, юристар, судьуйалар, медиатордар кытталлар. Ааптар, кыралаан кыттар дьон ахсаанын элбэтэн иһиэхпин баҕарабын диэн этэр.
Бу биэриилэр биир уратылара диэн, көннөрү кэпсэтэ олорор курдук судургутук ыытар буолан, көрөөччүгэ тиийимтиэлэр. Олортон биирдэстэрин Эдэр саас сайт ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбит. Ютубка киирэн “Сокуон сирэ” биэриигэ сурут, туһан, бэйэҥ быраапкын бил.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru