Юрист сүбэтэ: Эн ааккар кирэдьиит ыллахтарына

03.11.2021
Бөлөххө киир:

Александра Владимировна Копцева – чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

Соторутааҕыта миэхэ биир кыһалҕалаах киһи кэлэ сылдьыбыта. Кини аатыгар түөкүттэр 10 кыра кирэдьиити ылбыттар. Онон бу киһи бааннарга кирэдьиитин историята буорту буолбут. Түөкүттэр микрофинансовай тэрилтэ (МФО) саайтыгар киирэн, кини аатыттан кыра-кыра сойуом бөҕөтүн ылбыттар. Бу маннык саайтка регистрацияланан эрэ баран, онлайн-көрүҥүнэн кыра кирэдьиити ылыахха сөп эбит, дьэ, дьикти!. Бэл диэтэр, “Госуслуги” порталга регистрация ирдэммэт. Онон олус сэрэхтээх!

Түөкүттэртэн хайдах көмүскэниэххэ?

— Бэйэҥ кирэдьииттээх историяҕын дөрүн буола-буола бэрэбиэркэлэнэ сырыт. Сылга иккитэ босхо бэрэбиэркэлэнэр көҥүллэнэр.

— “Госуслуги” порталга тус кэбиниэккин көмүскүүр “2 фактордаах аутентификация” диэни туруор. Төһө да 100% көмүскээбэтэр, бастакы атааканы син тохтотуоҕа.

Эн ааккар кирэдьиит ылбыттарын биллэххэ, тугу гыныахха?

1. Булгуччу полицияҕа биллэриэххэ наада, бэрэбиэркэ ыытыллыахтаах, ыйытыктар, IP-аадырыстары бэрэбиэркэлээһин, о.д.а. буолуохтаах. Холуобунай дьыаланы тэрийэртэн аккаастанар буоллахтарына, салгыы прокуратураҕа үҥүс.

2. Микрофинансовай тэрилтэҕэ ыйытык ыытыллар:

— ыйытыкка бу кирэдьиити эн ылбатаҕыҥ туһунан дакаастыыгын;

— сойуом туһунан информацияны сотторору модьуйаҕын;

— туохха олоҕуран сойуом бэриллибитин, бу киһини хайдах бэрэбиэркэлээбиттэрин (пааспары кытары сөп түбэһии, о.д.а.) туһунан информацияны көрдүүгүн;

— дуогабар куоппуйатын, эбэтэр, дуогабары түһэрсии туһунан информацияны көрдүүгүн.

3. Сойуом интэриниэт нөҥүө бэриллибит буоллаҕына, кумааҕы дуогабара суох, СМС нөҥүө бигэргэтиллибит. Онон ханнык төлөпүөн нүөмэриттэн кэлбитин, ханнык счекка харчы түспүтүн (реквизиттэрин) туһунан информацияны биэриэхтээхтэр.

4. Пааспаргын уларытыаххын сөп, тоҕо диэтэр, түөкүн харытыттан харбаппатаҕына, биир эрэ дьыаланан бүтүө суоҕа.

5. Бу хомуллубут дакаастабыллары ылан баран, Кирэдьиит историятын бюротугар сайабылыанньа суруйуохха наада (Кирэдьиит историятын туһунан сокуон 8-с ыстатыйатыгар олоҕуран). Дакаастабыллары итэҕэйдэҕинэ, бюро бэйэтэ бэрэбиэркэ ыытан баран, дьиҥэ суох сибидиэнньэлэри сотуохтаах. Оччоҕо кирэдьиит историята ырааһырар.

6. Туох да көмөлөспөтөҕүнэ, суукка биэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: rg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0