Юрист сүбэтэ: Саҥа сокуоннар

20.02.2020
Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

edersaas.ru

Сыллата саҥа сокуоннар  ылынылла тураллар. Манна быһаччы үлэлэһэр исписэлиистэр көмөлөрө, сүбэлэрэ олус туһалаах. Онон юрист сүбэтин туһаныҥ.

Сир учаастагын атыылаһарга

Сири  атыылаһыы – юрист хараҕынан көрдөххө, халбархай соҕус дьыала. Атыылаһыах иннинэ хайаан да үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэххэ наада. Онуоха сир докумуоннарын, “ЕГРН” ыспыраапкатын эрэ көрөр тутах.

Соторутааҕыта миэхэ биир кыһалҕалаах дьахтар кэлэ сылдьыбыта. Кини хас да сыллааҕыта олорор дьиэ туттаары сир ­учаастагын атыыласпыт. Онто уопсастыбаннай туһаныы сирэ буолан хаалан, дьиэ туттарга көҥүл биэрбэттэр эбит. Онтон докумуонунан, “ЕГРН” ыспыраапкатынан көрдөххө, “олорор дьиэни туттууга (ИЖС)” сөп түбэһэр диэн сурулла сылдьар.

Онон “ИЖС” учаастагын атыыластым дии санаабыта, атын буолан тахсыбыт. Хомойуох иһин, маннык түбэлтэлэр аҕыйаҕа суохтар.

Уопсайынан эттэххэ, сири  атыылаһыы – юрист хараҕынан көрдөххө, халбархай соҕус дьыала. Атыылаһыах иннинэ хайаан да үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэххэ наада. Онуоха сир докумуоннарын, “ЕГРН” ыспыраапкатын эрэ көрөр тутах.

“ЕГРН” ыспыраапкатыгар сир ханнык балаһалааҕа (зона), туһаныы көҥүллэммит көрүҥнэрэ, харыстанар сирдэр, о.д.а. көстүбэттэр. Дьокуускайга Ж-2А уонна С-2А (2019 сылтан) зоналарга эрэ дьиэни туттуохха сөп, атыттарга көҥүллэммэт.

Сир зонатын хайдах би­­лиэххэ, учаастагы бэрэбиэркэлиэххэ сөбүй?

  1. Атыыһыттан “ИСОГД” систиэмэ уонна куораты тутуу былаанын кэнники соҕус си­­биэдэнньэлэрин көрдөөҥ, онно учаастак зонатын уонна туһаныы көҥүллэммит көрүҥүн суруйаллар. Оттон Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн (МФЦ) си­­биэдэнньэлэри ыларга топосъемка ирдэнэр (2 сыл иһинэн оҥоһуллубут буолуохтаах).

“ИСОГД” сибиэдэнньэтэ 2 нэдиэлэнэн, куораты тутуу былаана 1 ыйынан бэлэм буолар. Күүтэр бириэмэҕит суох буоллаҕына, Дьокуускай анал саайтыгар — map.yakadm.ru геопорталга киирэн, көрүөххүтүн сөп. Боростуой киһи бу геопорталга киирэн баран, барытын өйдүү охсоро уустук, онон юрист көмөтүн туһаныаххытын сөп. Кылаабынайа, зона генеральнай былааҥҥа сөп түбэһэр буолуохтаах, ол геопорталга үчүгэйдик көстөр.

Эбэтэр, атыыһыт бэйэтэ Элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө мэрияттан дьиэни тутарга  көҥүлү ыларын туһунан дуогабардаһыаххытын сөп. Бу дьа­йыы быдан түргэн, уустуга суох уонна босхо буолар. Оччоҕо ­учаастак “ыраас” эбит диэн ­эрэллээх буолаҕын.

  1. “ЛЭП” лиинийэтэ, атын да санитарнай, харыстанар зоналар баалларын бэрэбиэркэлиэххэ наада. Геопорталга көрүөххэ сөп, эбэтэр атыыһыттан “ИСОГД” систиэмэ уонна куораты тутуу былаанын сибиэдэнньэлэрин көрдөөҥ. Кыра да саарбах­тааһын баар буоллаҕына, ­юристка сүбэлэтиҥ.
  2. Учаастак бэйэтин миэстэтигэр турар дуо? Кыраныыссалара докумуоҥҥа баары кытары сөп түбэһэллэр дуо? Кадастровай инженери ыҥыран, кээмэйдииригэр, кыраныыссаларын бэлиэтиир ураҕас мастары анньарыгар көрдөһүҥ. Өҥө төлөбүрдээх. Үксүгэр ­учаастак кыраныыссата сыыһа ыйыллыбыт, иэнэ кыра, олбуора атын сиринэн тутуллубут буолар. Ыалларгытын кытта бурайсыбат туһуттан, эрдэттэн бэрэбиэркэлиир ордук.
  3. Учаастак атын учаастагы кытары хардарсан, кыраныыссалара үрүт-үрдүлэригэр баар буолуохтарын сөп. Ону публичнай кадастровай каартаҕа көрүөххэ сөп, учаастактар кыраныыссалара кыһыл сурааһынынан бэлиэтэнэллэр. Кыраныыссалар бутуллубут буоллахтарына, учаастактар хаһаайыннара биир тылы булан, быһаарсаллар. Сороҕор итинник дьыаланан сууттаһа сылдьар буолааччылар.
  4. Атыыһыт пааспарын дааннайын, учаастагы хайдах атыыласпытын, солуок бэриллибитин, о.д.а. бэрэбиэркэ­лиэххэ наада. Ол “ЕГРН ыспыраапкатыттан” көстөр.
  5. Учаастак устуоруйатын бэрэбиэркэлээһин. Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн бы­­раап көһүүтүн туһунан ыспыраапканы көрдүүгүт. Кылгас кэм иһигэр элбэх хаһаайын уларыйбыт буоллаҕына, бу дьиксиннэрэр. Аҕыйах хаһаайын­наах, эбэтэр бүтэһик хаһаайын өр соҕус туһаммыт буоллаҕына, ол үчүгэй.

Бу курдук бэрэбиэркэлээтэххэ, отоойкоҕо олорор кутталыҥ кыччыыр.

Дьиэҕэ алимент диэн тугуй?

“Дьиэҕэ алимент” диэн өйдөбүлү киллэрэр 10-ФЗ нүөмэрдээх саҥа  сокуон олунньу 17 күнүттэн үлэҕэ киирэн эрэр. Ол аата, дьиэтэ суох, бэйэтин хааччынар кыаҕа суох дьоҥҥо (оҕолорго) олорор дьиэ ороскуотугар эбии алимены көрдүүр буолаллар.

Бу сокуон Дьиэ кэргэн кодексын 86-с ыстатыйатын 1-кы чааһыгар уларытыылары киллэрэр. Онон оҕо бастайааннай олорор ­дьиэтэ-уота суох буоллаҕына, итини ураты балаһыанньанан ааҕан, дьиэ ороскуотугар эбии үбү-харчыны көрдүүргэ быраабы биэрэр.

Бу иннинэ олорор дьиэҕэ ороскуот төлөнөр алимент сууматыгар киирэ сылдьар диэн этэ. Билигин дьиэ ороскуотугар эбии харчыны көрдүөхтэрин сөп.

Холобур, арахсыбыт дьахтар дьиэ куортамнаһан, эбэтэр ипотеканы төлөөн олорор буоллаҕына, оҕо үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтааҕын быһыытынан,  аҕаларыттан эбии алимены көрдүүллэр.

Бастайааннай олорор дьиэтэ суоҕуҥ туһунан хайдах дакаастыахха сөбүй?

— Куортамнаан олорор ­буоллахха — куортам дуогабара, араспыыскалар, бас билэр дьиэтэ суоҕуҥ туһунан “ЕГРН ыспыраапката”, поликлиникаттан ыспыраапка, сибидиэтэл көрдөрүүтэ, о.д.а.

— Ипотеканы төлүүр ­буоллахха – баан ыспыраапкалара, ипотека дуогабара, төлөбүр квитанциялара, Ийэ хапытаалын туһаныы туһунан ыспы­раапка, “ЕГРН ыспыраапката”, о.д.а.

Сотору кэминэн, суукка маннык дьыала элбиирэ буолуо. Ол эрээри, мин санаабар, ипотека чааһа саарбах соҕус. Көрөн иһиэхпит.

Бииргэ төрөөбүттэр – биир оскуолаҕа

Ахсынньыга бииргэ төрөөбүт оҕолор биир уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа киириэхтээхтэр диэн федеральнай сокуон ылыныллыбыта.

Чуолкайдаан эттэххэ, биир дьиэ кэргэҥҥэ, биир дьиэҕэ олорор оҕо эдьиийэ, убайа үөрэнэр, сылдьар уһуйааныгар, эбэтэр алын сүһүөх оскуолаҕа киирэригэр, бастакы уочарат ылыллар бы­­рааптаах ­(преимущественное право). 5-с кы­лаастан маннык быраап суох.

Сокуоҥҥа бырапыыска туһунан этиллибэт, оҕолор олорор дьиэлэринэн буолар. Холобур, оҕолор бырапыыскалара атын-атын, ол эрээри биир дьиэҕэ олороллор, оччоҕо маннык быраабынан туһанар кыахтаахтар. Мэрияҕа тиийэн, “Үөрэҕирии туһунан” федеральнай сокуон 67-с ыстатыйатыгар сигэ­ниэххитин сөп.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0