Юрист сүбэтэ: Кирэдьиит историятын көрөр судургутуйда

Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

edersaas.ru

Быйылгыттан бэйэҥ кирэдьиитиҥ историятын билэриҥ судургу буолла. Билигин, урукку курдук бааҥҥа уонна кирэдьиит бюротугар сайабылыанньа суруйан, хас эмэ күн кэтэһэр оннугар, дьиэҕиттэн тахсыбакка олорон, Интэриниэт нөҥүө көрүөххүн сөп. Тохсунньу 31 күнүттэн кирэдьиит историятын сылга биирдэ буолбакка, иккитэ босхо көрүөххэ сөп буолла.

Мин бэйэм боруобалаан көрбүппэр, 10-15 мүнүүтэ барда. Чахчы да, олус судургу эбит.

  1. Бастаан gosuslugi.ru сайтка регистрацияланаҕыт (баар буоллаҕына, өссө үчүгэй), «учетная запись” диэни толороҕут уонна Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) нөҥүө пааспардаах бигэргэттэрэҕит. “Учетная запись” баар буоллаҕына, тута иккис дьайыыга киирэбит.

  2. gosuslugi.ru сайт нөҥүө кирэдьиит историята харалла сытар бюро испииһэгин көрдөтөҕүт. Дойду үрдүнэн итинник 15 бюро баар. Сайтка тус кабинеккытыгар киирэн баран, «Финансы и налоги» салааҕа «Получение сведений из ЦККИ о БКИ, в котором (которых) хранится кредитная история субъекта кредитной истории — физического лица» диэн өҥөнү талаҕыт. Сайабылыанньа суруйаҕыт, икки мүнүүтэ иһинэн электроннай почтаҕытыгар историяҕыт харалла сытар бюролар испииһэктэрэ кэлэр.

  3. Ол кэннэ бюроҕа ыйытык ыытаҕыт. Барыларыгар да ыытыахха сөп.

Кирэдьиит историята почтаҕытыгар олус түргэнник кэлэр. Манна төһө суумаҕа кирэдьиити ылбытыҥ, хаһан аһыллыбыта-сабыллыбыта, төлөөбөккө уһаппытыҥ барыта көстө сылдьар. Ону тэҥэ ханнык баан кирэдьиит историятын көрдөөбүтэ эмиэ көстөр.

Ону тэҥэ, быйылгыттан кирэдьииккэ 2 сонун баар.

1. Муҥутуур улахан бырыһыаҥҥа уонна пеняҕа хааччахтааһын олохтонно. Бу сыл тохсунньу 28 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри саҥа кирэдьииттэргэ/иэс ылыыга бырыһыан күҥҥэ 1,5%-тан үрдүк буолуо суохтаах. От ыйын 1 күнүттэн саҥа кирэдьииттэргэ/иэс ылыыга бырыһыан күҥҥэ 1 %-тан үрдүк буолуо суохтаах (ити сылга 365%). Биир сылтан кыра болдьоххо кирэдьиит ылбыт буоллахха, бырыһыаны, ыстараабы, пеняны ааҕар көҥүллэммэт, өскөтүн төлөммөтөх иэс кирэдьиит сууматын 2,5 куоһардаҕына. 2019 сыл от ыйын 1 күнүттэн – 2 төгүл, 2020 сыл тохсунньутуттан — 1,5 төгүл.

Бу быраабылалар 10 тыһыынча солк. диэри суумалаах, 15 күҥҥэ диэри болдьохтоох кыра иэстэргэ (микрозайм), микрокирэдьииттэргэ сыһыана суохтар. Ол гынан баран, баларга атын хааччахтааһын баар – төлөбүр суумата иэс (займ) сууматын 30%-тан тахсыа суохтаах, ол таһынан бырыһыаны да, ыстараабы да олохтуо суохтаахтар. Арай күҥҥэ 0,1%-тан тахсыбат “неустойка” төлөнүөн сөп.

554 №-дээх федеральнай сокуонунан судаарыстыба микрозайм ырыынагын сүрүннүүр, бэрээдэктиир сыаллаах. Биллэрин курдук, хамнастан хамнаска олорор дьон олус үрдүк бырыһыаҥҥа “микрозайм” ыларга күһэллэллэр, баайдарын-дуолларын сүтэрэллэр.

  1. Кирэдьиит историялаах хас биирдии гражданиҥҥа тус рейтинг олохтонно.

Гражданин кирэдьиитин историятыгар олоҕуран, баал иҥэриллэр. Төһөнөн үрдүк бааллааххын да, рейтиниҥ эмиэ үрдүк, онон баантан кирэдьиити, ипотеканы ылар кыаҕыҥ эмиэ үрдүүр.

Арҕааҥы дойдуларга кирэдьииккэ тус рейтиннэри көхтөөхтүк туһаналлар, оннооҕор дьиэ куортамнаһарга кытта көрөллөр. Биһиэхэ ити саҥа киирдэ, онон бааннар кирэдьиит, ипотека биэрэллэригэр эрэ туһаныахтарын сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0