Юрист сүбэтэ: устудьуоҥкаларга декретнэй босуобуйа төлөнөр дуо?

Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

Орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоҥкалар декретнэй босуобуйа 4 көрүҥүн ылар быраап­таахтар. Кини төлөбүрдээх үөрэххэ, эбэтэр босхо үөрэнэрэ оруола суох.

  1. Хат буолан баран, эрдэ (12-с нэдиэлэҕэ диэри) учуокка турдахха, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 917 солкуобай.

Маны үөрэнэр сиргэ  деканакка оҥорторуллар.

  1. Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа. Быһа холоон, 140 күҥҥэ стипендия толору кээмэйэ бэриллэр. Төлөбүрдээх үөрэххэ, эбэтэр босхо үөрэнэрэ оруола суох. Эмиэ үөрэнэр сиригэр оҥоһуллар.
  2. Оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 24 471 солкуобай.

Социальнай көмүскэл управлениетыгар оҥоһуллар, кэргэнэ (эрэ) үлэлиир буоллаҕына — аҕа үлэ­лиир сиригэр.

  1. Оҕо 1,5 сааһыгар диэри бэриллэр босуобуйаҕа сайабылыанньаны 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн биэрбиттэргэ:

— бастакы оҕоҕо – 63 16 солкуобай.

— иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо – 9 175 солкуобай.

Бу иннинэ докумуоннарын биэрбит устудьуоҥкалар мантан кыра кээмэйи ылаллар – 4 588 солкуобай. Кыыс сайабылыанньа суруйдаҕына, академическай уоппуска биэрэр эбээһинэстээхтэр.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0