edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ.
Бастатан туран, Байанай ыйа үүммүтүнэн, булчуттарга уруй-айхал буолуохтун! Дьэ, бүгүҥҥү тиэмэм булка-алка сыһыаннаах. Уопсайынан, сокуоннар күн-түүн аайы күүһүрэн иһэллэр. Ол курдук, “Булт-алт туһунан сокуоҥҥа” быйыл элбэх уларыйыылар киирбиттэрэ.
Булчут бултуу барыан иннинэ хайаан да туһааннаах докумуоннарын быһаарсыахтаах уонна бултуу барарыгар барытын илдьэ сылдьыахтаах. Ол докумуоннар манныктар: булт-алт лицензията, сааны илдьэ сылдьарга уонна туһанарга лицензия уонна булчут билиэтэ. Ити докумуоннаргыт барыта баар буоллахтарына, долгуйбакка бултуоххутун сөп. Аны бултуур кэм баар, а.э. булт сезона. Ол болдьох улуустарга араас-араас буолар. Ханнык улууска бултуу бараргытыттан тутулуктаах. Өскөтүн ыйыллыбыт болдьохтон биир күнү да эрдэлээтэххитинэ, сокону кэһэҕит.
Административнай кодекса 8.37 ыстатыйатыгар булт-алт быраабылатын кэстэххитинэ, туох эппиэтинэс күүтэрин туһунан суруллубут.
Ити ыстатыйа бастакы чааһыгар этиллэринэн, бул-алт быраабылаларын кэспит киһи 500 солк. саҕалаан 4000 тыһ. солк. диэри ыстарааптанар, саатын былдьыахтарын, ону таһынан икки сыл устата бултуурун бобуохтарын сөп. Дуоһунастаах сирэйдэргэ (бу иһигэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, чааһынай урбаанньыттар киирэллэр) 20 тыһ. солк. – 35 тыһ. солк. диэри ыстараап олохтонор уонна сааларын былдьатыахтарын сөп.
Ыстатыйа иккис чааһыгар ыйылларынан, биир сыл иһигэр иккистээн булт быраабылатын кэстэххитинэ, ыстараап үрдүүр, киһиэхэ 4000 тыһ. солк. – 5000 тыһ. солк. диэри буолар, өссө биирдэ сааны былдьатыаххытын сөп уонна бултуургутун биир сылтан үс сылга диэри бобуохтарын сөп. Дуоһунастаах сирэйдэргэ ыстараап 35 тыһ. солк. – 50 тыһ. солк. диэри буолар уонна сааҕытын былдьыахтарын сөп.
Булт болдьоҕун кэспит киһи биир сылтан икки сылга диэри бултуура бобуллар. Дуоһунастаах сирэйдэргэ ыстараап 35 тыһ. солк. – 50 тыһ. солк. диэри буолуон сөп.
Аны инспиэктэргэ докумуоннаргытын көрдөрбөт буоллаххытына, бултууру бииртэн икки сылга диэри боболлор, онтон дуоһунастаах сирэйдэр 25 тыһ. солк. – 40 тыһ. солк. диэри ыстарааптаналлар.
Балыктыырга эмиэ ити быраабылалар туттуллаллар.
Уголовнай кодекса 258 ыстатыйатыгар браконьердааһын туһунан ыйылла сылдьар. Буруйу кэспит киһи 200 тыһ. солк. – 500 тыһ. солк. диэри ыстараап төлүөхтээх эбэтэр иккиттэн сэттэ сылга диэри хаайыыга олорор кутталлаах.
Булт быраабылатын кэспит түгэҥҥитигэр, сокуонунан юридическай өҥөнөн туһанар бырааптааххыт, бэрэстэбиитэл эбэтэр адвокат эһигини көмүскүөн сөп.
Онон бултуу барыаххыт иннинэ докумуоннаргытын сааһыланыҥ уонна булт-алт сокуонун кэһимэҥ.
Юрист Лиза, edersaas.ru