Юрист сүбэтэ: үлэлээбэт дьахталлар түөрт көрүҥ босуобуйаны ылаллар

Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

Үлэлээбэт дьахталлар декретнэй төлөбүрдэри социальнай көмүскэл управлениетыгар оҥортороллор.

  1. Хат буолан баран, эрдэ (12-с нэдиэлэҕэ диэри) учуокка турдахха, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 917 солкуобай.

  2. Үлэлээбэт дьахтар хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйаны ылбат. Арай, биир түгэҥҥэ ылыан сөп – кини үлэтэ суох ­буолбутун 12 ый иннигэр тэрилтэтэ сабыллыбыт буоллаҕына. Социальнай көмүскэл управлениетыттан босуобуйаны ылыан сөп — 917 солкуобай. Бу босуобуйаны уонна үлэтэ суоҕунан босуобуйаны тэҥҥэ ылара сатаммат, хайатын эрэ талыан наада. Күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, үлэлээбэт устудьуоҥкалар үөрэнэр сирдэригэр истипиэндьийэ кээмэйин саҕа босуобуйаны ылыахтарын сөп.

  3. Оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр босуобуйа – 24 471 солкуобай.

Кэргэнэ (эрэ) үлэлиир буоллаҕына, кини үлэтигэр оҥоһуллар. Иккиэн үлэлээбэт буоллахтарына, дьахтар социальнай көмүскэл управлениетыгар оҥорторор.

  1. Оҕо 1,5 сааһыгар диэри бэриллэр босуобуйаҕа сайабылыанньаны 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн биэрбиттэргэ:

— бастакы оҕоҕо – 6 316 солкуобай.

— иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо – 9 175 солкуобай.

2019 сыл иннинэ оҥорторбуттарга – 4 588 солкуобай.

Үлэтэ суох дьахтар МФЦ нөҥүө, эбэтэр социальнай көмүскэл управлениетыгар оҥорторуон сөп. Босуобуйа оҕо төрүөҕүттэн оҥоһуллар, тоҕо диэтэр, үлэлээбэт дьахтар хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйаны ылбат. Дьахтар Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар буоллаҕына, бу босуобуйаны, эбэтэр үлэтэ суоҕунан босуобуйаны талыахтаах. Икки босуобуйаны тэҥҥэ ылбат.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0