Юрист сүбэтэ: Дьиэни саахалланар туруктааҕынан билинии

13.09.2020
Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

2020 сылга саахалланар туруктаах кыбартыыраны атыылаһар төһө оруннааҕый?

Сорох дьон хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар хабыллаары эргэ дьиэлэри анаан атыылаһаллар. Урут маннык дьайыы чахчы үчүгэй инвестиция этэ, эргэ дьиэ оннугар саҥа, толору хааччыллыылаах дьиэлэри хаһаайыттарга барыларыгар биэрэллэрэ, ону түргэтэтэр сыалтан сууттаһыахха да сөбө.

Билигин көтүрүллүөхтээх дьиэни атыылаһар оруна суох, тоҕо диэтэххэ, 2019 сыл ахсынньы 27 күнүгэр 473 -дээх саҥа сокуон тахсыбыта. Ол чэрчитинэн, РФ Дьиэ-уот кодексын 32-с ыстатыйатыгар саҥа 8.2 пуун киирбитэ. Эргэ дьиэни саахалланар туруктааҕынан билиниллибитин кэнниттэн атыыласпыт дьон харчынан толуйууну эрэ ылар кыахтаахтар. Ону да атыыласпыт сыанатын эрэ саҕаны.

Холобур, 2020 сыллаахха саахалланар туруктаах дьиэҕэ кыбартыыраны Ийэ хапытаалынан 466 617 солкуобайга атыыласпыт буоллахха, көтүрэллэригэр ити эрэ сууманы биэрэллэр. Кыбартыыра бэриллибэт.

Өссө биир кыһалҕа баар – СӨ Тутуу министиэристибэтэ уонна олорор дьиэни тутуу дирекцията кыбартыыраны саахалланар туруктааҕынан билиниллибитин кэннэ атыыласпыт дьоҥҥо саҥа дьиэ биэрэри аккаастыыллар. Атыылаһыы саҥа сокуон тахсыан иннинэ оҥоһуллубут буолбутун да иһин.

Ол эрээри сокуон кэннинэн үлэлээбэт диэн уопсай быраабыла баар. Сокуон олоххо киирбитин кэннэ буолар дьайыыларга эрэ сыһыаннаах. Ол эбэтэр, саҥа сокуону мин маннык сыаналыыбын:

— Саахалланар туруктаах дьиэни саҥа сокуон ылыллыбытын кэннэ (2019 сыл ахсынньы 28 күнүттэн) атыыласпыт сыаналарыгар тэҥнээх харчынан төлөбүрү ылаллар;

— 2019 сыл ахсынньы 28 күнүгэр диэри саахалланар туруктаах дьиэҕэ кыбартыыраны атыыласпыт дьон саҥа кыбартыыраны, эбэтэр харчынан төлөбүрү ылар кыахтаахтар. Оннук быраап кыбартыыра хаарбах дьиэттэн көһөрүү эрэгийиэннээҕи бырагырааматыгар киирбит эрэ буоллаҕына, үөскүүр. Билигин бу бырагыраамаҕа 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр киирэллэр.

Соторутааҕыта мин дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэрин ситиспитим, онон хайдах-тугу гыныллыахтааҕын кэпсиибин.

1. Госстройжилнадзорга уонна Роспотребнадзорга дьиэни чинчийэр туһунан көрдөһүү түһэрбиппит. Бу булгуччулаах хардыы буолбатах. Дьиэ төлөбүрдээх экспертизатыгар ороскуотурбат туһуттан, саахалланар туруктааҕа билиниллэригэр чахчы төрүөт баарын билээри, бу тэрилтэлэр чинчийэллэрин көрдөспүппүт. Чинчийэн баран, дьиэ куһаҕан туруктааҕын, киһи олорор кыаҕа суоҕун туһунан быһаарыы ылыммыттара.

2. Экспертизаны сакаастааһын. Дьиэ олохтоммут нуормаларга, быраабылаларга сөп түбэспэтин билэн баран, олохтоохтору кытары тиэхиньиичэскэй туругун туһунан экспертизаны сакаастаабыппыт. Бу булгуччулаах усулуобуйа. Төлөбүрдээх экспертизата суох дьиэни саахалланар туруктааҕынан билиммэттэр (бырабыыталыстыба 2006 сыл тохсунньу 28 күнүнээҕи 47 №-дээх уурааҕа). 2 кыбартыыралаах дьиэҕэ — 12-14 тыһыынча солкуобай.

3. Дьаһалтаҕа докумуоннары туттарыы. Дьокуускайга Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар сайабылыанньа биэриэххэ наада.

Ирдэнэр докумуоннар:

— сайабылыанньа;

— олохтоохтор пааспардарын куоппуйалара;

— дьиэ хаһаайына буолары туоһулуур докмуоннар куоппуйалара;

— эксперт быһаарыытын оригинала.

Сайабылыанньаны биир киһи суруйуон сөп, ол эрээри олохтоохтор кэлэктиибинэн суруйаллара ордук.

4. Департамент күн анаан, дьиэни кэлэн көрөр, чинчийэр.

5. 30 күн иһигэр саахалланар турук туһунан докумуоннар (акт, быһаарыы уонна мэрия дьаһала) тахсаллар.

6. Көһөрүү туһунан бырагыраамаҕа киллэрии. “О фонде содействия реформированию ЖКХ” сокуон 16-с ыстатыйатынан, билигин бырагыраамаҕа 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр киирэллэр. 2025 сыл кэнниттэн атын бырагыраама ылыныллар, онно бу даата кэнниттэн билиниллибит дьиэлэр киирэллэр.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0