Юрист сүбэтэ: Оҕоҕо төлөнөр алимент

Ааптар: 
24.11.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ. 

Хомойуох иһин, билиҥҥи кэмҥэ төрөппүттэр арахсаллара баар суол. Оҕолор ийэлэрин эбэтэр аҕаларын кытта хаалаллар. Бүгүҥҥү тиэмэм: “Оҕоҕо төлөнөр алимент?”.

Алимены оҕону иитэр, оҕону кытта олорор төрөппүккэ төлөнөр. Сокуоннай сааһын туолуор диэри төлөнүөхтээх. Инбэлиит оҕо буоллаҕына, 18 сааһын туолбутун да кэннэ төлөнөр.

Төрөппүттэр бииргэ олорбот да буоллахтарына, оҕо бырааба кэһиллиэ суохтаах. Ийэлээх аҕа иккиэн оҕо иитиитинэн дьарыктаныахтаахтар. Кинилэр арахсар түгэннэригэр, оҕо кими кытта олорорун бэйэлэрэ быһаараллар. Ол кэнниттэн оҕоҕо төһө алимент төлөнөрүн сүбэлэһиэхтээхтэр. Төрөппүттэр бэйэлэрин баҕаларынан алимен кээмэйин уонна хайдах төлөнүөхтээҕин туһунан дуогабар (соглашение) түһэрсэллэр. Ол дуогабары нотариус бигэргэтэр. Бу докумуон юридическэй күүстээх буолар, онон инникитин суут бириистэбинэн алимен  көрдөтүөххэ сөп.

Оттон төрөппүтэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сатаан биир тылга киирбэтэх түгэннэригэр алимены  суут нөҥүө көрдүүллэр. Сайабылыанньаны мировой суукка алимент көрдөнөр төрөппүт олорор сиригэр тиксэрэр. Туох да мөккүөр суох буоллаҕына, суут бирикээһин таһаарыҥ диэн сайабылыанньа биэриэххэ сөп. Суут бирикээһэ 5 күн устата тахсар, мунньах буолбат. Оттон мөккүөр баар буоллаҕына, суут мунньаҕа тэриллэр.

Дьиэ кэргэн кодексатыгар этиллэринэн, алимены  төрөппүт хамнаһын бырыһыанынан көрөн эбэтэр биир сууманан көрдүөххэ сөп. Биир оҕоҕо төрөппүт хамнаһыттан 25 %, икки оҕоҕо – 33 %, үстэн элбэх оҕоҕо – 50 % буолар. Төрөппүт этиититтэн көрөн, алимен кээмэйин суут бэйэтэ быһаарар.

Биир суумманан алимен төлөнөр буоллаҕына, олох-дьаһах алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. 2017 с. Саха сиригэр оҕоҕо бу суума кээмэйэ 17 тыһ. солк. тахса буолар.

“Алиментан аккаастаныахха сөп дуо?” – диэн миигиттэн элбэхтэ ыйыталлар. Ссатаан аккаастаммаккыт, арай оҕоҕут 16 сааһыгар ыал буоллаҕына  төлөөн бүтэҕит. Дьиҥнээх төрөппүт буолбатаххытын суут нөҥүө дакаастаатаххытына эмиэ бу төлөбүртэн босхолоноҕут. Онуоха биир бэлиэ усулуобуйа баар: кини оҕото буолбатаҕын эрдэттэн билэ-билэ оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу сурукка аҕа быһыытынан киирбит киһи хайдах да  алиментан  аккаастаммат. Итинник түгэннэргэ мин биири сүбэлиибин. Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сүбэлэһэн, биир сөптөөх быһаарыыны ыла сатыахтаахтар, оччоҕо кыһалҕа кыччыыр.

Онон, күндү төрөппүттэр, төрөппүт буола илик дьон, сыыһа хардыылары оҥорумаҥ, олоххутун алдьатымаҥ, ыал буоларгытыгар өйдөөн-дьүүллээн, дьиҥнээхтии эрэ таптыыр буоллаххытына холбоһуҥ!

Юрист Лизаedersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0