Юрист сүбэтэ: урбаанньыт дьахталларга декретнэй төлөнүүтэ

17.06.2019
Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

Аныгы үйэҕэ эдэр дьон үөрэнэн, идэ ылан баран, тэрилтэҕэ буолбакка, бэйэлэрэ бизнес арынан үлэлииллэрин ордороллор. Оччотугар, бэйэ дьыалатын арыммыт кыргыттар, дьахталлар хат буоллахтарына, оҕолоннохторуна, туох босуобуйаны ылар быраап­таахтарый?

  1. Хат буолан баран, эрдэ (12-с нэдиэлэҕэ диэри) учуокка турдахха, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 917 солкуобай.

Маны социальнай страховка­лааһын пуондатыгар страховкаламмыт буоллаххына бэриллэр.

  1. Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа. Манна эмиэ социальнай страховкалааһын пуондатыгар страховкаламмыт буоллаххына бэриллэр. Быһа хо­­лоон, 140 күҥҥэ хамнас алын кээмэйиттэн (МРОТ) сиэттэрэн ааҕаллар:

МРОТ х 24 ый : 730 күн х 140 күн.

  1. Оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 24 471 солкуобай.

Кэргэнэ (эрэ) үлэлиир буоллаҕына, кини үлэтигэр оҥортороллор. Эрэ үлэлээбэт буоллаҕына, дьахтар оҥорторор.

  1. Оҕо 1,5 сааһыгар диэри бэриллэр босуобуйа:

— бастакы оҕоҕо – 6 316 солкуобай. (2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн);

— иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо – 9 175 солкуобай.

Страховкаламмыт дьахталлар Социальнай страховка­лааһын ­пуондатыттан ылаллар, страховкаламматахтар – социальнай көмүс­кэл управлениетыттан, эбэтэр Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн (МФЦ). Страховкаламматах дьахталлар биирдэ бэриллэр уонна оҕо көрөн олорорго босуобуйаны эрэ ылаллар, оттон страховкаламмыттар – бу 4 босуобуйаны барытын ылаллар.

Баҕа өттүнэн страховкаланар буоллахха, Социальнай страховкалааһын пуондатыгар сайабылыанньа суруйуохха наада (gosuslugi.ru сайт нөҥүө эмиэ суруйуохха сөп). Маны тэҥэ, сыл бүтүөр диэри (ахсынньы 31 күнүгэр диэри) страховка сууматын – 3 925 солкуобайы төлүөххэ наада. Бу суума сылга биирдэ төлөнөр.

Страховка аныгыс сылтан үлэлиир, ол эбэтэр, 30-с нэдиэлэҕэ больничнай лииһи арыйыы (бу “страховой случай” диэн ааттанар) кэлэр сылга эрэ сатанар. Быйыл 2020 сылга страховканы оҥорторуохха сөп, 2019 сылга – сатаммат.

Урбаанньыт дьахталлар булгуччулаах страховой усунуостарын оҕо төрүөҕүттэн 1,5 сааһыгар диэри тохтотон эриэхтэрин сөп.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0