Юрист сүбэтэ: Хамнас төлөөбөт буоллахтарына, тугу гынабын?

Ааптар: 
18.11.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ. 

Үлэ кодексатыгар этиллэринэн, хамнас ыйга иккитэ төлөнүөхтээх. Тэрилтэ үлэһитигэр хамнаһын төлөөбөт, хойутатар түгэнигэр, РФ Үлэ кодексатын 236 ыстатыйатыгар ыйылларынан, тэрилтэ үлэһиккэ хамнаһын уонна хас күн хойутаппытынан көрөн компенсация төлүөхтээх. Кээмэйэ 1/150 Киин Баан рефинасированиетын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах.

Үлэ кодексатын 142 ыстатыйатыгар сурулларынан, үлэһит хамнаһын 15 күнтэн уһуннук хойутаппыт буоллахтарына, сайабылыанньа суруйан баран үлэтин тохтотуон сөп (нууччалыы эттэххэ, приостановка работы). Ол эрэн судаарыстыба үлэһиттэрэ (государственные служащие), байыаннайдар, сэрэхтээх оҥорон таһаарыы уонна оборудование үлэһиттэрэ (работники, обслуживающие опасные виды производств и оборудования), уотунан, уунан, итиинэн, гааһынан, сибээһинэн, медицинэ өҥөтүнэн хааччыйар дьон үлэлэрин тохтотор бырааптара суох.

Үлэтин тохтоппут кэмигэр киһи үлэлиир сиригэр тиийимиэн сөп. Онтон “үлэҕэр таҕыс, хамнаскын төлүүбүт” диэн тэрилтэттэн биллэрии ыыттахтарына, төннүөхтээх.

Тэрилтэ хамнас төлөөбөт буоллаҕына, тэрилтэ уонна үлэһит икки ардыгар хамнас боппуруоһа быһаарыллыбатаҕына, Үлэлээх буолуу иниспиэксийэтигэр сайабылыанньа  суруйар бырааптааххыт.

Хамнас төлөммөтөх кэмиттэн биир сыл устата суукка үҥсүү түһэриэххэ сөп. Ол болдьох аастаҕына, үҥcэр быраапкыт cүтэр. Үҥсүүгүт 500 тыһ. солк. кыра суумалаах буоллаҕына, суут бирикээһэ тахсар. Онтон 500 тыһ. солк. элбэх суума уонна тэрилтэни кытта мөккүөр баар түгэнигэр, суукка исковой сайабылыанньа суруйуохха наада.

Суут бирикээһэ 5 күн иһигэр тахсыахтаах.

Хамнас төлөммөт буоллаҕына, икки нэдиэлэни кэтэспэккэ үлэҕититтэн уурайыаххытын сөп. Тэрилтэ салайааччыта бирикээскэ илии баттыахтаах.

Аны тэрилтэ моҥкуруут  барар түгэнигэр, үлэһит туох бырааптааҕый диэн ыйыппыттара. Бу түгэҥҥэ, сокуон быһыытынан, үлэһиккэ 2 ый иннинэ этиэхтээхтэр, биллэрии (уведомление) туттарыахтаахтар. Киһи үлэтиттэн уурайар күнүгэр үлэлээбит хамнаһа, туһамматах уоппускатын харчыта уонна босуобуйа төлөнүөхтээх. Хоту олорор дьоҥҥо босуобуйа  3 ыйдааҕы хамнаска тэҥнэһэр буолуохтаах. Үлэһит уурайан баран 2 нэдиэлэ устата Үлэ киинигэр учуокка турдаҕына уонна үлэ булбатаҕына киинтэн хамнаһын саҕа төлөбүр көрүллэр. Хоту олорор дьоҥҥо 6 ыйга диэри бэриллиэн сөп.

Кыра оҕолорун көрөн олорор дьахталлар, эмиэ атын үлэһиттэр курдук, тэрилтэ банкрот буолар түгэнигэр үлэлэриттэн уурайаллар.

Онон, үлэһиттэр, быраапкытын билиҥ, сокуону кэһимэҥ уонна үчүгэйдик үлэлээҥ.

Юрист Лизаedersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0